Тэмугэ
Тэмугэ (монг. Тэмүгэ?, ᠲᠡᠮᠦᠭᠡ?; 1168? — 1246) — Чингисхаан иниилэриттэн биирдэстэрэ.
Биография
Тэмугэ Эсүхэй уонна Оэлун төрдүс уоллара этэ. «Монгуоллар кистэлэҥ сэһэннэрэ» этэринэн, «Тэмудьин 9 саастааҕар, Тэмугэ үс саастаах этэ». Дьиэ кэргэҥҥэ саамай кыра уол буолан, аатыгар «отчигин» диэн сыһыарыыны ылбыта, ол иһин Тэмугэ-Отчигин эбэтэр Отчигин курдук ааттанар. Оҕо уонна эрдэҕэс оҕо сааһыгар ийэтиттэн уонна убайдарыттан атаахтаммыта, силик олоххо тардыһыылаах этэ, ол гынан баран «хорсун, күүстээх уонна кыргыһыыга түргэн»[2] этэ ону өстөөхтөр даҕаны ылыммыттара. 1207 сыллаахха Чингисхаан, бүтүн Монголия толору бырааптаах баһылыга буолан, судаарыстыбаннай дьыалалары тэрийэр кэмигэр, Тэмүгэ уонна кинилэр ийэлэрэ Оэлун ордук элбэх сири уонна кулуту ылбыттара[3].
Ойуун Кокочу (Тэп-Тэҥри) былааһы бэйэтигэр тардар буолбутугар, Чингисхаан көҥүлүнэн Тэмүгэ тустуу кэмигэр Кокочуну өлөрбүтэ. Чингисхаан сэриилии айанныырыгар Монголия (өбүгэ дойдулара) Тэмүгэ кэтэбилигэр хаалаллара. Тэмүгэ бэйэтин өйдөөх бэлиитик уонна сатабыллаах тойон быһыытынан көрдөрбүтэ, кини ийэтин Оэлунаны кытта Монголияны уһун сэриилэһии хампаанньаларыгар сылдьар убайдарын суохтарыгар салайбыта.
1241 сыллаахха Тэмүгэ Чингисхаан уола улуу хаан Угэдэй өлбүтүн кэннэ сүрүн политическай аренаҕа киирэ сатаабыта. Ол кэмҥэ Угэдэй уола Гуйуг Арҕааҥы айаҥҥа сылдьыбытыттан сылтаан, Тэмүгэ-отчигин бүрүстүөлү былдьыы сатаабыта, ол гынан баран кинини Угэдэй огдообото уонна Гуйуг ийэтэ Дөргөнэ утарбыта. Гуйуг 1246 сыллаахха курултайга саҥа улуу хаанынан талыллыбытын кэннэ, Тэмугэ өлөрүллүбүтэ, ону тэҥэ Дөргөнэ хас да монгуол уонна омук сүбэһиттэрэ өлөрүллүбүттэрэ.