Дьадид хамсааһына

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Дьадид хамсааһынын төрүттээччи Исмаил Гаспринскай (1872 сыл)

Дьадид хамсааһына (араб. جديدjadīd "саҥа", араб. جديديةjadīdiyya "саҥардыы" диэн тылтан; кырыым тат.: Usul-i Cedid, тат. Җәдитчелек, башк. Йәдитселек, узб. Jadidchilik) – XIX үйэ бүтүүтүгэр уонна XX саҕаланыытыгар Арассыыйа империятыгар тарҕаммыт исламы саҥардыы (модернизация) туһугар хамсааһын. Дьадид хамсааһынын утары уларыйыылары утарар, былыргы өрө тутар кадим хамсааһына үөскээбитэ. Дьадид хамсааһынын төрүттээччитэ Кырыым татаарын сырдатааччыта уонна политига Исмаил Гаспринскай буолар[1].

Аат

"Дьадид" диэн тыл "усул-и дьадид" (саҥа ньыма) диэн этиигэ аан маҥнай 1898 сыллаахха татаардар мэдрэсэлэрин саҥардыы кэмигэр туттуллубута. Саҥа ньымалары эдэр учууталлар ("мугаллим" арабтыы معلم mu'allem диэнтэн) үөрэхтээһиҥҥэ киллэрбиттэрэ. Ол эрээри Оренбургдааҕы мусульманнар салалталара "саҥа ньымалары" өйөөччүлэри, кинилэр арааб тылынан буолбакка татаардыы үөрэтэллэрин, математика уонна география курдук "европалыы" уроктары киллэрбиттэрин утарбыттара[2].

Төрүттэр

Арассыыйа империятыгар нэһилиэнньэ омугунан буолбакка, итэҕэлинэн арахсар этилэр. Ол иһин мусульманнар омуктарыттан тутулуга суох биир бөлөх курдук этилэр уонна кинилэри дьаһайар биир тэрилтэ баар этэ – Оренбургдааҕы духуобунай салалта. XIX үйэҕэ Арассыыйа сайдыыта мусульманнарга улахан кыһалҕаны туруорбута: бүтүн дойдуну кытта тэҥҥэ сайдыы, эбэтэр уларыйыылары утарсыы, былыргы олоҕу-дьаһаҕы тутуһуу. Бу курдук мусульманнар быыстарыгар дьадид ("саҥа") уонна кадим ("былыргы") өйөөччүлэригэр арахсыы саҕаламмыта. Ону таһынан түүр тыллаах мусульманнарга Осман империята холобур буолбута. Онно дьадид хамсааһына түүр сомоҕолоһуутун (пантүркизм) идеяларын өйүүр этэ.

История

Дьадид хамсааһынын төрүттээччитэ Кырыым татаара сырдатааччы уонна политик Исмаил Гаспринскай этэ[3]. Кини 1883 сыллаахха "Тардьуман" ("Тылбаасчыт") диэн сурунаалы Кырыым татаардыы уонна нууччалыы таһааран саҕалаабыта. Ону таһынан Исмаил Гаспринскай ол сыл Бахчисарайга саҥа ньымаларынан үөрэтэр оскуоланы арыйбыта. Гаспринскай дьахталлар үөрэхтээһиннэригэр улахан болҕомто уурара.

1905 сыл атырдьах ыйын 15 күнүгэр Исмаил Гаспринскай уонна дьадид хамсааһынын өйөөччүлэрэ Иттифак ал-Муслимин (اتفاق المسلمين: Мусульманнар холбоһуктара) диэн баартыйаны тэрийбиттэрэ уонна 150 дьокутааттаах бастакы мунньаҕы Алын Новгорокка ыыппыттара[4][5]. Бу дьокутааттар Кырыымтан, Соҕуруу Кавказтан, Уралтан, Түркистантан уонна Сибииртэн мустубуттара. Иттифак ал-Муслимин баартыйа дьокутааттара Гос. Думаҕа хас да миэстэлээх этилэр. Бу баартыйа көхтөөх кыттааччыларыттан маннык дьону ахтыахха сөп: узбек төрүттээх, Самарканд куорат аныгылыы санаалаах итэҕэллээҕэ (муфтий) Маһмуд-ходьа Бэһбудин[6]; Петербургдааҕы имам, 1912 сыллаахха Кораны татаар тылыгар тылбаастаабыт Муса Бигеев; Сибиир татаардарын итэҕэллээҕэ (имам), шииттэр уонна сунниттэр утарсыыларын тохтото сатаабыт Абдурашид Ибрагимов.

Түркистан автономиятын былааҕа

1908 сыллаахха Осман империятыгар буолбут "Эдэр түүрдэр" өрөбөлүүссүйэлэрэ дьадид хамсааһыныгар саҥа күүс биэрбитэ. 1908 сыллаахха дьадидтар Оренбург куоракка "Шура" (شورا, Сүбэ) диэн сурунаалы таһааран саҕалаабыттара. 1917 сыллаахха Арассыыйа империята ыһыллыбытыгар Ташкент сиригэр Шура-и-Ислам (Ислам Сүбэтэ)[7], оттон Кокандка Түркистан автономията тэриллибиттэрэ[8].

Дьадид хамсааһынын дьоно Сэбиэскэй былааска араастык сыһыаннаспыттара. Сорохторо Сэбиэскэй былааһы өйөөбүттэрэ уонна социалистыы өрөспүүбүлүкэлэри тэрийэргэ кыттыспыттара (Файзулла Ходьаев[9], Абдурауф Фитрат, Садриддин Айни, Мирзо Муһиддин Мансуров, Мадьид Кадыри), онтон атыттара Сэбиэскэй былааһы утарбыттара уонна басмач хамсааһыныгар кыттыбыттара (Усман Ходьа)[10].

Политическай көрүүлэрэ

Дьадид хамсааһыныгар Европатааҕы политическай санаалар, ордук конституционнай көрүүлэр уонна Осман империятыгар тарҕаммыт "Эдэр түүрдэр" хамсааһын күүскэ дьайбыттара. Дьадидтар парламентаризмы өйүүр этилэр[11], кинилэр санааларыгар бу систиэмэ ислам ытык кинигэтигэр Кораҥҥа "шура" (сүбэ) диэн өйдөбүл буолан сылдьар. Дьахталлар талар кыахтаналларын өйүүр этилэрэ[12]. Дьадидтар аан маҥнай Конституциялаах ыраахтааҕы былааһын (нууч.: Конституционная монархия) өйүүллэрэ[10], ол эрээри 1917 сылтан ылата кинилэр ордук өрөспүүбүлүкэ тутулун өйүүр буолбуттара.

Дьадид хамсааһына сирдэринэн

Кавказка

Кавказка дьадид хамсааһыныгар олоҕуран Азербайдьаан "Мусават" баартыйата тэриллибитэ. 1917 сыллаах өрөбөлүүссүйэ кэннэ бу баартыйа Азербайдьааны салайбыта. Дагестааҥҥа дьадид идеяларын тарҕатааччы Нухай Батырмурзаев диэн ааттаах түүр тыллаах кумык киһитэ буолбута[13].

Казахстаҥҥа

Арассыыйа империятын кэмигэр билиҥҥи Казахстаан сирин духуобунай киинэ Оренбург куорат этэ. Манна 1891 сыллаахха дьадидтыы Хусаиния диэн мэдрэсэ (оскуола) аһыллыбыта. Бу мэдрэсэҕэ "Каһаах тылын үөрэтии уопсастыбата" тэриллибитэ[14].

Кинигэлэр

  • Басыров А.Х. Джадидизм. Уфа, 2009. - автореферат диссертации.
  • Батыев С. Г. Татарский джадидзм и его эволюция // История СССР. — 1964, № 4.
  • Брагинский И. С. О природе среднеазиатского джадидизма в свете литературной деятельности джадидов // История СССР,-1965.-№ 6.-С.26-38.
  • Валиханова В. С. Джадидизм: возникновение и сущность // История национальных политических партий России. — М., 1997.
  • Вахабов М. Г. О социальной природе среднеазиатского джадидизма и его эволюции в период великой октябрьской революции// История СССР.-1963.-№ 2.-С.35-56.
  • Гафаров Н. У. Культурно-просветительская деятельность джадидов в Бухарском эмирате, начало ХХ века. Душанбе, 1999. (автореферат)
  • Гафаров Н. У. Джадидизм в Средней Азии в конце ХIX в. — начале XХ в. Душанбе, 2014. (автореферат)
  • Косимов Б., Миллий уйгониш: жасорат, маърифат, фидойилик. Тошкент: Маънавият, 2002
  • Исхаков Д. М. Феномен татарского джадидизма: введение к социокультурному осмыслению.-Казань: Иман, 1997.-80с.
  • Маликов А.М. Самаркандские реформаторы начала ХХ века: Исаходжа Ширинходжаев // ХХХ международный конгресс по источниковедению и историографии стран Азии и Африки: к 150-летию академика В.В.Бартольда (1869-1930). Материалы конгресса. т.1. Спб.: Студия «НП-Принт», 2019. - с.473-475.
  • Махмудова Г. Т. Джадидское движение в Туркестане и его влияние на развитие нравственно-эстетической мысли: Автореферат дисс. канд.филос.наук.-Ташкенг, 1996.-26с.
  • Мирза-Ахмедова П. М., Рашидова Д. А. К изучению джадидского движения // Общественные науки в Узбекистане.- 1990.-№ 7.-С.30-40
  • Туркестанский Г. Кто такие были джадиды.-Ташкент,1926.-22с.
  • Хакимов Р. С. Джадидизм (реформированный ислам). — Казань: Институт истории АН РТ, 2010. — 208 с. ISBN 978-5-94981-153-5
  • Ходжаев Ф. Джадиды // Очерки революционного движения в Средней Азии,- М.,1926. -С.6-12
  • Худайкулов А. М. Просветительская деятельность джадидов Туркестана (конец XIX -начало XX вв.): Дисс.канд.ист.наук.-Ташкент, 1995,-148л.
  • Эргашев Б. Х. Из истории становления и развития общественно-политических идей джадидизма. Идеология младобухарцев: Дисс.д-ра филос.наук.-Бухара, 1993.-316с.
  • Khalid Adeeb. The politics of Muslim cultural reform. Jadidism in Central Asia. University of California press, 1998.

Быһаарыылар

  1. Каримов Н. Возникновение джадидизма как первоосновы национальной идеи
  2. Мухаметшин Р., Исхаков Д. Идеологические разногласия между представителями кадимизма и джадидизма // «Гасырлар авазы — Эхо веков», № 2, 2007
  3. Каримов Н. Возникновение джадидизма как первоосновы национальной идеи
  4. Кульшанова А. Национальная идея в программных документах «Иттифак ал-муслимин»
  5. Свет и тени партии «Мусават»
  6. Место джадидов в развитии узбекского просвещения
  7. Брежнева С. Н. Передовая культура джадидов в Средней Азии // Вестник Оренбургского государственного университета, № 10, 2008
  8. Каримов Н. Возникновение джадидизма как первоосновы национальной идеи
  9. Файзулла Ходжаев — яркая личность на политической арене Бухары начала ХХ века
  10. 10,0 10,1 Брежнева С. Н. Передовая культура джадидов в Средней Азии // Вестник Оренбургского государственного университета, № 10, 2008
  11. Агзамходжаев C. Политизация джадидского движения и выработка им программных проектов будущего устройства Туркестана: 1905—1917 гг. (2008)
  12. Сыйырбеков А. С. Роль и место хаджей-джадидов в развитии мусульманского образования // Молодой ученый. № 4, 2017. С.112-114
  13. Модернизационная идеология и кумыкская литература
  14. Джадидизм и народное образование в Казахстане в конце XIX — начале XX веков