Сахалыы өй-санаа уратылара
Сахалыы өй-санаа уратылара саха буолууну бэлиэтииллэр.
Аан дойдуга араас омуктар элбэхтэр. Туспа омук буолуу аан маҥнай тас көрүҥтэн көстөр уонна саҥарар тылларын уратыларынан арахсаллара быһаарыллар курдук эрээри, өй-санаа уратылара ордук улахан оруолу ылаллар. Өй-санаа дорҕооннорунан дьайан саҥарар тылы үөскэтэр.
Хас биирдии омуктар уһун үйэлэр тухары мунньуммут олохторун үөрэхтэрэ сайдыыны төһө ситиспиттэринэн уратыланан тус-туспалардаахтар. Уһун үйэлээх омук олоҕун үөрэҕэ ордук дириҥ уонна киэҥ силистээх буоларын сахалар өй-санаа үөрэхтэрин уратылара биллэрэллэр.
Олус былыргы төрүттээх уонна оччотооҕу кэмнэртэн ыла уларыйа, буккулла илик өйдөөх-санаалаах омук буолан өйгө-санааҕа, тылга билигин даҕаны иҥэн сылдьар, атын омуктар өй-санаа үөрэхтэриттэн уратылар бааллара быһаарыллар. Бу уратылар туспа сахалыы өйү-санааны үөскэтэллэрин арааран билэн, олору харах харатын курдук харыстаатахха, омук өссө уһун үйэни ситиһэригэр тириэрдэр. Сахалыы өй-санаа хайа да арҕааҥҥы омуктар үөрэхтэригэр маарыннаабат уратылара манныктар:
1. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини олоххо туһаныы.
2. Аан дойдуну үс дойдуга араарыы.
3. Киһилии өй-санаа үөскээһинэ.
4. Икки таҥараны үөскэтии.
5. «Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх» диэн этиини туһаныы.
Бу уратылары биир-биир ылан дириҥник быһааран, тэнитэн, ырытан көрүөхпүт, олоххо хаһан, туохха туттуллалларын быһаарыахпыт:
1. Сахалыы өй-санаа «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этииттэн үөскээн тахсар олус дириҥ өйдөбүллээх өй-санаа буолар. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн үөрэх Күн уонна Сир халбаҥнаабат тутулуктарыттан үөскээн тахсар айылҕа тутаах сокуона, сүрүн тутулуга буолар. Аҥардастыы биир өттүн диэки барыы, холобур, Күн диэки, Күн уотун күүһүттэн умайыыга, онтон аҥар өттүгэр баран Күнтэн тэйии, ыраатыы, Космос тымныыта дьайыытыттан хам тоҥууга тириэрдэр кыахтаахтар. Ол иһин Сирбит, икки өттүттэн халбаҥнаабат тутулуктанан Күнтэн биир тэҥ ыраахха, ол аата Күн уонна космос куйаарын икки ардыларынан, тэҥнэһии балаһыанньатыгар көтө сылдьара эрэ тыыннаах күөх айылҕа үөскүүрүгэр тириэрдэр уонна дьон олоҕу олороллоругар табыллар кэм буолар.
Олоххо ханнык баҕарар быһаарыыны ылынарга, оҥорорго, тутарга «Туох барыта икки өрүттээх» диэн айылҕа халбаҥнаабат тутулугун билэн, тутуһа сылдьыы сахалыы өйү-санааны тутуһуу буолар уонна олоххо кэмиттэн кэмигэр кэлэр уларыйыылар кэмнэригэр сыыһа-халты туттунууну, аҥар өттүгэр халыйыыны суох оҥорон уһун үйэлэниини үөскэтэр.
Туох барыта икки өттүгэр хардары-таары уларыйыыта, үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэриилэрэ хараҥа түүн кэнниттэн сырдык күн, кырыалаах кыһын кэнниттэн самаан сайын кэлэринэн уонна олор уларыйар кыахтара суоҕунан халбаҥнаабат буола дакаастанар. «Үчүгэй уонна куһаҕан сэргэстэһэн сылдьаллар» диэн этии олоххо уларыйыылар хаһан баҕарар, кэмэ кэллэҕинэ, кэлэн иһэллэрин уонна солбуйсан биэрэллэрин быһаарар.
Киһи этэ-сиинэ эмиэ икки өттүттэн тутулуктаах. Киһи хаанын баттааһына аһара үрдүүрэ эбэтэр аһара намтыыра иккиэн куһаҕаннар, ыарыыга, өлүүгэ тириэрдэллэр. Хаан баттааһына, бу икки өрүт икки ардынан буоллаҕына, хайа да өттүгэр аһара барбатаҕына табыллар, оччоҕуна эрэ киһи тыыннаах сылдьар, олоҕу олорор кыахтанар. Бу быһаарыы киһи оҥорор быһыыларын эмиэ табатык сыаналааһыҥҥа тирэх буолар.
Сахалар өй-санаа туһунан үөрэхтэрин «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиитэ киһи оҥорор быһыыларын барытын быһаарар, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарыыга хайаан да туттуллар уонна кытаанахтык тутуһулуннаҕына эрэ табыллар. Биһиги сахалар бу этиини олохпутугар тутуһар буоламмыт маннык уһун үйэни ситиһэн олоробут. Былыргы кэмнэргэ сахалар аатырбыт хуун омуктары кытта бииргэ олоро сылдьыбыттарын остуоруйа үөрэҕэ дакаастаан эрэр. Билигин кэлэн охсуһуу, сэрии суолун тутуспут, аҥардастыы биир өттүн диэки халыйан барбыт хуун омуктар тустарынан кумааҕыга эрэ суруйуулар ордон хаалбыттар, онтон биһиги, сахалар илэ бэйэбитинэн кэриэтэ киэҥ-куоҥ дойдубутугар өссө да сайдыыны ситиһэн иһэрбит салҕанар.
Маннык уһун үйэни ситиһэрбитигэр сахалыы өйү-санааны «Туох барыта икки өрүттээх» диэн үөрэҕи тутуһарбыт туһалаабытын нууччалар кэлиилэригэр хайа диэки хайысхалаах суолу тутуспуппут быһаарар. Ол уустук кэмҥэ аҥардастыы сэрии суолун тутуспуппут эбитэ буоллар сайдыылаах сэрииһиттэргэ кыаттаран, хотторон, кыргыллан, үүрүллэн Верхоянскай хайаларыгар чучунаа курдук, биир эмэ саха ордубут буолуо этэ. Биһиги салайааччыларбыт ол кэмҥэ атын, иккис суолу, эрэйдээх да буоллар эйэлэһии, эйэлээхтик олоруу суолун таланнар, нууччалары кытта кыттыһа охсоннор, киэҥ-куоҥ сири-дойдуну баһылаатыбыт, сайдыыны ситиһэрбит табылынна.
Кыаттаран баран эйэлэһии ыараханын тулуйууну сахалар ураты тулуурдаахтарын туһанан аһарыммыттара, билигин кэлэн сайдыыны ситиһэрбитигэр кыах биэрбитэ. Оччотооҕу кэмҥэ бэриммэккэ, эйэлэспэккэ Амур диэки көһөн барбыт хас эмэ тыһыынча сахалар билигин букатын да биллибэт буолан хаалбыттара, бу ыарахан быһаарыыны ылыныы олоххо ордук таба буолбутун итэҕэтиилээхтик дакаастыыр.
Олоххо хаһан эрэ тиийэн кэлэр өй-санаа тосту уларыйар кэмигэр «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини тутуһуу, бу буолар уларыйыылары таба сыаналыыр, сыыһа туттубат кыаҕы биэрэр.
Өйбүт-санаабыт бу уратыта, икки өттүттэн тутулуктааҕа айыы диэн бэйэтэ икки өрүттээх, үчүгэйдээх, куһаҕаннаах тылбытыгар иҥэн сылдьар уонна кэлин кэмҥэ улаханнык харыстааһыҥҥа наадыйар буолла. Сымыйа, урут ханна да суох «аньыы» диэн тылы булан тыл үөрэхтээхтэрэ, сэбиэскэй кэмнээҕи суруйааччылар, учуонайдар өй-санаа үөрэҕэр эбии киллэрээри сананаллар, үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорор өй-санаа биир тутулуктаахтарын суох оҥороору оҥостоллор. Биир киһи өйө-санаата уонна оҥорор быһыылара тус-туспа барбакка биир төрүттээх буолууларын үөскэтэр айыы диэн тылбыт соҕотоҕо эрэ, киһи өйүн-санаатын икки аҥы арааран кэбиспэт, холбуу тутан биир тутулуктаах оҥороро табыллар. Киһи оҥорор быһыылара уонна саҥаны айыылара оҥорбутун кэнниттэн биирдэ үчүгэйдэрэ эбэтэр куһаҕаннара быһаарыллан тахсар.
Киһи оҥорор быһыылара ханнык быһыылары онороруттан көрөн үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар диэн арахсалларын бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээх буолан табатык быһаарар айыы диэн тылбытын харыстыыр кэммит кэллэ. Айыы диэн тылбытын харыстааһын, уларыппакка бэйэтинэн, икки аҥы; үчүгэй уонна куһаҕан суолталааҕынан туһаныы, «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини тутуһуу уонна сахалары харыстааһын буолар.
2. Дьон өйө-санаата сайдан, тупсан, саҥаны билэн, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥоруу уратыларын арыйан олоххо киллэрэн иһиилэриттэн «Туох барыта үһүстээх» диэн этии үөскээн олоххо туттуллан барбыта. Олоххо үһүс хайысха баар буолуутун сахалар олус былыргы кэмнэргэ арааран билэннэр өйгө-санааҕа үс аҥы, үс дойдуларга арахсыы баарын быһаарбыттар уонна Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдулар диэн ааттаабыттар. Сөбүлэһии, сөп түбэһии хайысхата - үһүс хайысха туох барыта икки өрүттээҕиттэн тирэх ылан, Үөһээ уонна Аллараа дойдулар икки ардыларынан, ортолорунан баарын арыйан Орто дойду диэн өйдөбүлү үөскэтэн дьон олорор, сайдар сирдэрэ ханна баарын быһаарбыттар уонна билигин да тутта сылдьаллар.
Сахалар олус былыргы кэмнэртэн өй-санаа тус-туспа, уларыйбыт көрүҥнэринэн сылдьарын арааран билэннэр, бу өйдөр-санаалар сылдьар сирдэрин, дойдуларын үс тус-туспа дойдуларга араараллар. Бу дойдулары Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдулар диэн ааттаммыттара билигин даҕаны өй-санаа уратыларыгар олус сөп түбэһэр. Бу дойдулартан Орто дойдуга эрэ эттээх-сииннээх, өйдөрө-санаалара сайдар дьон, сахалар олороллор. Сири-дойдуну үс аҥы араарыы киһи өйө-санаата сайдан, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну тус-туспа арааран билэр кыахтаммыттарын кэннэ, үөскээн олоххо киирбит уонна остуоруйа кээмэйинэн саҥа өйдөбүл буолар. Бу тупсубут өйү-санааны сайдыылаах диэн ааттанар арҕааҥҥы омуктарга тарҕатааччы Христос таҥара үөскээбитэ уонна олоххо киирбитэ икки тыһыынча сыллартан эрэ ордон эрэр.
«Туох барыта ортотунан буолара табыллар» диэн этии баара ханнык баҕарар быһыылартан табалара, кырдьыктаахтара ортотунан буолуохтааҕын быһаарар уонна олоххо баар үһүс хайысханы арыйар. Бу быһаарыы сахалар Орто дойду диэн өйдөбүллэригэр сөп түбэһэр. Былыргы дьон кырдьыктаах олоҕу тутуһан олорбуттарын Орто дойду диэн тыыннаах дьон олорор сирдэрин ааттаабыттара эмиэ быһаарар. Үөһээ дойдуга өлбүт дьон өйдөрө-санаалара үөр, айыы буолан сылдьар буоллахтарына, Аллараа дойдуга куһаҕан санаалар, араас ыарыылар мунньуллар дойдулара буолар.
Орто дойду диэн өйдөбүл дьон олохторо хаһан баҕарар бу икки өрүт; үчүгэй уонна куһаҕан икки ардыларынан, ол аата ортотунан эрэ баран иһиэхтээҕин чуолкайдыыр. Дьон оҥорор быһыылара хайа да диэки, үчүгэй да, куһаҕан да өттүн диэки аҥардастыы халыйан барыыта аһара барыы, сыыһа суол буолар. Олох суола, бу икки быһаарыы икки ардыларынан, ортотунан баран иһэрэ эрэ табыллар, туһата улаатар.
Дьон бары туттар «Истина где-то на середине» диэн этиилэрэ таба, сөптөөх быһаарыы икки өрүттэн ханан эрэ ортолорунан, икки ардыларынан баран иһэрин быһаарар. Бу быһаарыылар бары сахалар билэр Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойду диэн этиилэрэ өйгө-санааҕа сыһыаннаахтарын уонна дьон тыыннаах буолан олорор, үлэлиир, сайдар сирдэрэ Орто эрэ дойду буоларын чуолкайдаан биллэрэр.
Киһи өйө-санаата сайдан истэҕинэ оҥорор быһыылара эмиэ тупсаннар, уларыйаннар үчүгэй уонна куһаҕан диэн араарыллан ааттанар буолбуттар. Дьон бэйэлэригэр үчүгэйи, туһалааҕы оҥорор быһыылары үчүгэйдэринэн, онтон туһата суох, сөбүлээбэт, буортулаах даҕаны быһыыларын куһаҕаннарынан ааттыылларыттан, бу өйдөбүллэр үөскээн сайдан иһэр олоххо киирбиттэр.
Сахалар Орто дойдуну быһаарыылара дьон өйдөрө-санаалара сайдан иһиитин суолун чуолкайдыыр. Дьон-аймах ханнык баҕарар быһыылартан ортотун көрөн, үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар икки ардыларынан талан ыллахтарына, хаһан да сыыһа буолбатын таһынан, туһата улаатарын биллэрэр. Итини тэҥэ, аҥар өттүн диэки халыйан барыы куһаҕаҥҥа тириэрдэр кыахтааҕын быһаарар. Олоххо аҥардастыы үчүгэй аатыран, аҥар өттүн диэки барыыны тутуспут сэбиэскэй былаас «застойу», хаалыыны үөскэппитэ, онтон сылтаан эстибитэ.
3. Оҕо өйө-санаата сайдыыта үөскээһинин таба сыаналаан олоххо туһаныыттан сахалар кут-сүр үөрэҕин үөскэппиттэр. Бу үөрэх киһи этэ-сиинэ уонна өйө-санаата, куттара тус-туспаларын, үөрэҕи-билиини ылыналлара уратыларын арыйан төрөппүттэргэ тириэрдэр аналлаах.
Киһилии өй-санаа киһи буолууну бэлиэтиир. Оҕо улаатан иһэн ситиһиэхтээх биир кирбии кэмэ буолар. Төһө эрдэлээн киһи буолууну баһылыыр, ситиһэр даҕаны олоххо туһалааҕы, үйэлээҕи оҥорор кыахтанар. Киһилии быһыылары оҥорор буолуу өй-санаа уратытынан уонна сайдыытынан, олох сайдан истэҕинэ тупсуутунан быһаарыллар. «Кут-сүр үөрэҕэ» быһаарыытынан киһи үс куттаах; буор, ийэ уонна салгын кут диэн ааттаналлар. Бу куттартан киһиэхэ эрэ салгын кута сайдарынан, үөрэҕи-билиини түргэнник ылынан киһи киһилии быһыылары оҥорор буола өйө-санаата сайдыытыгар тириэрдибит. (1,75).
Сахалар үөрэхтэринэн киһиэхэ эрэ өйө-санаата, салгын кута сайдарынан үөрэҕи-билиини түргэнник ылынан сайдыыны ситиһэр кыахтаах. Өй-санаа бу уратыта сахабыт тылыгар иҥэн сылдьар уонна киһини эрэ туспа арааран «ким», «кини» диэн ааттыырынан, «кимий?» диэн ыҥырарынан толору быһаарыллар. Айылҕаҕа баар атын бары кыыллар, көтөрдөр уонна араас маллар, эттиктэр бары саха тылыгар «ол», «бу», «туох» диэн ааттаналлар, «тугуй?» диэн ыҥырыллаллар. Бу быһаарыы балар өйдөрүгэр-санааларыгар салгын кут сайдыбатыгар, өйдөрө-санаалара киһиэхэ тиийбэтигэр, хаһан да тэҥнэспэтигэр олоҕурар. Киһилии өйбүт-санаабыт уратыта былыр-былыргыттан төрөөбүт тылбытыгар иҥэн сылдьарын харыстыырбыт, уларыта сатаабаппыт, атын, кэлин үөскээбит, буккуллубут өйдөөх-санаалаах омуктары, нууччалары үтүктүбэппит ордук этэ.
4. Сахалар өй-санаа сайдыытын үөрэтэн, билэн олохторугар туһанар биир уратыларынан таҥара үөрэҕин туһаналлара буолар. Таҥ, таҥар, таҥара диэн тыллары туһанан өй-санаа хомуллан, мунньуллан, таҥыллан үөскүүрүн биллэрэр таҥара үөрэҕэ сахалар бэйэбит төрүт үөрэхпит буолар. Бу үөрэҕи улаханнык арбаабаталлар, өрө туппаталлар даҕаны, оҕолорун «киһи буол», «кини курдук буол», «хаһан улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор буолаҕын» диэн үөрэҕи тутуһан, үчүгэй киһи оҥорор быһыыларын оҕо үтүктэн үөрэниитэ, оннук баҕа санаалары иҥэриниитэ таҥара үөрэҕин сүрүн төрүтэ буолар.
Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар, үгэстэрэ үөскээһинигэр кыра эрдэҕинэ үөскээбит баҕа санаата ылар оруолун таба сыаналаан үчүгэйи оҥорууга иитии, үөрэтии үчүгэй киһини, киһи таҥараны үтүктүүнэн үөскээһинин сахалар олоххо туһаналлар. Киһи майгынын уратыларын, икки өрүттээҕин таба сыаналаан, олоххо икки таҥара баар буолара өйү-санааны таба суолунан салайан сайыннарарын быһааран, икки таҥараны; Үрүҥ Аар тойону уонна Улуутуйар Улуу тойону үөскэппиттэр. Таҥара үөскээһинин уонна туһаныллыытын туһунан «Киһи таҥара» диэн үлэттэн билиэххэ сөп. (2,65).
5. «Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх» диэн этиини сахалар үөскэтэн олоххо куруук туһаналлар. Бу этии үөскээһинигэр Айылҕаҕа туох баар барыта, ол иһигэр тыынар-тыыннаахтар бары, кэмэ кэллэҕинэ уларыйан, саҥалыы үөскүүр кэмнэрэ тиийэн кэлэрин сахалар арааран билиилэрэ уонна олоххо туһаныылара олук, тирэх буолбут. Бу саҥалыы уларыйар кэм тиийэн кэлиитин, билигин даҕаны өйдөрө-санаалара сайдыбыт дьон арааран билэн олоххо таба туһаннахтарына олох салгыы сайдан иһиитин хааччыйар кыахтаахтар.
Өй-санаа бу уратылара саха буолууну, сахалыы өйү-санааны атын омуктартан туспа араараллар уонна биһиги олус былыргы төрүттээхпитин, өйбүт-санаабыт, киһи таҥарабыт, киһи буолуу үөрэҕэ олус былыргы кэмнэргэ сайдыбытын быһаараллар.
Өйтөн-санааттан быһаччы тутулуктаах хас биирдии сахабыт тылын уларыппакка урукку оннугар туһаныы саха тылын, омугун харыстааһын диэн ааттанар. Сахалыы өйбүт-санаабыт уратыларын харыстааһын, баар, туттулла сылдьар тылларбытын уларыппат буолуу омукпутун харыстааһын буолар уонна билигин сайдыы, үөрэх атын омуктартан ордук элбэхтик киирэн истэҕинэ кыһанан харыстанара эрэйиллэр. (3,6).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.
2. Каженкин И.И. Киһи таҥара. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2009. – 112 с.
3. "Туймаада уоттара" хаһыат. №3. 19.11.2009.