Чурапчы улууһун гербэтэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Чурапчы улууһун дьаралыга
Gerb Churapcha ulus.png
Сиһилии
Олохтоммут күнэ-дьыла 2005 сыл балаҕан ыйын 6
ГГР № 2055
Ааптардар
Дьаралык сааныга А. П. Мунхалов
Компьютернай
дизайн
А. М. Матвеев

Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Чурапчы улууһа» олохтоох тэриллии гербэтэ — бу олохтоох тэриллии биир дьоһун бэлиэтэ буолар. Герб Чурапчы улууһун Сүбэтин 2005 сыл балаҕан ыйын 6 күнүнээҕи 194 №-дээх быһаарыытынан бигэргэтиллибит.[1]

Российскай Федерация Государственнай геральдическай регистрын тиһигэр 2055 №-нэн киирбит.[2]

Гербэ им-бэлиэтэ

"Халлаан күөх хонууга киэҥ көмүс билэ баар, ортотугар хара үс күөх хатыҥ сэбирдэхтэрэ бааллар. Үрдүгэр сэттэ саха алмааһын дугата сытар.

Им-бэлиэни быһаарыы

Гиэрбэ улуус историятын уонна географиятын быһаарар, ол курдук улуус улуу Саха Сирин өрүстэрин икки ардыгар сытар.

Икки халлаан күөх билэлэрэ — өрүстэр. Араҕас билэ — күнүнэн сырдатыллыбыт кылгас сайыннаах орто дойдуну бэлиэтиир. Тоҕус төгүрүмтэ аҥардара историяны тутуһууну көрдөрөр — Чурапчы киинэ тоҕус томторго турарынан биллэр. Хатыҥ лабаата — олох, сир үүнүүлээҕимтиэтин уонна Чурапчы сирин кэрэтин көрдөрөр. Алмаастар Саха Сирин гиэрбэтин стилизациятын эккирэтэллэр, Саха Сирин муниципальнай тэриллиитэ буоларын быһаараллар.

Гиэрбэ ааптардара: Мунхалов Афанасий Петрович (Дьокуускай), компьютерный дизайнын Матвеев Артур Матвеевич (Дьокуускай) оҥорбут.

Өссө маны көр

Быһаарыылар

  1. Решение Собрания депутатов муниципального образования «Чурапчинский улус (район)» № 194 от 6 сентября 2005 года о гербе района.
  2. Государственный геральдический регистр Российской Федерации. Часть 1.

Ылыллыбыт сирэ