Оэлун

Оэлун, Одьолуун, Оэлун-фуджин, Оэлун-экэ (монг. Өэлүн?, ᠥᠭᠡᠯᠦᠨ?; 1221 өлбүтэ[2]) — Эсухэй улахан ойоҕо, кэлин Чингисхан диэн аатырбыт Тэмудьин ийэтэ. Оэлун уонна Эсухэй оҕолоро — уолаттар Дьочи Хасар, Хачуин, Тэмугэ уонна кыыс Тэмулун.

Биография

«Кистэлэҥ сэһэн» этэринэн, Оэлун олхонут уустан (хонгират салаата) төрүттээҕэ. Кини аймахтарын туһунан аҕыйах биллэр, «Кистэлэҥ сэһэн» уонна «Джами ат-таварих» төрүттэргэ кини бырааттарын Буту, Олар-гургэн уонна Кингэйэдэй-нойон туһунан ахтыылар хаалбыттара. Кэлин кинилэр Чингисхан аармыйатыгар мэҥэнэй буолбуттара.

Эдэр сааһыгар (уон алта сааһыгар сабаҕылыылларынан) Оэлун Чилэдү диэн үтүө төрүттээх Тохто-бэки мэркиит салайааччытын быраатыгар суорумньулубута. Күтүөттээчи көс сиригэр төннө иһэллэригэр Эсухэй нойон уонна кини убайдарын тоһуурдарыгар түбэһэллэр; Чилэду куоппута, Оэлун Эсухэй сүрүн ойоҕо буолар, киниэхэ биэс уолу төрүтэр: түөрт уолу (Тэмуджин — хойут Чингисхан, Хасар, Хачиун, Тэмугэ) уонна Тэмулун диэн кыыһы. 1171 сыллаахха Эсухэй өлбүтүн кэннэ кини чугас дьоно урукку салайааччы дьиэ кэргэниттэн барбыттара, хас да сыл устата Оэлун оҕолорун кытта дьадаҥытык олорбуттара.

Биэс оҕолорун таһынан, Оэлун хас да иитэ ылбыт оҕолоро эмиэ биллэллэр: кинилиртэн үстэрэ — Кучу, Кокочу уонна Борохул нойон-мэҥэнэйдэр буолбуттара, төрдүс оҕо татаардар уустарыттан Шиги-Хутуху үрдүкү судьуйа буолбута. Алтани диэн иитэ ылбыт кыыһа буолуон сөптөөх. Кини Чингисхан кыра уолун Толуйу күрээйэх татаардан көмүскээбит.

Кэлин Чингисхан Оэлуну хохотан уустан Мунлик-эчигэҕэ кэргэн биэрбитэ. Хаан ийэтигэр кураластартан уонна олхонуттартан үс тыһыынча киһини анаабыта.

1221 сыллаахха Оэлун өлбүтэ, уолаттарын икки ардыларыгар охсуһууну кыайан тулуйбакка буолуо: импиэрийэҕа былааһы ылар сыалтан, Чингисхан утарсааччылара кинини кыра бырааттарын утары туруорбуттара, ордук Хасары кытта, ол түмүгэр хаан аймаҕын чилиэннэрин сыһыаннара улаханнык мөлтөөбүтэ.

1266 сыллаахха Хубилай хаан Оэлун сиэнэ, киниэхэ Сюаньи хуанхоу — «огдообо императрица» диэн ааты иҥэрбит.

Аатын үйэтитии

Цонжин-Болдогка ааттаах Чингисхан паамытынньыгын утары (500 м), «Ийэ Оэлун» диэн хаан ийэтигэр аналлаах мемориальнай комплекс турар[3].

Быһаарыылар

  1. China Biographical Database (англ.)
  2. Hoelun Khan - Registros históricos y árboles familiares. MyHeritage. Сигэнии күнэ: 4 Балаҕан ыйын 2020. Архивировано 24 Сэтинньи 2020 года.
  3. AFINAPOST. Мемориальный комплекс 'Золотой кнут' и памятник Чингисхану. Турбина.ру — крупнейшее русскоязычное туристическое сообщество. Сигэнии күнэ: 13 Ахсынньы 2022.

Литэрэтиирэ

Категориялар