Хапсаҕай ньымалара
Хапсаҕай — саха норуотун национальнай тустуута. Хапсаҕай былыр-былыргыттан баар, быраабылата хаһан олохтоммута биллибэт. ЮНЕСКО шедевринэн биллибит олоҥхоҕо орто дойду бухатыыра хараҥа күүстэр бухатыырдарын хапсаҕай тустуу ньыматын сылбырхайдык туһанан кыайбытын туһунан суруллар.
Хапсаҕай туһунан бастакы нуучча суругар киирбитэ этнограф Г.Ф.Миллер суруйууларыгар баар. Онно кини 1937 сыллаахха Дьокуускай куораттан 14 км сиргэ ыһыах ыытыллыбытыгар хапсаҕай туһунан суруйбут. Онтон И.Г.Гмелин, А.Д.Миддендорф, суруйааччы-декабрист А.А.Бестужев-Марлинскай суруйууларыгар хапсаҕай туһунан баара бэлиэтэнэр.
Былыр хапсаҕай ыһыахтарга, улахан урууларга, муҥха кэмигэр, ат сүүрдүүтүн кэмигэр ыытыллара. Онно араас улуустартан аар-саарга аатырбыт баайдар анаан бөҕөстөөх (даадардаах) кэлэллэрэ уонна куөн көрсүһүннэрэллэр эбит. Даадардарын эрдэттэн анаан-минээн үчүгэйдик аһатан-сиэтэн, дьарыктаан, сынньатан аҕалаллар эбит. Кыайыылаахтар бириистэригэр алааһы алааһынан, сүөһүнэн-аһынан ылан бараллара үһү. Онон күрэхтэһии тыҥааһыннаах буолара. Даадардары оҕус тириитинэн бүрүйэн киллэрэллэрэ, утарсааччылар хапсыһыы иннинэ бэйэ-бэйэлэрин керсүбэт этилэр. Үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн, арыт күнү-күннээн хапсаҕайдаһаллара эбитэ үһү.
Билигин саха сиригэр хапсаҕайынан дьарыктанар киһи элбэх. Элбэх биллэр хапсаҕаҋ маастардара бааллар. 1932 сыллаахха аан бастакы официальнай хапсаҕай күрэхтэһиитэ буолбута, автономнай өрөспүүбүлүкэ буолбуппут 10 сылыгар анаан. 1944 сыллаахха дьахталлар тустуулара сайыҥҥы өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиада программатыгар киирбитэ.
1992 сыллаахха «Сахаада-спорт» диэн 8 национальнай спорт көрүҥнэрин сомоҕолуур ассоциация тэриллибитэ. Хапсаҕай күрэхтэһиилэрэ хапсаҕай федерациятын көҕүлээһининэн ыытыллаллар.
2010 сыллаахха алтынньы 25 күнүгэр хапсаҕай, тустуу норуоттар икки ардыларынааҕы федерацията (FILA) уонна «Сахаада-спорт» сөбүлэҥ түһэрсибиттэрэ. Онно этиллэринэн хапсаҕай тустуу биир көрүҥүн быһыытынан аан дойдуга ханна баҕарар ыытыллыан сөп буолбута. Хапсаҕай ньымаларын, албастарын биһиги аатырбыт тустууктарбыт элбэхтик тутталлара, тутталлар даҕаны. Хапсаҕай тустуу ньымаларынан буолаллар:
- атахха киирэн охторуу;
- атаҕынан хатыйыы;
- албын хамсаныылар (ложные атаки);
- икки атахха киирии;
- өттүктээһин, уо.д.а
Хапсаҕай ньымата көҥүл тустуу ньымаларын кытта майгыннаһаллар. Саха тустууктара улахан көбүөргэ, аан дойдуга да тусталларыгар хапсаҕай ньымаларын туттан кыайбыттара элбэхтик ахтыллар. Ол курдук, олимпийскай чемпионнар Роман Дмитриев, Павел Пинигин олимпиадаҕа кыайыыларыгар хапсаҕай ньымаларын баһылаабыттара күүскэ көмөлөспүтэ. Павел Пинигин американец Л. Кизери кытта тустарыгар кыайтаран иһэн наар үөһэ стойкаттан хапсаҕай атахха киирэр ньыматын туһанан партерга хаста да туруоран утарсааччытын ыраастык кыайбыта биллэр. РСФСР бастакы призера П.Гаврильев 1960 сыллаахха аан бастаан Россия көбүөрүгэр хапсаҕай «хатыйыы» ньыматын туттан кыайбыта биллэр.Россияҕа сахалартан бастакы чемпиона И.Гоголев эмиэ «хатыйыы» уонна «өттүктээһин» ньымаларын холбуу туттан ыраас кыайыыны ситиспитэ биллэр. Хапсаҕай ньымаларын Саха сирин аатырбыт тустууктара Д.Данилов, СССР хас да төгүллээх чемпионнара А.Иванов, П.Алексеев хапсаҕай ньымалара көҥүл тустууга көмөлөөхтөрүн, көдьүүстээҕин элбэхтэ дакаастаабыттара.
Хапсаҕай араас ньымата
2000 сылтан бэтэрээ сыл ахсын сүүрбэччэ маастар нуормалаах хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэр ыытыллаллар. Ол курэхтэһиилэртэн биир ааттаах-суоллаах, маастар нуормалаах турнир Уус-Алдан улууһун Тумул бөһүөлэгэр ыытыллар. Бу турнир үс тустуу (көҥүл тустуу, хапсаҕай, хуреш) маастара, Саха сирин үтүөлээх тренерэ Иннокентий Андреевич Халдеев бирииһигэр ананар. Күрэхтэһиини Уус-Алдан улууһун, Бороҕон нэһилиэгин, салалтата, И.А.Халдеев дьиэ-кэргэнэ, уөрэппит оҕолоро иилээн-саҕалаан үрдүк таһымҥа тэрийэн сылын аайы ыыталлар. Быйыл, 2016 сылга И.А.Халдеев үбүлүөйдээх сылыгар абсолютнай ыйааһыҥҥа массыына бириистээх улахан күрэхтэһии буолан ааста. Абсолютнай кыайыылааҕынан Тумул бөһүөлэгин эдэр , кэскиллээх хапсаҕайдьыта, спорт маастара Евгений Алексеев буолбута.
Туһаныллыбыт литература
- Интернет ситимэ "Википедия"
- Кочнев В.П., Волков Н.Н. Спорт в Якутии (факты, события).- Якутск, 1993.
- Халдеева М.Р. Дьон туһугар дьоһун олох. - Дьокуускай, 2016. - 216с.