Дорҕооннор
Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара хаһан да уларыйбат. Тыл киһиэхэ дорҕооннорунан дьайан иччитин үөскэтэр.
Саҥарар саҥабыт, хас биирдии тылбыт тус-туспа дорҕооннортон хомуллан үөскүүллэр уонна сахабыт төрүт тылларыгар дорҕоонноро биэрэр өйдөбүллэрэ тыл суолтатыгар сөп түбэһэллэр.
Тыл иччитэ киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор дьайыыта ханнык дорҕооннортон хомуллан үөскээбититтэн улахан тутулуктаах. Дорҕоон дьайыытыттан киһи мэйиитигэр хамсааһыннар үөскээннэр, ол дорҕооҥҥо сөп түбэһэр үчүгэй эбэтэр куһаҕан санаалары үөскэтэллэр. Саха тыла олус былыргы кэмҥэ үөскээбит тыл буолан айылҕаҕа үөскүүр дорҕооннору кытта биир тутулуктааҕын иҥэринэн, билигин даҕаны сүтэрбэккэ сылдьар.
Биһиги тылбыт олус былыргы, дьон саҥа өйдөрө-санаалара сайдан, киһи буолан, киһилии быһыыланан эрэр кэмнэриттэн ыла үөскээн олоҕун булбут тыл буолар. Ол иһин ураты билии биһиги тылбытыгар иҥэн сылдьар. Бу билии сүрүн дакаастабылынан саха тылыгар киһини эрэ атыттартан барыларыттан, ол аата бары тыынар-тыыннаахтартан; кыыллартан, көтөрдөртөн, балыктартан, араас маллартан туспа арааран, сайдыыны ситиһэр өйдөөҕүн-санаалааҕын, салгын кута сайдарын ураты бэлиэтээн «ким», «кимий?» диэн ыҥырыллар, «кини» диэн ааттанар, онтон атыттар бары; «ол», «бу», «туох», «тугуй?» диэн ааттаналлар, соннук ыҥырыллаллар. Өй-санаа бу курдук арахсыытын билии, киһиэхэ эрэ салгын кута, өйө-санаата түргэнник сайдарын быһааран таба туһанар буолуу, киһи атын тыынар-тыыннаахтартан бэйэтин ойуччу, ордук үрдүктүк туттарыгар аналлаах уонна киһи атыттары, кыралары өссө аһынар, харыстыыр, көмүскүүр санаатын улаатыннар.
Киһи өйө-санаата сайдыытын туспа арааран аналлаах тылларынан бэлиэтээһин саха тыла киһи өйө-санаата саҥа сайдан, киһилии быһыыланар, кыбыстар, кэмсинэр, суобастанар буолан эрдэҕинэ үөскээбитин быһаарар. Өй-санаа сайдыыта былыргы олохтон, кыыллар, көтөрдөр өйдөрүттэн-санааларыттан тирэх ылан сайдан, өрө тахсыыта киһи буолууга ыҥырар «Киһи таҥара» үөскээһинигэр тириэрдибитэ. Киһи таҥаралаах буолуу өй-санаа сайдыытыгар ылар оруолун, тутулуктарын үөрэтиини сахалар оччотооҕу кэмнэртэн ыла дириҥник баһылаабыттарын биллэрэр. Үчүгэй киһи буолуу баҕа санаата оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн иҥнэҕинэ, улаатан баран ол баҕа санаатын ситиһэн үчүгэй киһи буолар кыахтанарын сахалар былыргы кэмнэртэн ыла туһаналлар.
Дорҕоон киһи мэйиитигэр, ийэ кутугар быһаччы дьайар суолталаах. Дорҕоон эбэтэр тыас киһиэхэ дьайыыта хаһан да уларыйбат. Өскүөкүлэни кыһыйар, кычыгырыыр тыас киһиэхэ олус куһаҕаннык иһиллэр, киһи хаһан да үөрэммэт куһаҕан тыаһа. Оҕо «ыы» диэн ытыыр саҥата киһи истэригэр биир саамай куһаҕан, тулуйбат дорҕооно. Киһи «ыы» диэн ытыыр саҥаны истээт ыксыыр, тэһииркиир, уйулҕата хамсыыр, көмөлөһө охсор баҕата киирэр.
Дорҕоон киһи өйүгэр-санаатыгар оҥорор ити ураты дьайыыларыгар олоҕуран хас биирдии тылбыт дорҕоонноро туох суолталаахтарын, өйбүтүгэр-санаабытыгар оҥорор уларыйыыларын ырытыахпыт:
«А» - дорҕоон өй-санаа баарын быһаарар. Аанньа истибэтиттэн дуу, тоҕо дуу аҥардастыы «аа» диэн саҥаран иһэр киһи өйө-санаата аҕыйах, аҥала соҕус буолара быһаарыллар. Аҥала соҕуһа биллэр Аҥаа Моҕус аата онно сөп түбэһэр.
Олус былыргы, аан бастакы тыллар биирдии эрэ сүһүөхтээхтэрин үөрэхтээхтэр дакаастаан тураллар. Биһиги сахалар киһи өйүн-санаатын, саҥаны айарын быһаарар соҕотох «ай» диэн тылбыт биир эрэ сүһүөхтээх, икки эрэ дорҕоонноох.
«А» диэн өй-санаа баарын уонна «й» диэн өй-санаа куруук хамсыы, эбиллэ-көҕүрүү, уларыйа турарын быһаарар дорҕооннор холбоһоннор бу «ай» диэн тылы үөскэтэллэр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн, бу ай диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээх, биир өрүтэ үчүгэйи санааһын буоллаҕына, атына куһаҕаны санааһыны быһаарар. Ол аата киһи биир мэйиилээҕиттэн туох баар оҥорор быһыыта барыта, оҥорон таһаарбытын кэнниттэн биирдэ биллэн, арыллан үчүгэйгэ эбэтэр куһаҕаҥҥа тус-туспа арахсалларын бу ай диэн тылбыт соҕотоҕо табатык быһаарар.
«Ай» диэн тыл Сир үрдүгэр баар тыынар-тыыннаахтартан киһиэхэ эрэ сыһыаннаах. Киһи эрэ өйө-санаата, салгын кута сайдарынан саҥаны айыыны кини эрэ оҥорор кыахтааҕын арааран, чопчулаан быһаарар.
Киһи тугу барытын оҥороругар аан маҥнай санаатыгар оҥорон ырытан көрөрүн быһыытынан «ай» диэн тыл киһи санаатыгар сыһыаннаах. Тугу барытын аан маҥнай санаабытыгар оҥорон көрөбүт, айабыт. Бу санаабытыгар оҥорон көрбүппүтүн илэтигэр оҥорон таһаардахпытына, «ай» диэн тылбытыгар «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэн айыы, саҥаны айыы буолан тахсар, дьоҥҥо биллэр. Тылбыт санааттан оҥорон таһаарыыга уларыйар. Ол кэнниттэн биирдэ эрэ үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана биллэн, тус-туспа араарыллар кыахтанар.
«А» уонна «р» дорҕооннор холбоспуттарыттан «ар» диэн тыл үөскээн тахсар. «Ар» диэн тыл маннык өйү-санааны биэрэр дорҕооннортон хомуллан үөскээбит:
А - өй-санаа баарын быһаарар дорҕоон;
Р – «ыр» дорҕоон. Бу дорҕоон ырдьыгыныыр, кыыһырар, тэйитэр аналлаах. Хоһуланан «рр» диэҥҥэ тиийэн хааллаҕына ордук күүһүрэр, ырдьыгынааһыҥҥа быһаччы кубулуйар. "Р" дорҕоону тылыгар элбэхтик туттар киһи кыыһырымтаҕай буолар.
Ар – ардыргыыр, араарар, ыһар, үрэйэр, алдьатар тыл. Ар-бур буоллулар диибит. Ар – ытырыам, тэйэ оҕус диэн өйдөбүллээх. Ыт «Ар-ар» диэн үрэр. Бу тылтан арбах, аргыар, араллаан диэн куһаҕан суолталаах тыллар үөскүүллэр.
Саха тылыгар элбэх дорҕооннор айылҕаҕа үөскүүр тыастарга, дорҕооннорго сөп түбэһэллэр. Бу үлэҕэ тыл киһиэхэ биэрэр өйдөбүлэ дорҕооннорун охсууларыттан, ол аата хайдах саҥарыллалларыттан, иһиллэллэриттэн олус улахан тутулуктаахтара уонна соннук өйү-санааны киһиэхэ үөскэтэллэра арыйыллар.
Киһи истэригэр ис киирбэх, үчүгэй дорҕооннордоох уонна өйдөбүллээх тыллартан хомуйан алгыһы үөскэтэн туһаналлар.
Хас биирдии дорҕоон киһи мэйиитигэр дьайан хамсааһыны, санаалары үөскэтэн өйө-санаата уларыйыытыгар тириэрдэр. Мэйиигэ субу хамсааһыннарга сөп түбэһэр санаалар үөскүүллэр.
И – дорҕоон өй-санаа туругун быһаарар.
Ии – уһаабыт «ии» дорҕоон төгүрүк, иннэ-кэннэ биллибэт, төрдө-төбөтө көстүбэт, эргийэ турар иини биллэрэр. «Ии» дорҕоон күн-дьыл эргиирин, сайын кэнниттэн кыһын хайаан да кэлэрин, үчүгэй куһаҕаҥҥа кубулуйарын, куһаҕан үчүгэйинэн солбулларын, олох эргийэн биэрэрин барытын холбуу быһаарар олус улахан суолталаах дорҕоон. Бу дорҕоонтон үөскүүр тыллар өй-санаа туругар улахан дьайыылаахтар, ол курдук:
Ийэ – оҕо ийэтэ, төрөппүт аата. Бу тыл дорҕоонноро; «и», «й» уонна «э» бары холбоһоннор оҕо өйүн-санаатын төрүттүүллэр, туругун олохсуталлар.
Иир - өй-санаа хамсааһына, буккуллуута, туруга суох буолуута.
Иит – иитэн бэлэмнээ, өйү-санааны биэр, бэрис.
Иин – умуһах, дьаама, тимирии, аллараа түһүү, мөлтөөһүн.
Иис – тугу эмэ тигии, иистэнии, холбоһуу.
Ил – эйэ, илгэ.
Илгийэр – тарҕанар, биллэр.
Ис – киһи сүрүн чааһа. Сахалар билиилэринэн киһи бэйэтин кистэлэҥ, кимиэхэ да биллэрбэт санаалара ис санаа диэн ааттаналлар.
Иһиирии – иһиирэр тыаһы таһаарыы. «Иһииримэ» диир сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ. Иһиирии салгыны хамсатар, эрийэр, соһуччу уларыйыыны үөскэтэр.
Н – дорҕоон «ын» диэн ааттанар. Бу дорҕоон ыгыллыыны, симиллиини, баттааһыны үөскэтэр, өйү-санааны намыратар, уоскутар аналлаах. Бу дорҕоонтон нам, намырай, нэм, нэмий, налый диэн тыллар үөскүүллэр.
О - дорҕоон олоҕу уонна олох салҕанан иһиитин кытта быһаччы сыһыаннаах. О дорҕоонтон үөскүүр тыллар; ол, обот, олох, оҕо, ойуун, омук.
Саха тылыгар «ө» дорҕоонтон саҕаланар тыллар эти-сиини кытта биир тутулуктаахтар. Холобур, өй, өс, өһөс, өһүөн, өбүгэ, өлүү. Бу тыллар эккэ-сииҥҥэ үөскүүр өйү, ийэ куту, уһуннук дьайар өй хайысхатын уонна эт-сиин туругун быһаараллар.
«Ө» дорҕоон уонна ыйар, хамсааһыны, хайысханы көрдөрөр «й» дорҕоон холбостохторуна өй диэн эккэ-сииҥҥэ сыһыаннаах өйү-санааны быһаарар тыл үөскүүр.
Бу тыл бары тыынар-тыыннаахтарга барыларыгар үөскүүр өйү-санааны биллэрэр. Өй мэйиибитигэр үөскүүрүттэн эт-сиин биир чааһын курдук ааҕыллар. Өй дириҥ, уһуннук умнуллубат өйү-санааны биллэрэр уонна сахалыы ийэ кут диэн ааттанар.
Өйдөөх диэн тыл өй, ол аата ийэ кут тыынар-тыыннаахтарга барыларыгар кэриэтэ баарын биллэрэр. Өйдөөх ыт, өйдөөх да ат диэн улахан кыыллар өйдөрүн-санааларын быһаарабыт.
С – дорҕоон. Бу дорҕоон «ыс» диэн ааттанар. Ыһар, тарҕатар, үрэйэр дорҕоон. Тарҕаныыны үөскэтэн элбээһини быһаарар суолталааҕа төһө да туһалааҕын иһин ыһара, үрэйэрэ куһаҕан.
Ыыс диэн тыл ытааһыны ыс, тарҕат диэн суолталаах. Тугу эмэни куһаҕан тылынан этэри эмиэ биллэрэр. Кырыыс, барыыс, сыыс.
Саха тылыгар «р» дорҕоон ордук ыгыллан, хатыланан «рр» диэҥҥэ тиийэн хааллаҕына ырдьыгынааһын үөскээн тахсар. Айылҕа бары улахан кыыллара ырдьыгыныыллар, ыгааһынтан көмүскэнэллэр. Элбэхтик «рр» дорҕоону саҥатыгар туттар киһи кыыһырымтаҕай соҕус буолара ханнык да саарбаҕа суох.
«Ы» - ыарахан дорҕоон. Бу дорҕоонтон ыар, ынчык, ынырык диэн тыллар үөскүүллэр. «Ы» дорҕоон «ыы» буола холбоһон уһаатахтарына ытааһыны үөскэтэллэр. Ханнык баҕарар тыл бүтүүтүгэр «ыы» дорҕоон сыһыннаҕына, бу тыл суолтата мөлтөөн, бүтүүтэ ытааһыннаах буолуохтааҕа арыллар. Барыы, сырыы, ыарыы, ыгыы, аһыы, айыы бары куһаҕан суолталара элбэх тыллар.
Биһиги баспыт иһигэр саныыр санаабыт ай диэн тылынан бэриллэн куһаҕана эбэтэр үчүгэйэ соччо биллибэт, кыайан араарыллыбат эбит буоллаҕына, ол саҥаны айбыппытын илэтигэр оҥорон таһаардахпытына, “ыы” диэн ытааһыны биллэрэр сыһыарыы эбиллэн айыы диэн буолан тахсан куһаҕана улааппытын, эбиллибитин биллэрэр. Айыы диэн тыл алгыска туттуллубат.
Чиҥ, кытаанах дорҕоон хаһан баҕарар чиҥник, дьиппиэнник иһиллэр, өйү-санааны чиҥэтэр, сахсайбытын суох оҥорор, оннун булларар. Саха тылыгар «ҥ» дорҕоон тылы, өйү-санааны күүһүрдэргэ анаан туттуллар. Бу дорҕоон тыл ыгар, толотторор, чиҥэтэр, хамаандалыыр, күүһүн эбэн биэрэр дорҕоон буолар. Барыҥ, толоруҥ, оҥоруҥ, туруҥ, кэннинэн кэхтимэҥ диэн тыллар бары күүһүрдэр, кытаатыннарар, бу этии хайаан да толоруллуохтааҕын биллэрэр өйдөбүллээхтэр.
Ийэҥ, аҕаҥ диэн «ҥ» дорҕоонунан бүтэр тыллар төрөппүт хайаан да толоруллуохтаах этиилэрин быһааран, чиҥэтэн биэрэр суолталаахтар. Ийэ, аҕа эппитэ хайаан да толоруллан иһэрэ эбитэ буоллар оҕо төрөппүттэрин курдук өйдөөх-санаалаах буола улаатара ситиһиллэр кыахтаныа этэ. Төрөппүт этэр тылын суолтатын үрдэтэргэ, иитэр, үөрэтэр күүһүн улаатыннарарга «ҥ» дорҕоон быһаччы туһалыыр, бу этии хайаан да толоруллуохтааҕын чуолкайдаан биэрэр.
«Нь» дорҕоон тыл иннигэр турдаҕына намтатар, ньаачатар, ньахчатар, ньаматар, сүнньүнэн кыччатар, онтон тыл бүтүүтүгэр сымнатар, минньитэр суолталаах. Холобур, ньамах, ньамай, ньаалаҕай, барыанньа, манньа. Ньаамырҕаан саҥарыы албынныы сатыырга элбэхтик туттуллар.
«Нь» диэн дорҕоон киһи өйүгэр-санаатыгар ханан да сыһыана суох, ханнык да хамсааһыны үөскэппэт дорҕоон. Тылбыт үөрэхтээхтэрэ «аньыы» диэн урут сахаларга букатын суох тылы булан киһи куһаҕаны оҥорор өйүн-санаатын туспа араара сатыыллара өй-санаа өйдөбүллэринэн олус улахан сыыһа. Бу тыл өйгө-санааҕа сөп түбэспэт, сахаларга суох тыл буолар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр Улуу Өктөөп революциятын, саҥаны айыыны оҥоруубут үчүгэй диэн сыыһа үөрэхтэрин сабынаарылар булан кэбиспит тыллара буолар. Аныгы өй-санаа көммүт үйэтигэр бу сыыһаны хайаан да көннөрдөххө табыллар.
Улуу Өктөөп революциятын кэнниттэн саҥалыы сайдыбыт дьадаҥы суруйааччылар көмөлөрүнэн нууччаларга ийэни «мама» диэн, онтон аҕаны «папа» диэн ааттааһын Сэбиэскэй Сойууска барытыгар тэнийбитэ.
Арҕааҥҥы омуктар саҥарар саҥаларын нууччалар сайдыыны ситиһии курдук санааннар быһалыы үтүктүүлэрэ өйдөрүн-санааларын буорту оҥорон, эр дьонноро быста мөлтөөннөр билигин сыл аайы ахсааннара аҕыйаан иһэр. Атын омук саҥарар саҥатын быһаччы үтүктүүттэн киирбит дорҕооннор саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар эмиэ сөп түбэспэттэр, буортулууллар. Бу куһаҕан суолталаах дорҕооннор дьайыыларыттан оҕолор ийэлэрин, аҕаларын аанньа ахтыбат, тылларын истибэт буола улааталларыгар тиийэллэр, буруйу, сыыһаны-халтыны оҥороллоро элбээтэ.
«Ма» - айылҕаҕа ынах маҥырыыр дорҕооно. Баары биллэрэр суолталаах дорҕоон. Оҕоҕо улаатымсыйыыны, бэлэмҥэ үөрэниини, ийэни аанньа ахтыбат, ас таһааччы эрэ курдук санааһыны үөскэтэр.
«Па», «пахай», «пыы» – бары куһаҕаны, сирбиппитин, сиргэммиппитин биллэрэр тылларбыт. Бу тыллартан ордук «па» дорҕоонтон саҕаланар тыллары элбэхтик сирэргэ анаан туттабыт.
Сахалар сиримсэх, сиргэмсэх дьон. «Па» дорҕоон сиргэниини үөскэтэрэ улахан буортулаах. Сирдилэр даҕаны отой көнөллөрө уустук. Саха дьонун сириксэннэрэ, талымастара ордук аһыыр аһылыктарыттан биллэр. Сирдилэр да сиэбэттэр. Сахалар былыр-былыргыттан аһыыр астарыгар ханнык да атын туспа, ураты булкааһы туттубаттар. Айылҕаҕа үүнэр үүнээйилэртэн, үөскүүр кыыллартан уонна көтөрдөртөн сахалар аһылыктара өссө талымастаан хомуллар. Саха киһитэ сиэбэт астарынан бары үөннэр, тыҥырахтаах көтөрдөр уонна кыра кыыллар буолаллар.
«Па» – дорҕоон сирэр, сиргэнэр дорҕоон. «Па» диэн буолла да куһаҕан, киһи сиргэнэр, кэлэйэр. Оҕолор улааттахтарына аҕаларын анньа ахтыбаттара, этэр тылын истибэттэрэ, бу дорҕоонтон олус улахан тутулуктаах. Бу дорҕоон дьайыытыттан эр дьоммут мөлтөөн иһэллэр, оҕолорун иитиитигэр, үөрэтиитигэр кыһанан ылсыбаттар.
«Ма», «па» дорҕооннор куһаҕан дьайыылара нууччаларга урутаан тиийбитин билигин эр дьонноро олус мөлтөөбүттэриттэн, үгүстэрэ арыгыга түргэнник ылларалларыттан, эдэр уолаттара элбэхтик быстах быһыыга түбэһэллэриттэн ахсааннара биллэрдик аҕыйаан эрэр.
Саха дьонугар эмиэ сэрэнэргэ сөптөөх кэм кэллэ эрээри, биһиги төрөппүттэрбит сэбиэскэй былаас тобохторо; тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар, суруйааччылар албыннарыгар киирэн сылдьалларыттан уонна най баран кыһаммакка, оҕолорун өйдөрүн-санааларын туруктаах оҥорор туһунан санаабакка, биһиэхэ бу куһаҕан дорҕооннор дьайыылара эмиэ кэлэн иһэриттэн сэрэммэккэ, бу дьону үтүктүбүттэрин курдук үтүктэ сылдьаллар. Омук эйэлээх буоларыгар, бэйэтин билинэригэр дорҕоон суолтатын таба туһаннаҕына эрэ табыллар. Куһаҕан дорҕооннордоох тыл куһаҕан санаалары үөскэтэрин ситэ билэн олохпутугар туһана иликпититтэн эдэрдэрбит өйдөрө-санаалара туруга суох буолуута үөскээн, быстах быһыыга түбэһэллэрэ элбээтэ.
«Дэ» диэн дорҕоон дэбдэтэр, киһиргэтэр, өндөҥнөтөр, ону тэҥэ дэмниир, ол аата үрэйэр, алдьатар, ыһыллыыны киллэрэр дорҕоон. Тылбыт үөрэхтээхтэрэ сэбиэскэй, сахалары суох оҥоро сатааһын кэмиттэн ыла бу дорҕоону анаан-минээн эйэ диэн баар суох эйэбитин элбэтэр, харыстыыр тылбытыгар холбуу сыһыараннар эйэбитин дэмнииллэр, ол аата алдьаныыга, үрэллиигэ ыыталлар.
Тоҕо биһиги, саха дьоно эйэбит аҕыйаҕый, үрэллэ, ыһылла сылдьабыт? Тылбыт үөрэхтээхтэрэ саҥарда сатыыр «эйэ-дэм» диэн тылларын дорҕоонноро эйэбитин алдьаталларыттан эйэбит кыайан кэлбэт, олохсуйбат, үрэллэ, ыһылла сылдьара кыайан холбоммот. (1,39).
Сэрии иннинээҕи саха суруйааччылара «эйэ-нэм» диэн холбуу этиини куруук тутталлар этэ. Сэбиэскэй былаас саҕанааҕы тылбыт үөрэхтээхтэрэ ону соруйан уларытан «эйэ-дэм» диэн суруйтара сатыылларыттан, билигин бары кэриэтэ ити тылы тутталлар. Ол иһин биһиги эйэбит кыайан олохсуйбат, үрэллэ, ыһылла сылдьар.
«Дэм» диэн тыл алдьаныыны бэргэтэр суолтата төһө эмэ 1994 уонна 2008 сыллаахха тахсыбыт тылдьыттарга табатык киллэриллибитин үрдүнэн сэбиэскэй былаас тобохторо, тылбыт үөрэхтээхтэрэ син-биир «эйэ-дэм» диэн суруйарга ыйаллар, эйэбитин алдьаныыга, үрэллиигэ аналлыылларын уларыппакка сылдьаллар.
Бассабыыктар, коммунистар өй-санаа үөрэҕин сиргэ-буорга тэпсэн суох оҥорбуттара, сэбиэскэй былаас сахалары суох оҥоро, симэлитэ сатаабыта өссө да кыайан көнө, тылбыт буккулла илик кэмигэр төннө илик. Сэбиэскэй былаас кэмигэр улааппыт төрөппүттэр өй-санаа үөрэҕэр үөрэммэккэ хаалбыттарыттан оҕолорун өйүн-санаатын харыстыыр үөрэҕи итэҕэйэн, ылынан оҕолорун өссө да үөрэтэ иликтэр. Онно эбии тыл үөрэхтээхтэрэ тиэтэйэн, саҥа итэҕэл үөрэҕин арыйбыт, саҥалыы оҥорбут аатыраарылар "айыы үөрэҕин" айан саха дьонун барыларын албыннаан улахан буккууру киллэрэн сылдьалларын арааран билэн туората сатыыбыт.
Куһаҕан дорҕооннор куһаҕан санааны оҕоҕо үөскэтэллэрин ийэлэрбит, аҕаларбыт билэннэр оҕолорун иитиигэ-үөрэтиигэ туһана иликтэр. Ийэлэр бэйэлэрин «ма-ма» диэн ынах маҥырыыр дорҕоонунан ааттатаннар, оҕолоро улаатталлар эрэ кинилэри бэйэлэрин ас таһан аһатар дьонтон атыннык санаабаттарын, аанньа ахтыбаттарын, тылларын аахайан истибэттэрин үөскэтэллэр. Өй-санаа төрүттэрин, тутулуктарын ситэ сыаналаабаттарыттан, өссө итэҕэйэ иликтэриттэн бу тыл дорҕооннорун куһаҕан дьайыытын арааран билэ, оҕолорун өйүн-санаатын харыстыы иликтэр.
Оҕо аан бастакы тылларын саҥарарыгар ийэтэ ылар оруола, бэйэтин үтүгүннэрэн үөрэтэр кыаҕа, олус улаханын быһаарбыппыт. Оҕотун аҕатын ийэлэрэ аанньа ахтыбатыттан, сыаналаабатыттан оҕотугар аҕатын «па-па» диэн букатын куһаҕан дорҕоонноох тылынан ааттыырга, атыттары үтүктэр санаатыттан, үөрэтэн кэбиһэрэ өйүн-санаатын буорту оҥорор. «Па» диэн куһаҕан дорҕоонтон үөскүүр тыллары оҕоҕо абааһы көрөр, сирэр, сөбүлээбэт өй-санаа оҕо төрүт өйүгэр-санаатыгар, буор кутугар олохсуйан сылдьарынан, аҕатын аанньа ахтыбат, сирэр, кини этэр тылын истибэт буола улаатар. Оҕото аанньа ахтыбатыттан санаата түһэн эр киһи арыгыны элбэхтик иһэн арыгыһыт буолара, кэргэниттэн арахсара кэлин кэмҥэ элбээн иһэр.
Өй-санаа үөрэҕэ туоратыллыбыта өр буолбутунан дорҕоон дьайыыта итинник өйү-санааны оҕоҕо иҥэрэрин саҥа билэн дьоҥҥо тириэрдэ сатыыбыт. Yчүгэй, сөп түбэһэр дорҕооннордоох тыллар алгыһы, онтон куһаҕан дьайыылаах дорҕооннордоох тыллар кырыыһы үөскэтэллэрин умнубатахпытына табыллыа этэ. Олоҥхолорго абааһылар ырыаларын куһаҕан, хардьыгынас куолаһынан толороллоро дорҕоон дьайыытын билэллэрин биллэрэр.
Өй-санаа үөрэҕин сыыһата хас да көлүөнэ дьон уларыйбыттарын кэннэ биирдэ биллэр. Коммунистар үөрэхтэрэ сыыһатын үс көлүөнэ дьон уларыйбытын, бэйэлэрэ букатын мөлтөөбүттэрин, эстибиттэрин кэнниттэн биирдэ биллибит. «Па» дорҕоон куһаҕан дьайыыта аан бастаан эрдэлээн иһэр сайдыылаах, түүрдэртэн төрүттээх нууччалары хаарыйда. Куһаҕан дорҕооннор дьайыыларыттан эр дьоннорун букатын мөлтөтөн, өйдөрүн-санааларын туруга суох оҥорон, ахсааннарын аҕыйатан баран, нуучча норуотун ахсаана тоҕо аҕыйаан иһэриттэн үрдүкү салайааччылара дьэ кэлэн санааргыыр буоллулар. Өй-санаа үөрэҕин дьайыыта хойутаан биллэр.
Саха дьахталлара, эр дьоно, төрөппүттэрэ куһаҕан суолталаах дьайыылаах дорҕоонноох тылларынан бэйэлэрин ыҥыттарбаттар, ааттамматтар. Оҕо кыра, саҥа саҥаран эрдэҕинэ сахалыы саҥарарга үөрэтэллэр. Сахалыы ийэ уонна аҕа диэн оҕолоругар ааттаталлар, оҕолоро ордук ытыктабыллаахтык сыһыаннаһаллар, этэр тылларын боччумнаахтык истэллэр, өйдөрө-санаалара туруктаах буолар. (2,5).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. Тыл - санааны салайар. - Дьокуускай: Триада, 2003. - 76 с.
2. Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор", 2013. - 108 с.