Борисов Антон Ильич

Антон Ильич Борисов (нууч. Борисов, Антон Ильич; 1903 сыл ахсынньы 31 күнэ, Нуораҕана1998 сыл атырдьах ыйын 31 күнэ, Саха сирэ) — тыа хаһаайыстыбатын салаатын Сэбиэскэй үлэһитэ, Үлэ Дьоруойа.

Олоҕо

1903 сыл ахсынньы 31 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар Нуораҕана нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ[1].

Октябрьскай революция кэнниттэн суруйарга, ааҕарга үөрэнэн баран «Ыраас олох» түмсүүгэ киирбитэ. Сири үллэстиигэ, бастакы тыа хаһаайыстыбатын артыалларын тэрийиигэ, революция култууратын ыытыыга көхтөөх кыттыыны ылбыта. Бэйэтэ «Кэскил» артыалы салайбыта, кэлин бу артыал аттыттары кытта холбоһон С. М. Киров аатынан колхуос тэриллибитэ. 1929—1935 сылларга Антон Борисов Дьабыл нэһилиэгин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. Саха сиринээҕи Толорор Киин Кэмитиэтин чилиэнинэн ананан үлэлээбитэ (ЯЦИК). Холбоһуктааһын үлэтигэр үчүгэй көрдөрүүлэрин иһин Борисов 1934 сыллаахха М. И. Калинин илии батааһыннаах Бочуотунай грамотанан наҕараадаламмыта. Онтон 1935 сыл от ыйын 5 күнүгэр Үлэ Дьоруойун аатын сүкпүтэ. 1937 сыллаахха «15 лет ЯАССР» бочуоттаах бэлиэни туппута.

1941 сыллаахха А. И. Борисов Аҕа Дойду улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыта, артиллерист буолбута. 1942 сыллаахха Сталинграды босхолооһуҥҥа кыттыыны ылбыта уонна онно ыарахан бааһырыыны ылан дойдутугар хамыыһыйаламмыта. Бу кэмҥэ кини номнуо КПСС чилиэнэ этэ (1938 сыллаахтан). Дойдутугар эргиллэн кэлэн баран партия райкомун инструкторынан үлэлээбитэ. 1946—1950 сылларга Догдоҥо нэһилиэгин Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлэ, онтон бэйэтэ төрөөбүт нэһилиэгэр Дьабыл нэһилиэгэр анаммыта. 1958 сыллаахха Антон Ильич биэнсийэҕэ тахсар.

Үлэлиирин тухары араас уопсастыбаннай үлэлэринэн дьарыктаммыта — олохтоох сэбиэт депутата, II Бүтүн Дойдутааҕы бастыҥ үлэлээх колхуостаахтар сийиэстэрин кыттыылааҕа, КПСС VIII уонна Бүтүн Дойдутааҕы Сэбиэттэр сийиэстэрин дэлэгээтэ[1].

Аҕа Дойду сэриитин 1 степеннээх уордьанын хаһаайына. Маны сэргэ, элбэх мэтээллэрдээх, ол иһигэр «А5а Дойду Улуу сэриитин сылларыгар килбиэннээх үлэ 1941—1945 сс.» уонна да атын үбүлүөйдээх наҕараадалардаах. 1972 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо[2].

1998 сыллаахха атырдьах ыйын 31 күнүгэр өлбүтэ.

Кэриэстэбил

  • 2015 сыллаахха Антон Ильич Борисов төрөөбүт нэһилиэгэр бэтэрээннэр аллеяларыгар кини мөссүөнүн боруонсаҕа түһэрбиттэрэ.
  • 2016 сыллахха, А. И. Борисов олоҕун сырдатар матырыйааллары Нам улууһун Хатырыгар баар Судаарыстыбаннас түмэлигэр туттарбыттара.

Быһаарыылар

  1. 1 2 Борисов Антон Ильич. Сигэнии күнэ: 12 Сэтинньи 2025. Архивировано 3 Балаҕан ыйын 2021 года.
  2. Борисов Антон Ильич. Сигэнии күнэ: 12 Сэтинньи 2025. Архивировано 3 Балаҕан ыйын 2021 года.

Туттуллубут литература

Сигэлэр