Сивцев Айсен Дмитриевич
Сивцев Айсен Дмитриевич (Айсен Дойду) — суруйааччы, драматург, поэт, кыраайы үөрэтээччи.
Олоҕун олуктара
1941 сыллаахха саха суруйааччыта Суорун Омоллоон дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Төрөппүт ийэтэ эрдэ, 7-с кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, өлбүт[1]. 1968 сыллаахха ВГИК бүтэрбитэ.
Дьиэ кэргэнэ, аймахтара
- Аҕата — Сивцев Дмитрий Кононович (Суорун Омоллоон) (14.09.1906—25.06.2005) — Социалистическай Үлэ Геройа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта.
Айар үлэтэ
Биир бэлиэ, чахчыларга олоҕуран сэһэнинэн суруллубут, «Небесные охламоны» диэн XX үйэ 80-с сылларын айар куттаах саха интеллигенциятын туһунан айымньыта буолар.
Аҕатын, Суорун Омоллоон, туһунан
Ахтыыларыттан:
Аҕам, Суорун Омоллоон, аата саха омук баарын тухары, умнуллубакка үйэлэр устун ааттаныаҕа. Дьон-сэргэ кини айымньыларын ааҕарын, кини туппут түмэллэрин сэргиирин тухары. Саха омук тыла уонна культурата тыыннааҕын тухары. Аҕам кэнниттэн кини хаартыскалара, уруһуйдара, туппут дьиэлэрэ, айымньылара, киинэлэрэ, балетка уонна операҕа анаан оҥорбут туруоруулара хаалаллар. Аҕам уһулуччу айдарыылаах киһи этэ. Оҥорбутун-туппутун булгу ситэрэрэ, тиһэҕэр тириэрдэрэ. <…> Аҕам сирдээҕи олоҕун бүтэһик кыайыыта, өлүөн аҕай эрэ иннинэ суруйбут үлэтэ — «Саҥа кэс тыл», аан дойду улуу кинигэтин «Библия» сахалыы тылбааһа. Ити курдук аҕам олоҕор бэриллибит ыйааҕын толору ситэрэн барбыта…— Сивцев Айсен Дмитриевич — Айсен Дойду[2]
Аҕата, Суорун Омоллоон, сырдык кэриэһигэр анаан, көмүллэр күнүгэр (2005 сыл бэс ыйын 28 күнэ) суруйбут «Аҕабар» хоһооно[2]:
Айыылартан айдарыылаах, |
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Россия бочуоттаах кинематографиһа
Айсен Дойду туһунан кэрэхсэбиллээх чахчылар
- Саха Улахан энциклопедиятыгар суруллубутунан, 50—60-с сыллар биир бастакы «стилягалара» эбит[1].
Быһаарыылар
Сигэлэр
- Газета «Эхо столицы» 02.03.2012:Айсен Дойду о духовности, религии и культуре
- Исторический, культурологический журнал «Илин», № 6(47) — 2005:«Как истинный боотур из олонхо…»
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |