Кара-Койунлу
Кара-Койунлу (туроктыы «хара-хойдоохтор» диэн суолталаах) — XIV—XV үйэлэргэ Азербайдьааҥҥа, Арменияҕа, Иракка, хотугулуу илиҥҥи Ирааҥҥа уонна илиҥҥи Турцияҕа баар буола сылдьыбыт түүр тыллаах уонна мусульман-шиит баһылыктардаах оҕус биистэрин дойдулара[1].
Төрүттэрэ
Кара-Койунлу баһылыктара Бахарлы диэн оҕус бииһин Ивэ аҕа ууһуттан төрүттээх этилэр[3]. Кинилэр XIV үйэҕэ Ван күөлтэн хоту диэки уонна Иракка баар Мосул куорат таһыгар олорбуттар[4]. Кара-Койунлу ахсааныгар Бахарлу, Саадлу, Караманлу, Алпаут, Духарлу, Дьагирлу, Хадьилу, Агачери диэн ааттаах биистэр бааллара. Моҕол сэриитин кэмигэр тонноотулар кинилэр Арҕааҥҥа Азия диэки куоппуттар[2]. Олортон саамай күүстээх уонна баһыйар биистэр Бахарлу уонна Саадлу этилэр.
Аан маҥнай Кара-Койунлу баһылыктара Дьалаир диэн туркоман аҕа ууһуттан тутулуктаах этилэр. 1382 сыллаахха Абу Наср Кара-Муһаммад (Байрам Ходьи-бэк диэн ааттаах тойон уола) Дьалаирдары утары өрө турбут, Тэбризкэ уонна Илиҥҥи Анатолияҕа күүһүн түмэн баран туспа дойду тэрийбит. Бу курдук, Кара-Муһаммад (1380—1389) Кара-Койунлу дойдутун тэрийбит. Бу дойду тутула Дьалаир киэнин кытта биир этэ уонна Чыҥыс Хаан саҕанааҕы моҕол дойдутун тутулугар майгыныыр этэ[4]. Кэлин бу сири Тамерлан кэлэн сэриилээбит. Кара-Койунлулар хотторон арҕаа, Осман империятыгар куоппуттар.
Кара-Муһаммад өлбүтүн кэннэ саҥа баһылык Кара-Йусуф буолбут. Кини 1395 сылтан 1403 сылга уонна 1406 сылтан 1420 сылга диэри баһылыктаабыт. Тамерлан өлбүтүгэр Кара-Йусуф кини уолун, Миран-шаһ утары сэриинэн барбыт уонна Аһмад-султан диэн Дьалаир баһылыгын кытта холбоспут. Бастаан Кара-Йусуфу уонна Аһмады-султан Баҕдад куораты сэриилээн ылбыттар, ол гынан баран кэлин аны ол куораты былдьаһан бэйэлэрин истэригэр сэриилэспиттэр. Кара-Йусуф хотторон Мамлүктэргэ куоппут.
Аһмад-султан Ак-Койунлулар Эрзиндьааҥҥа сэриинэн барбыттарынан туһанан Кара-Койунлуну сэриилээбит, ол эрээри 1410 сыллаахха Шанби-Газан диэн сиргэ буолбут кыргыһыыга хотторбут. Аһмад-султан уонна кини оҕолоро ол кыргыһыыга өлбүттэр. Кара-Йусуф Аһмад-султан сирдэрин, ол аата Ирагы, Арменияны уонна ыаллыы сытар сирдэри баһылаабыт. Кара-Койунлу киин куората Тэбриз (хотугулуу илиҥҥи Ираан) буолбут. Мантан ылата Кара-Койунлу күүһүрүүтэ саҕаламмыт[5]. Кара-Койунлулар бэйэлэрин «падшах-и Иран» (پادشاه ایران), ол эбэтэр «Ираан падишаһтара» диэн ааттаналлара уонна урукку Хулагу дойдутун салҕааччытын оруолун ылыммыттара[6].
Кара-Койунлу сүрүн өстөөҕө Ак-Койунлу буолбут. Ак-Койунлулар уонна Кара-Койунлулар төһө да биир тыллаах, култууралаах уонна төрүттээх буолбуттарын иһин, эстэн сүтүөхтэригэр диэри тохтоло суох сэриилэһэн тахсыбыттар.
Кара-Йусуф кэннэ кини оҕолоро баһылыктаабыттара: Искандар-хаан (1420—1429 уонна 1431—1435 сылларга) уонна Абу Саид-хаан (1429—1431 сылларга), ол кэнниттэн Дьаһан-шаһ (1436—1467 сылларга баһылыктаабыт). Дьаһан-шаһ Кара-Койунлу баһылыктарыттан бастакынан бэйэтин «султан» дэнэммит.
1467 сыллаахха Дьаһан-шаһ Муш диэн сир аттыгар Ак-Койунлу баһылыгын Узун-Хасаны утары кыргыспыт уонна ол кыргыһыыга өлбүт. Ол кэннэ Ак-Койунлу Кара-Койунлу сирин сэриилээн ылбыт[7][8].
Эбии көр
Быһаарыылар
- ↑ Энциклопедия Британника. «Iraq» диэн ыстатыйа, «History» бөлөх, «The Turkmen (1410—1508)»
- ↑ 2,0 2,1 Рыжов К. В. Кара-Коюнлу // Все монархи мира. Мусульманский Восток. VII—XV вв. — М. : Вече, 2004.
- ↑ Peter B. Golden, «An Introduction to the History of the Turkic Peoples», p. 367—368.
- ↑ 4,0 4,1 Clifford Edmund Bosworth. «The new Islamic dynasties: a chronological and genealogical manual». — Edinburgh University Press, 2004 — p. 273—274 — ISBN 0-7486-2137-7
- Вече, 2004. — С. 225. — ISBN 5-94538-301-5, ББК 63.3 (5) P 93
- ↑ Bert G. Fragner, «The Concept of Regionalism in Historical Research of Central Asia and Iran», p. 351
- ↑ Пигулевская И. В., Якубовский А. Ю., Петрушевский И. П., Строева Л. В., Беленицкий А. М.. «История Ирана с древнейших времен до конца XVIII века.» Глава 19. Западный Иран и сопредельные области во второй половине XV в., 1958.
- ↑ М. С. Иванов «История Ирана», Издательство МГУ, 1977. С. 164.
Кинигэлэр
- Мюллер А. История ислама. — М.: Астрель. 2004. — Т. 3-4.
- Восток в средние века / Гл. редкол. : Р.Б. Рыбаков (пред.) и др.; [Отв. ред. Л.Б. Алаев, К.З. Ашрафян]. — Вост. Лит., 2002. — Т. 2. — (История Востока. В 6 т.).
- Рыжов К. В. Все монархи мира. Мусульманский Восток. VII—XV вв. — М. : Вече, 2004.
- Bosworth, Clifford. The New Islamic Dynasties, 1996.
- Morby, John. Oxford Dynasties of the World, 2002.