Хулагу
Хулагу, Гулагу[3] (1217—1265 олунньу ый 8 күнүгэр, Мераге, Ираан Азербайдьаана) — монгуол сэрииһитэ уонна Персияҕа Хулагуидтар династияларын олохтооччута. Сэриилээбит сирдэри ильхан титулун тутан, Монголия улуу хаанын аатыттан салайбыта[4].
Эдэр сааһа
Толуй уонна Сорхахтани диэн кэрийиит үһүс уола эбит. Чингисхаан өлбүтүн кэннэ хаан бүрүстүөлүн Угэдэй утумнуур, онтон Толуй 1232 сыллаахха Цзинь империятын утары сэриитигэ өлөр, ол иһин Хулагу уонна кини ини-биилэрэ бүрүстүөлү утумнуурга аҕыйах кыахтаахтара. Монгуол Империятын саҥа салайааччыта Хулагу убайа Мункэ буолар. Убайын кытта Кытай сэриилээһинин салҕаабыттар, Инники Азияны сэриилииргэ Хулагуҕа биэрбиттэр.
Хулагу өлүүтэ
Хулагу 1265 сыл тохсунньу ыйыгар ыалдьыбыт. Хас да эмчит баара, ол иһигэр кытай эмчиттэрэ, ол да буоллар сатаан көмөлөспөтөхтөр. Урмия күөл аттынааҕы Шаху диэн хайаҕа көммүттэр. Монгуол сиэринэн бобуулаах сир буолбут[5].
Хулагу 14 уоллаах эбит. Кини өлбүтүн кэннэ, курултай улахан уолун Абаҕа-хааны талбыт, аҕатын балыытыкатын салҕаабыт[6].