Алексеев Макар Дмитриевич
Алексеев Макар Дмитриевич (1923 от ый 15, Таркаайы нэһилиэгэ, Ньурба улууһа — 2007 балаҕан ый 17) — Аҕа дойду Улуу сэриитин бэтэрээнэ, Ньурба ытык олохтооҕо.
Тулаайах эбитэ аймахтарыгар иитиллибитэ. 1935 сыллаахха Бодох бастакы оскуолатын бүтэрэн баран колхозка үлэтин саҕалаабыт. Конституция колхозка сүүрбэ аҕыс сылы быһа үлэлээбит.
1943 сыллаахха ыам ый 12 күнүгэр Кыһыл Аармыйаҕа ыҥырыллыбыта. 892 стрелковай полк 298 стрелковай дивизия Забайкальскай фронт 36 аармыйатыгар рядовой стрелок быһыытынан Дьоппуон утары сэриигэ кыттыспыт.
1947 сыллаахха кулун тутар 25 күнүгэр дембельга тахсан сельхозка төннөр.
Наҕараадалар
- Аҕа дойду cэриитин II ст. уордьан;
- «1941-1945 сс. Аҕа дойду сэриитигэр Германияны кыайыы иһин» мэтээл;
- «Японияны кыайыы иһин» мэтээл;
- Жуков мэдээлэ.
Литэрэтиирэ
- Знатные люди Нюрбинского улуса / [авт.-сост. И. А. Анисимов]. — Якутск, 2004-. Кн. 2. — Нюрба : Нюрбинская типография, 2009. — 182 с.