Кривошапкин Николай Иосифович
Кривошапкин Николай Иосифович (Кырбаһааҥкын атыыһыт) — Өймөкөөн улууһуттан төрүттээх XIX үйэ иккис аҥарыгар, XX үйэ саҕаланыытыгар биллибит саха атыыһыта, мэссэнээт.
Өймөкөөн-Бороҕон нэһилиэгэр Тарыҥ Үрэх диэн сиргэ Осип Николаевич Кривошапкиннаах диэн сэниэ ыалга төрөөбүт. Бу ыаллар үс уол, түөрт кыыс оҕолоохторуттан Ньукулай — улахан уол.
Үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн эдэр уол дьоно өлүүлээбит баайдарын матайдаан-ыһан кэбиспит. Онтон кэлин өйүн тутан баран маҥнай бэдэрээччиттээбит. Ол өлөрбүт харчытынан табаар атыылаһан, ону Баһылай Харысхал ахтарынан, Чурин диэн нуучча бөдөҥ атыыһытын кытта Халымаҕа бииргэ эргиммит. Оччотооҕуга сыллааҕы эргиирэ биир мөлүйүөҥҥэ тэҥнэспит атыыһыкка I гильдияны иҥэрэллэрэ. Маннык атыыһыт тас дойдуну кытта эргинэр быраабы ылара.
1860 сыллаахха халыҥ хаар уонна уһулуччу тымныы дьыл туран, быстарбыт дьоҥҥо, 23 саастаах эдэр киһи сүөһү түҥэппит. Онон эдэр сааһыттан амарах сыһыанынан биллибит. 1880 сыллаахха Мэмээл эбээннэрэ быстарбыттарыгар аһынан-таҥаһынан көмөлөспүт, таба атыылаһан биэртэлээбит. Чугас ыалларын сааһын тухары да салҕыы олорбут…
Дьону тэрийэн, хамнастаан Өймөкөөнтөн Алдан өрүскэ диэри суол-иис солоппут, муосталары туттарбыт. Ол курдук, 1920 сыллаахха Байаҕантай улууһугар суол тутуутугар анаан 10 тыһыынча солкуобайы биэрбитэ эмиэ биллэр. Өймөкөөн Томторугар таҥара дьиэтин, оскуоланы астарбыт. Дьокуускай куоракка оскуола туттарбыта, кыаммат ыал оҕолор олорон үөрэнэллэригэр анаан мөссүйүөн тэрийбитэ. Байаҕантай уонна хоту улуустар ыччаттара үөрэнэллэригэр улаханнык көмөлөспүтэ.
Наука, культура сайдыытыгар атыыһыт улахан болҕомтотун уурара. Холобур, Индигир уонна Халыма өрүстэр тардыыларын чинчийэр «Саха аймах» культурнай-сырдатар обществоҕа 10 тыһыынча солкуобайы уу харчынан биэрбиттээх. 1912 сыллаах Туспа урдус-сахалар сийиэстэригэр Н. О. Кривошапкин биир тыһыынча солкуобайдаах сиэртибэни «императорскай стипендия» аныырга уонна Романовтар династияларын 300 сылын бэлиэтиир тэрээһиҥҥэ кытта барар депутация чилиэннэригэр анаан биэрбитэ.
Араас кэмҥэ атыыһыкка суруксутунан суруйааччы уонна чинчийээччи Сибиряковскай экспедиция кыттыылааҕа Н. С. Слепцов үлэлээбиттэрэ. Оттон кини сүүмэрдээн үөрэххэ ыыппыт уолаттарыттан П. А. Винокуров-Куоҕас Өймөкөөн улууһун тэрийээччи, М. Н. Винокуров-Индигирскэй нэһилиэнньэни хоргуйууттан быыһаабыт салайааччы, И. С. Слепцов маҥнайгы учуутал, Н. М. Заболоцкай-Чысхаан суруйааччы, Д. П. Винокуров атыыһыт тиһэх суруксута буолуталаабыттара[1].
1926 сыллаахха 95 сааһыгар өлбүтэ.
Атыыһыт туһунан кинигэ суруллубута: С. М. Егоров «Өймөкөөн аатырбыт баайа»
Наҕараадалара
- Сибэтиэй Станислав 3-с истиэпэннээх уордьана
Литэрэтиирэ
И.Л. Романова Лики истории, историко-исследовательский проект. — Якутск, 2020. — 312 с. — 1000 экз.
Быһаарыылар
- ↑ Урукку дьыллар уорҕаларыгар: Өймөкөөн улуу атыыһыта. Г.Андросов. «Саха Сирэ» хаһыат, 20/09, 2012