Софианиди Мэри Михайловна
Софианиди Мэри Михайловна (17.01.1937 - 4.07.2015, Мирнэй) — поэт, сэһэнньит, тылбаасчыт. 1994 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
Мэри (Мерóпи) Краснодар кыраайыгар Крымскай куоракка 1937 сыллаахха төрөөбүт (сорох источниктарга Грузияҕа төрөөбүт диэн суруллар). Ийэтэ нуучча уонна гириэк тылын учуутала, суруналыыс, тылбаасчыт, гириэк кинигэ кыһатын эрэдээктэрэ эбит. 1963 сыллаахха Саха сиригэр Мирнэй куоракка көспүт. Ол сылтан Мирнэйгэ олорон үлэлиир. "Кимберлит" диэн ааттаах литературнай холбоһугу төрүттээбитэ.
Айымньылара
Сүүрбэттэн тахса кинигэ ааптара, хас да документальнай киинэни уһулууга кыттыбыт, саха суруйааччыларын айымньыларын тылбаастаабыт, Сунтаар учууталларын уонна түмэллэрин туһунан ыстатыйалары суруйбут. Бүлүүчээҥҥэ уонна Таас-Үрэххэ мэҥэ бэлиэлэри туруортарбыт[1].
Кинигэлэрэ
- «Памятник живым», уочаркалар, Дьокуускай, 1974
- «Дороже алмазов», уочаркалар, Дьокуускай, 1978
- «Мужество первопроходца»
- «Сунтарские встречи», уочаркалар, Дьокуускай, 1982
- «Кимберлит» Якутск, 1990
- «Якутская сюита», уочаркалар, эсселар, этюдтар, Новосибирскай, 1997
- «Акварели» Новосибирскай, 1997
- «Монограмма души» Новосибирскай, 1997
- «Минерал номер один» Новосибирскай,1997
- «На полуострове любви» Новосибирскай, 1997
- «Общенье душ» Новосибирскай, 2000
- «Серебряный рассвет» Новосибирскай, 2004
- «Корабль судьбы» Новосибирскай, 2007
Тылбаасчыт быһыытынан Уйбаан Бөтүүнүскэй хоһооннорун нууччалыы тылбаастаабыта.
Быһаарыылар
- ↑ Урок внеклассного чтения "Планета любви Мэри Софианиди" Жиркова М.И. уруогун былаана
Олоҕун, айар үлэтин туһунан
- Кириллин Д.В., Павлова В.Н., Шевков Д.В. Писатели земли Олонхо. Якутск, 2000
Сигэлэр
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |