Эсухэй

Эсухэй (монг. Есүхэй баатар?, ᠶᠢᠰᠦᠭᠡᠢ
ᠪᠠᠭᠠᠲᠤᠷ
?, баатур (багатур) — «дьоруой», «килбиэннээх сэрииһит», «боотур»[1]; кур. 1134 — кур. 1171) — Чингисхаан аҕата. Монгуол уустарын баһылыга. «Монгуоллар кистэлэҥ сэһэннэригэр» Эсухэйи боотур уонна хаан диэн ааттыыллар. Бордьигин ууһун төрүттээччитэ.

Төрүтэ

Эсухэй Бартан-баатур үһүс уола этэ, Хабул-хаан диэн бастакы бары монгуол хааннарын сиэнэ этэ[2]. Хабул-хаан сэттэ уоллаах этэ, кинилэртэн Кият дьиэ кэргэнэ төрүттэммитэ[3].

Итиччэ элбэх быһаччы утумнааччылаах эрээри, Хабул-хаан былааһы сыганыгар Амбагайга хаалларбыта. Хабул-хаан уонна Амбагай сыһыаннара уопсай хос эһэлэрэ Хайдуттан саҕаланар. Хайду үс оҕолоох этэ: Байшингор-Догшин, Чарахай-Линху уонна Чаоджин-Ортегай. Хабул-хаан Байшингор-Догшин сиэнэ этэ, Амбагай Чарахай-Линху сиэнэ этэ. Амбагай-хаан уонна атын удьуордар тайдьуут ууһу төрүттээбиттэрэ[4].

Аныгыскы хаан Хутула-хаан Эсухэй убайа уонна Хабул-хаан төрдүс уола этэ. Эсухэй ураты Бартун-баатур үс уоллаах этэ: Мунгэтү-Киян, Нөгүн-тайджи уонна балыс — Даритай-отчигин.

Биография

undefined

Татаардары кытта сэрии иннинэ, булт кэмигэр Эсухэй Чилэдү мэркиты уонна кини олхонут уустан ойоҕун көрсүбүтэ. Кыыс кэрэтиттэн сөҕөн, бырааттарын Нөгүн-тайджины уонна Даритай-отчигины ыҥыран төннөн кэлэн, кыыһы былдьаан ылбыт. Оэлун Эсухэйга Тэмудьинтан ураты, өссө үс уолу төрөппүтэ: Хасар — 1164 сыллаахха, Хачиун — 1166 сыллаахха, Тэмугэ — 1169 сыллаахха уонна кыыһы Тэмулуну 1170 сыллаахха[5]. Иккис ойоҕо Сочихэл икки уолу төрөөбүтэ, Бэктэр уонна Бэлгүдэй.

Быһаарыылар

  1. Fleischer C. Bahādor (англ.). Encyclopædia Iranica (15 Ахсынньы 1988). Сигэнии күнэ: 22 Сэтинньи 2010. Архивировано 29 Олунньу 2012 года.
  2. Монгольский обыденный изборник. § 52 // Сокровенное сказание. Монгольская хроника 1240 г. ЮАНЬ ЧАО БИ ШИ..
  3. Цитата сыыһата: Сыыһа <ref> тиэк (тег); Рашид 1.1.С.155 диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох
  4. Сокровенное сказание, § 47, § 48
  5. Гумилёв Л. Н. Монголы и меркиты в XII веке(кыаллыбат сигэ)//Ученые записки Тартуского гос. ун-та, 1977. — N 416: Studia orlentalla et Antiqua: П. — C. 74—116.

Литэрэтиирэ

  • Монгольский обыденный изборник // Сокровенное сказание. Монгольская хроника 1240 г. ЮАНЬ ЧАО БИ ШИ. / Перевод С. А. Козина. — М.—Л.: Издательство АН СССР, 1941. — Т. I. — С. 79—199.
  • Лубсан Данзан. Алтан Тобчи («Золотое сказание»). — М.: Наука, 1973. — Т. 1, кн. 1.
  • Рашид ад-Дин. Сборник летописей / Перевод с персидского Л. А. Хетагурова, редакция и примечания профессора А. А. Семёнова. — М., Л.: Издательство АН СССР, 1952. — Т. 1, кн. 1.
  • Рашид ад-Дин. Сборник летописей / Перевод с персидского О. И. Смирновой, редакция профессора А. А. Семёнова. — М., Л.: Издательство АН СССР, 1952. — Т. 1, кн. 2.

Эбии бу тиэмэҕэ