Алексеев Василий Дмитриевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Алексеев Василий Дмитриевич (1942 олунньу ый 21, Өҥөлдьө, Марха нэһилиэгэ, Ньурба улууһа) — зоотехник, Ньурба улууһун ытык киһитэ.

Сэбиэскэй Аармыйаҕа сулууспалыыр. «Челябинск-50» кистэлэҥ чааска сулууспалаабыт, 1957 сыллаахха ол чааска атомнай реактор эстибитэ. Старшай сержант быһыытынан сулууспатын бүтэрэр.

Демобилизация кэнниттэн Саха государственнай университетыгар үөрэнэ киирэр.

1969 сыллаахха Маалыкай племстанциятыгар зоотехник быһыытынан ыытыллыбыта. Сыл ааһан Степан Васильев аатынан совхоз Өҥөлдьө салаатыгар салайааччынан туруоруллубут.

1983 сыллаахха Иркутскайга алта ыйдаах сельхоз салайааччылар курстарын ааһар. «Чукарскай» диэн совхоз дириэктэрэ быһыытынан сэттэ сыл үлэлиир.

1991 сыллаахха «Өргөс» диэн крестьянскай хаһаайыстыба оҥорор.

Наҕараадалара

  • Ньурба улууһун ытык олохтооҕо;
  • КПСС обкуомун грамотата

Литэрэтиирэ

  • Знатные люди Нюрбинского улуса / [авт.-сост. И. А. Анисимов]. — Якутск, 2004-. Кн. 2. — Нюрба : Нюрбинская типография, 2009. — 182 с.