Үтүөҕэ баҕарыы

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Үтүөҕэ баҕарыы диэн үтүө, үчүгэй, туһалаах баҕа санаалары дьоҥҥо тириэрдии ааттанар.

Сахалар оҕолорун киһи буолууга үөрэппиттэрин быһаарар этиилэринэн: «Оҕом улаатан мин сатыырбын, кыайарбын барытын оҥорор буолла»,- диэн буолар. Бу этии оҕо төрөппүтэ билэрин билэн, сатыырын сатыырга үөрэнэн төрөппүтүн олоҕун салгыы олорор кыахтаммытын бэлиэтиир.

Оҕоҕо үтүөнү баҕарыы диэн кинини иитии-үөрэтии, өйүн-санаатын сайыннарыы, үлэлэтэ үөрэтэн этин-сиинин эрчийии буоларын сахалар былыргыттан билэллэр.

Оҕону кыра эрдэҕинэ үөрэтиигэ кылгас, аҕыйах тыллаах, үчүгэйдик өйдөнөр этиилэри хос-хос хатылаан, үгэс оҥостон үөрэтии, иҥэринии ордук туһалаах буолар.

Былыргы өс хоһоонноро, холбуу этиилэр киһиэхэ ордук тиийимтиэлэр. Арай оҕолору үөрэтиигэ бу этиилэри таба сыаналаан, быһааран, ырытан, туох суолталаахтарын кэпсээн биэрии эрэйиллэр. «Уу чугаһа, уруу ырааҕа үчүгэй» диэн этиини бу кэлин кэмҥэ сахалыы үөрэтии дириҥээн эрэ толору быһаарар кыахтанныбыт. Бу этии олус дириҥ суолтатын умнаннар кэлин кэмҥэ саха дьоно олохторугар ситэ туһамматтарыттан доруобуйалара мөлтөөтө диэтэхпитинэ аныгы медицинэ да үлэһиттэрэ сөбүлэһэллэр. Кэргэн ылан, оҕо төрөтөн кэлэр көлүөнэлэри үөскэтиигэ туспа хааннаах аймахтар холбостохторуна оҕолорун доруобуйата, этэ-сиинэ бөҕөргүүрүн саха дьоно былыргыттан билэн туһаналлар этэ. Дьон кыахтаах өттүлэрэ ыраах сирдэртэн кэргэн ылан уруу тэрийэллэрэ, хаан аймахтарын тохсус көлүөнэҕэ диэри, сорохтор өссө уон иккис көлүөнэҕэ диэри билэллэрэ, билсиһэллэрэ, ыалдьыттаһаллара былыргы кэпсээннэргэ элбэхтик кэпсэнэллэр.

Саха дьонун олохторун үөрэхтэрэ өс хоһоонноругар кубулуйбуттарын тылыттан тылыгар хатылаан үөрэтии оҕо ийэ кутугар иҥэригэр тириэрдэр. Маннык үөрэтии хаһан да умнуллубат, ахсаан таблицатын билии курдук киһиэхэ өйүгэр-санаатыгар үйэтин тухары иҥэн ууруллар уонна куруук туһалыы сылдьар.

Дьон бары оҕолоругар үтүөнү баҕараллар. Туох барыта икки өрүттээҕин курдук үтүөнү баҕарыы эмиэ икки өрүттээх уонна эмиэ аһара барбатаҕына табыллар. Оҕоҕо үчүгэйи оҥорууну минньигэһи элбэхтик сиэтии, маанытык таҥыннаран баран үчүгэй оонньуурдарынан оонньото сылдьыы уонна бары баҕатын толоруу курдук саныы үөрэммиппит сыыһа.

Биһиги оҕобутугар төһө кыайарбытынан үчүгэйи оҥордохпутуна киниэхэ үчүгэй буолуо диэн төрөппүттэр көнө санаалара куруук баһыйара оҕолорун атаах буола улааталларыгар тириэрдэр. Аһынан-үөлүнэн хатаҕалааһын, маанытык таҥыннарыы уонна бары баҕатын толоруу оҕону атаах буола улаатарыгар тириэрдэр. Оҕону үөрэтиигэ киһи бэйэтэ хайдах улааппытын, туох оонньуурунан оонньообутун, тугу үлэлии үөрэммитин санаан оҕотун сол курдук иитэрэ, үөрэтэрэ эбитэ буоллар өйө-санаата бэйэтигэр маарынныыр буолар.

Олоххо хаһан баҕарар хараҥа түүн кэнниттэн сырдык, күнүс кэлэрин курдук үчүгэй уонна куһаҕан куруук аргыстаһан сылдьаллар, хардары-таары солбуйсан биэрэн иһэллэр. Сахалар «Yчүгэй уонна куһаҕан сэргэстэһэн сылдьаллар» диэн этиилэрэ итини бигэргэтэр. Билигин ааттанар үчүгэй быһыы кэмэ кэллэҕинэ бэйэтэ куһаҕаҥҥа кубулуйар уратытын сахалар былыргыттан билэннэр итинник этэллэр. Бу этии олус дириҥ суолтатынан олох аҥардастыы үчүгэй эрэ өттүн диэки барара табыллыбатын, кыаллыбатын эмиэ быһаарар.

Ааспыт үйэҕэ үчүгэй быһыы куһаҕаҥҥа уларыйара дөбөҥ соҕус эбитин Россия дьоно эттэринэн-сииннэринэн билэллэр. Улуу Октябрьскай революция кыайыыта былыргы өйү-санааны төрдүттэн уларыппыта. Оччолорго үчүгэй диэн ааттанар баайдар, таҥара үлэһиттэрэ бары куһаҕан ааттанан туоратыллар дьоҥҥо киирсибиттэрэ. Атыыһыт, эргинэр киһи «спекулянт», албынньыт буолбута. Ити тосту уларыйыы буолбута үс көлүөнэ ааспытын кэнниттэн коммунистар «Киһи барыта тэҥ», диэн этиилэрэ, үөрэхтэрэ сыыһата, өй-санаа өйдөбүллэригэр сөп түбэспэтэ биллэн төттөрү революцияҕа, аны перестройкаҕа тириэрдибитэ. Үчүгэй эмиэ эргийэн биэрэн билигин баайдар эмиэ үчүгэй дьоҥҥо кубулуйан сылдьаллар.

Киһи оҥорор ханнык баҕарар быһыыта атын дьону таарыйарынан хаһан баҕарар үчүгэй уонна куһаҕан өрүттээх диэн сыаналанар. Холобурга, арыгыны бобуу, суох оҥоруу кэнниттэн арыгыһыт киһи аҕыйах кэмҥэ арыгы испэккэ өйө-санаата оннугар түһэрэ чугас дьонугар чахчы үчүгэйи аҕалар. Арыгыһыт киһи эрэйдиириттэн босхолоно, сынньана түспүт дьон арыгыны бобуу кырдьык үчүгэй эбит диэн быстах санааҕа киирэллэр. Онтон саҥа улаатан иһэр уолаттар, кыргыттар кыайыыны, ситиһиини оҥорор сыалларынан ханна да суох буолбут арыгыны көрдөөһүн, ону булуу уонна иһии буола уларыйыыта уонна бу уолаттар арыгы булбут үөрүүлэригэр элбэҕи иһэннэр аны арыгыга ыллардахтарына арыгыны бобуу ордук куһаҕана, кэлэр көлүөнэлэри өссө күүскэ буортулуура салҕанан баран иһэрэ арыллар.

Билигин төрөппүттэр оҕолорун иитиигэ таба суолу була иликтэр. Биһиги инники үлэлэрбитигэр баай киһи Баһылай Ксенофонтов улахан уолун дьадаҥы дьоҥҥо биэрэн ииттэрэн ылбытын ырытан суруйбуппут. Кини уолаттара бары билигин саха дьоно киэн туттар дьонноро. В.Ксенофонтов оҕолоругар үчүгэйи баҕаран улахан уолун эрэйдэнэн, үлэлээн-хамсаан улааттын диэн дьадаҥы ыалга ииттэрэн ылбыт. Бу үөрэҕи таба сыаналаан олохпутугар туһаннахпытына эрэ кэлэр көлүөнэлэрбит туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улаатыахтарын сөп.

«Благими намерениями вымощена дорога в ад» диэн олус дириҥ суолталаах этии нууччаларга баарын хата икки омук тылын үөрэтэммит бэйэбит олохпутугар туһанар кыахтаахпыт. Бу этии олус дириҥ суолтатын сахалар олохторун үөрэҕин ситэ сыаналаабаккабыт билигин туһана иликпит.

Бу этиини барытын сахалыы «Yтүөнү баҕарыыларынан аакка барар суол бүрүллэр» диэн өйдүөххэ сөп. «Благими намерениями ... « диэн бу этии саҕаланыыта сахалыы үтүөнү баҕарыыларынан диэн этиллэ сылдьар. Биһиги оҕолорбутугар ханнык үтүөнү баҕарарбытын биир-биир ааҕарбытыгар тиийэбит уонна олор туох содуллаахтарын ырытабыт:

- Сэбиэскэй былаас саҕаттан «Барыта оҕолор тустарыгар» диэн ыҥырыыны өрө тутаммыт туох баарбытын барытын оҕолорго аныыбыт. Маанылаан таҥыннарабыт, ас бастыҥын булан-талан аһатабыт. Сахалар олохторун үөрэҕэ этэринэн атаах оҕолору иитэн улаатыннарар эбиппит.

- Биһиги олус күүскэ үлэлиир этибит, онтон оҕобут үөрэхтээх киһи, тойон буолан сынньалаҥнык сылдьыаҕа дии санааттан араас үөрэҕи ыллара сатыыбыт. Ол түмүгэр оҕобут элбэхтик сынньанар, сытар, ыарахан диир үлэтин үлэлээбэт «Сүрэҕэ суох» киһи буола улаатар.

- Кыра эрдэҕинэ ийэ кутун киһилии өйгө-санааҕа ииппэккэ бас-баттах иитиибит түмүгэр эдэрдэр быстах быһыыга түбэһэллэрэ элбээтэ.

Оҕону иитии-үөрэтии бу курдук тиэрэ өттүгэр барыыта баай дьон оҕолорун иитэллэригэр сөп түбэһэр буолла. Киһи барыта тэҥ диэн үөрэҕи тутуһан уонна сэбиэскэй кэмҥэ бары тэҥҥэ байдыбыт диэн санаа киириититтэн баай аймахтар уһун үйэтэ суохтарын, үһүс көлүөнэлэриттэн ыла эстэн-быстан баралларын сахалар былыргыттан билэллэр.

«Yтүөнү баҕарыылары...» кут-сүр үөрэҕин туһанан быһаардахпытына аҥардастыы үтүөнү баҕардахпытына оҕобут үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билбэтин үөскэтэн кинини сыыһа туттууга, быстах быһыыга түбэһэригэр үтүрүйэр эбиппит. Киһи оҥорор бары быһыыларыттан үчүгэй эрэ өттүн оҕоҕо үөрэттэххэ дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын букатын билбэт киһи улаатар. Yчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэргэ үөрэтиллибэтэх оҕо, үчүгэйи оҥоробун дии санаан куһаҕаны оҥороро элбиир. Олоххо үчүгэй уонна куһаҕан куруук бииргэ, аргыстаһан, кэккэлэһэ сылдьалларын хайдах эрэ араартаан биллэххэ эрэ табыллар. Оҕо аан маҥнай куһаҕан диэн хайдаҕын, тугун кыра эрдэҕиттэн билэн, арааран олоҕор туһана үөрэнэрин ситиһиэхтээх эбиппит. Холобур, оҕобутун атаҕастыахтара диэн охсорго, тэбэргэ үөрэтэн баран хаһан, ханнык кэмҥэ охсуолууру, тэбиэлиири туһанары ситэн үөрэппэтэххэ атын дьону кытта сыһыаныгар уруттаан сутуруга тиийэ сылдьар киһини иитэн улаатыннардахпытына киһибит үгүстүк сутуругунан туһанан хаайыыга сытарыгар тиийэр кыахтанарын умнубаппыт буоллар ордук этэ.

Оҕоҕо аан маҥнай куһаҕаны биллэрэн үөрэтии туһалааҕын сахалар билэллэр. Манна итиини, чыычыйы тыыппатын наадатыгар тарбаҕын төбөтүн кыратык хаарыттаран биэрэн сэрэхтээх буоларыгар үөрэтии киирсэр. Маннык кэһэйэн үөрэммит оҕо билбэтин сэрэнэн тутарга түргэнник үөрэммитэ үйэтин тухары туһалыыр.

Төрөппүттэрэ оҕоҕо куруук үчүгэйи, бары баҕара санаабытын барытын оҥорон, толорон истэхтэринэ, оҕолоро куруук ол үчүгэйи оҥотторорго үөрэнэн хаалан аны олоҕун устата оннук салҕанан бара туруон баҕарар. Оннук бэлэми туһанар баҕа санаалаах киһи буола улаатар.

Оҕо куруук үчүгэйи, бэлэми оҥотторо үөрэннэҕинэ өйө-санаата онно үөрэнэн хаалан «Бэлэмҥэ үөрэммит» киһиэхэ кубулуйар, этин-сиинин баҕатын букатын кыаммата арыгыһыт буолууга тириэрдибэтэҕинэ аһара уойарыгар тириэрдэр.

Барыта төрөппүттэрин бэлэмнэригэр үөрэнэн хааллаҕына бэйэтэ кыайан туһалааҕы оҥорор, үлэлиир-хамсыыр кыаҕа аҕыйыыр, суох буолар. Оҕону бэлэмҥэ үөрэтиини киниэхэ үчүгэйи оҥорор курдук санааһын төрдүттэн сыыһа. Саха дьонун олохторун үөрэҕэ оҕо бэйэтэ кыанар буолуоҕуттан кыайар дьыалаларын оҥотторо үөрэтиини эрэйэр. Бу үөрэх үлэһит дьону үөрэтиигэ аналлаах уонна саха дьонун олус уһун үйэлээбит үөрэх буолар.

Yтүөнү баҕарыыны бэйэтин ким да куһаҕан диэбэт. Киһиэхэ үтүөнү баҕарыы хайаан да наада. Yтүөнү баҕарыы үтүө санааны үөскэтэн киһи үтүө быһыылары оҥорорун төрүттүүр. Аҥардастыы үтүөнү баҕарыы өйү-санааны аҥар өттүгэр халытан куһаҕан диэн баарын суох оҥорор. Аҥардастыы үчүгэй эрэ баарын билэн улааппыт киһи куһаҕан диэн тугун арааран билбэккэ аны ону оҥорон кэбиһэр кыахтанар. Сахалар этэллэринэн «Yчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билбэт киһи» быстах быһыыга түбэһэрэ элбиир. Холобурга, сотору-сотору үөрэ-көтө, аһыы-сии, арыгы иһэ бырааһынньыктыы сылдьыы кэнниттэн киһи сотору кэминэн арыгыһыт буолан хаалара ордук хомолтолоох, куһаҕан быһыы буолар.

Кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрин бэлэмигэр үөрэммит киһи бэйэтэ хаалан олоҕу олороору гыннаҕына олус ыарахан балаһыанньаҕа киирэр. Бэйэтэ оҥоро-тута, була-тала үөрэммэтэҕэ таайан барыта-бары кыаттарбата, сатаммата санаатын түһэрэн, олоххо сыалын сүтэрэн арыгыга ылларарыгар тириэрдэрэ эмиэ баар суол.

Биир эмэ оҕолоох, иллэҥ төрөппүттэр барыта оҕо туһугар дии-дии араас баайы-малы мунньунан иһэллэр, оҕолорун бары баҕатын толорон бэлэмнэригэр аһара үөрэтэн кэбиһэллэр. Төрөппүттэр оҕолоругар үтүөнү баҕарар санааларын күүһүттэн оҕолорун инникитин сыыһа сыаналыыллар. Оҕо бэйэтэ оҥорон ситиһэр кыайыытын хаһан баҕарар ордук сыаналыыр, онтон атын дьон оҥорор үтүөлэринэн туһанар эрэ санаата хаһан баҕарар бастаан иһэр.

Этиибит салгыыта «... аакка барар суол бүрүллэр»,- диэн түмүгэ оҕону иитиигэ-үөрэтиигэ быһаччы сыһыаннаах. Аад диэни биһиги истэр, билэр сирбит. Христианскай итэҕэлгэ бары куһаҕаннара барыта мунньустар сирдэрэ. Саха итэҕэлигэр Аллараа дойду диэн аатынан биллэр. Бу дойдуга барыы диэн өлүү-сүтүү суола буолар. Аҥардастыы үтүөнү баҕарыылар киһини ханна тириэрдэллэрэ бу өс хоһоонугар чуолкайдык сурулла сылдьар.

Kиһиэхэ үчүгэйи оҥоруу диэн тугуй? Kиниэхэ туох эмэ туһалааҕы оҥоруу буолар. Онтон туһалааҕы оҥотторуон баҕалаахтар куруук бааллар уонна элбээн иһэллэр. «Моой эрэ баар буоллун, хомуут көстүөҕэ» диэн этии итини эмиэ бигэргэтэр. Оҕоттон тугу эмэни туһалааҕы оҥорорун кэтэһэр буоллахха, бары кыайар үлэлэрин үлэлэтэ үөрэттэххэ, ханан эрэ хайаан да ыктахха эрэ табыллар. Манна «Киһи тутан-хабан көрдөҕүнэ эрэ үөрэнэр» диэн этии баарын эмиэ ахтан аһарар наадалаах. Оҕо бэйэтэ тутан-хабан, этин-сиинин хамсатан үөрэммэтэҕинэ ханнык да үөрэх ситэ тиийбэт, өйүгэр-санаатыгар дириҥник ылыммат.

«Бэйэбин аһара үчүгэйбин» диэн этинии хайҕаныы, киһиргэнии, эмиэ аһара барыы буолар. Kуруук үчүгэйи оҥоруу олус уустук уонна дьоҥҥо соччо кыаттарбат. Kим эмэ кимиэхэ эрэ куруук үчүгэйи оҥордоҕуна анараа киһитэ кини үчүгэйи оҥорорутугар үөрэниитин үөскэтэр. Бу киһиэхэ үчүгэйи оҥоруу кини өйүн-санаатын буорту оҥорон, бэлэмҥэ үөрэнэн хаалыытын үөскэтэр. Бу ордук кэлэр көлүөнэни, оҕолору үөрэтиигэ ордук биллэр. Олус бэлэмҥэ үөрэнэн хаалбыт оҕоттон соччо туһата суох, арыгыһыт эҥин киһи улаатан аймах дьон эстиилэригэр тириэрдэрэ элбэх.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр сыыһа хайысханан барбыт оҕону иитии-үөрэтии төрдүттэн көнөн сахалыы үөрэҕи тутуһан бардаҕына эрэ омукпут сайдар кэскиллэнэр кыахтаах.

Дьон бары үтүө, үчүгэй санаалаах буолуохтарын баҕараллар, бэйэ-бэйэлэригэр үтүөҕэ, үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санааларын этэллэр. Дьоҥҥо үтүө санаалаах буолуу хайаан да наада. Yтүө санаалаах буолуу баһыйдаҕына эрэ олоххо сайдыы ситиһиллэр, олох иннин диэки сыҕарыйар кыахтанар.

«Бэйэтин иннигэр бэрэбинэни да көрбөт» диэн этии киһи бэйэтин туһугар ханнык да куһаҕаны, сыыһаны-халтыны оҥорорун билиммэтин быһаарар. Бу этии киһи санаатыгар ханнык баҕарар оҥорор быһыытын бэйэтигэр туһалаах буоллаҕына үчүгэй диэн быһаарар кыахтааҕын биллэрэр.

Аан дойдуга туох барыта икки өрүттээҕин курдук аҥардастыы үтүө санаа, үтүө быһыы диэн суох. Yтүө санаа, үчүгэй быһыы куһаҕан, хара санааны, быһыыны билэн, туспа араардахха, тэҥнээн көрөн быһаардахха эрэ булуллар, билиллэр. Аан маҥнай куһаҕан санаалары, быһыылары барыларын киһи билэр буоллаҕына эрэ бу билиитигэр тэҥнээн көрөн үчүгэй, үтүө быһыылары быһаарар, араарар, онтон оҥорор кыахтанар. Yтүө санаалаах буолар туһугар аан маҥнай куһаҕан санаалары, быһыылары билэн олору оҥорбот буолуу үөскүүрэ хайаан да наада.

Холобурга, оҕо буору оройугар кутара куһаҕан быһыы, баттаҕын, сирэйин, таҥаһын киртитэрэ эрэйдээх үлэни-хамнаһы элбэтэр. Оччоҕуна үчүгэй оҕо диэн оройугар буору куппат, таҥаһын да мээнэ киртиппэт оҕо ааттанар.

Арыгыны аһара иһэр куһаҕан, онтон сөбүлээн көрөн, мээрэйин билэр киһини үчүгэй киһиэхэ киллэрбэтэрбит даҕаны куһаҕан киһи диэбэппит. Куһаҕан быһыыны урут бастаан билэн онно тэҥнээн үчүгэй быһыы баара быһаарыллар. Арыгыны аһара иһэн кэбиһэр киһи куһаҕан киһи буолаҕына үчүгэй киһи арыгыны аһара испэт киһи буолар.

«Куһаҕаны, үчүгэйи араарбат киһи» диэн куһаҕан быһыы диэн хайдаҕын, тугун арааран билбэт киһи ааттанар. Бу киһи билбэт буолан, «Билбэтигэр тэптэрэн» куһаҕан да быһыылары оҥорон кэбиһэр кыахтанарын саха дьоно билэннэр итинник этэллэр. Сахалар киһи сыыһаны, куһаҕаны оҥорорун атын киһи ордук таба көрөрүн бэлиэтээн «Туора киһи хараҕа кыраҕы» диэн этэллэр.

Сорох саха дьоно билигин үтүө санаалаах буолууну ситиһэллэригэр аҥардастыы саҥаны арыйыы, айыыны оҥоруу диэки салалыннылар, куһаҕан быһыылары кэпсээбэккэ, кистээн истэххэ үчүгэй быһыылар элбиэхтэрэ диэн сыыһа санааҕа ыллардылар. Дьон сайдыылаах, билиилээх өттүлэрэ аҥардастыы саҥаны арыйан сайдыыны ситиһии муҥура кэлэн «Бэстилиэнэй тыһыынча» туоларын чугаһатан иһэриттэн билигин саллар буоллулар.

Дьон-аймах сайдан-үүнэн иһиилэрин иккис өрүтүнэн, билигин саҥа туттуллан эрэр суолунан куһаҕан быһыылары, дьыалалары оҥорбот буолууга өйү-санааны үөрэтиигэ дьэ киирэн эрэбит. Бу быһыы холобурунан дьон олус элбэх атомнай, водородной буомбалары оҥорбуттарын билинэн билигин аҕыйатан, суох оҥорор санааны ылыммыттара, Айылҕаны харыстааһыҥҥа турунан эрэллэрэ буолар.

Куһаҕан санаалары, быһыылары арааран билэр буолуу хас биирдии киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл. Хас биирдии киһи ханнык куһаҕан быһыылар баалларын, дьон тоҕо оҥороллорун билэр эрэ буоллаҕына бэйэтэ оннук быһыылары оҥорбот кыахтанар. Билбэт буолан куһаҕан быһыылары оҥоруу билигин эдэрдэр ортолоругар олус дэлэйдэ.

Куһаҕан санаалартан ыраастанан, умнан, үтүө санааларынан өйү-санааны толоруу хас биирдии киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар. Yтүө санааны элбэтии, иҥэринии атын дьоҥҥо элбэх үтүөнү баҕарыыларынан өйү-санааны толордоххо ситиһиллэр кыахтаах. (1,54).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Үрүҥ айыы буолуу. - Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. - 88 с.