Дьыбардаахха саҥарыма
Дьыбардаахха саҥарыма диэн сахалар куһаҕан өйдөбүллээх тыллары улаханнык саҥарыма диэн үөрэхтэрэ буолар.
Былыргы өбүгэлэрбит олохторун үөрэҕин өс хоһооно оҥорбуттарын билигин быһалыы ылан туһанабыт. Тыл иччитэ дорҕоонноругар саһан сылдьар. (1,31).
Улахан тымныы түспүт сарсыардатыгар ханнык баҕарар тыас олус улаатан ыраахтан доргуйан иһиллэр. “Дьыбардаахха саҥарыма” диэн өс хоһооно куһаҕан суолталаах, өйдөбүллээх тыллары улаханнык саҥара сылдьыы, оннук үгэс киһиэхэ бэйэтигэр, оҕолоругар үөскээн хааларынан куһаҕан майгылаахха кубулутуон сөбүттэн сэрэтии, киһини харыстааһын буолар. (2,53).
Саха дьонугар саамай куһаҕан дорҕоонунан “ы” дорҕоон буолар. Бу дорҕоонтон ыы, ыар, ырыы, ыарыы, ынчык, ыарахан диэн куһаҕан өйдөбүллээх тыллар үөскүүллэр. Бу дорҕоон “ыы” диэн хатыланнаҕына куһаҕана өссө улаатар, ытааһын бэйэтинэн үөскээн тахсар. Куһаҕан дорҕооннордоох тыллары улаханнык саҥарбаттар, элбэхтик туттубаттар.
Кыра оҕо “ыы” диэн саҥаран, ытаабыта буола оонньоотоҕуна эбэ Лөкүө тохтото охсор этэ уонна “Бу оҕо сотору ытыыр буолбут” диэн быһаарара. Эбиэттэн киэһэ оҕо хаппырыыстаан, ытаан барара кырдьык этэ.
Айыы диэн сэрэхтээх, куһаҕан суолтата элбэх, «ыы» диэн ытааһын дорҕоонунан бүтүүлээх тылы үгүстүк туттуу, улаханнык, дьыбардаахха саҥарыы содула олус улахан, кэлэр көлүөнэлэри, эдэрдэри сыыһа-халты тутуннарарын тэҥэ, айыы буола сатаан бэйэлэригэр тиийинэллэригэр тириэрдиэн сөп. Айыы диэн тыл сэрэхтээхтик биирдэ эмэтэ туттуллар, улаханнык саҥарыллыбат тыл.
Сахалар оҕолорун өйүн-санаатын харыстыылларыттан сыыһа-халты туттунарын суох оҥороору кыра эрдэҕинэ “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума” диэн этэн иитэллэр, үөрэтэллэр. (3,24).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес-инкубатор”, 2013. – 108 с.
2. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара / хомуйан оҥордо И.К.Попов. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 112 с.
3. Каженкин И.И. “Айыы диэмэ”, “Айыыны оҥорума”. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 152 с.