Таҥара үөскээһинэ
Таҥара үөскээһинэ диэн киһиэхэ баҕа санаата үгэс буолуутун билиниитэ ааттанар. Киһиэхэ баҕа санаа үөскээн үгэскэ кубулуйдаҕына таҥараны үөскэтэр. Туох эмэ суолталаах, туһалаах баҕа санааны ситиһии таҥара үөскээтэҕинэ кыаллар кыахтанар.
Араас тус-туспа итэҕэллээх, таҥаралардаах омуктар эйэлээхтик холбоһууларыттан үөскээбит омук элбэх таҥараларын илдьэ сылдьар. Атын, кыаттарбыт, баһыттарбыт омуктары репрессиялээн, кырган, суох оҥорон кэбиспэтэхтэрин бэлиэтинэн ол омуктар таҥаралара бары холбуу киирэн билигин да туттулла сылдьаллара ааҕыллар.
Дьон өйө-санаата сайдан истэҕинэ баҕа санаалара, өйдөрө-санаалара эмиэ уларыйарын бэлиэтээн таҥаралара кытта уларыйан, атын таҥаранан солбуллан биэрэр. Олох сайдыыта баҕа санааны уларытар. Омук төһө элбэх таҥаралаах даҕаны соччо уһун үйэлээх омук буолар.
Олус былыргы, киһи өйө-санаата саҥа сайдан, бултаан аһаан айаҕын ииттэр буолан истэҕинэ аан маҥнай ханнык эрэ улахан, булчут кыыл курдук буолар баҕа санааны үөскэтиммит. Олус былыргы, кыыллары бултаан аһыыр, хара тыа быыһыгар олорор дьон улахан кыыл эбэтэр көтөр таҥаралардаах эбиттэрэ итинник быһаарыллар.
Аар тайҕа ортотугар олорон бултаан аһыыр былыргы киһи хотой кыыл курдук үөһээнэн көтө сылдьан ханнык баҕарар булду ыраахтан тэһэ көрөн ылан үрдүгэр түһэн бултаан сииригэр ымсыыра, баҕара саныыра.
Сыыдам сырыылаах бөрө курдук ханнык баҕарар сүүрэр атахтаах булду эккирэтэн тутан сиир кыаҕар ымсыыра, баҕара саныылларыттан бөрө курдук буолуохтарын баҕараллар эбит.
Кыыл, көтөр таҥаралар киһи өйө-санаата ситэ сайда, билиитэ-көрүүтэ кэҥии илигинэ, аҥардастыы булдунан эрэ дьарыктанар кэмигэр үөскээбиттэр. Аҥардастыы бултаан аһыыр кэмнэрин саҕана дьон таҥаралара улахан кыыллар, сиэмэх көтөрдөр буолар эбиттэр.
Былыргы билиилэрин уларытан кэбиспэккэ иҥэринэн илдьэ сылдьар сахаларга оччотооҕу биллэр таҥаралар ааттара умнуллубакка сылдьаллар. Билигин да умнулла илик суор, куба, хотой, бөрө таҥаралардаах улуу уустар баар буола сылдьыбыттар. Киһи өйө-санаата үлэтиттэн-хамнаһыттан тутулуктанан уларыйан иһэрин Л.Н.Жукова “Первичные общества и традиционные религиозные воззрения народов Арктики” диэн үлэтигэр арыйар. (1,49).
Киһи өйө-санаата эбиллэн, үлэни-хамнаһы сатыыра үксээн иһиитигэр таҥарата – баҕа санаата эмиэ уларыйан биэрэн иһэр.
Олох сайдан дьон таба кыылы тутан, айааһаан, үөрэтэн көлө, миинэр миҥэ оҥостон туһанар кэмнэриттэн ыла таба таҥара үөскээбитэ. Онтон салгыы дьон көлөлөрө уларыйан истэҕин аайы таҥаралара, ол аата баҕа санаалара уларыйан таба, ынах, оҕус, сылгы таҥаралар баар буолбуттара.
Бу таҥаралар аан бастаан киһи үлэтин-хамнаһын уратыларынан өйө-санаата уларыйарын бэлиэтээн маннык ааттаммыттар:
1. Баай Байанай таҥара. Булчуттар таҥаралара.
2. Таба таҥара. Таба көлөлөөхтөр таҥаралара.
3. Ынахсыт таҥара. Ынах сүөһүнү көрөөччүлэр таҥаралара.
4. Дьөһөгөй таҥара. Сылгыһыттар таҥаралара.
Салгыы Күн таҥара үөскээбит. Сырдык уонна хараҥа хардары-таары уларыйан биэриилэриттэн киһи сылааһы, сырдыгы, үрүҥү үчүгэй диэн быһаарыытыттан сырдык, үрүҥ Күн таҥараҕа кубулуйбут. Бу кэмтэн ыла дьон үтүөнү уонна мөкүнү, үрүҥү уонна хараны, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарыылара үөскээн олохсуйбут.
Киһи таҥара үөскүөн иннинэ сахаларга хас да тус-туспа ааттаах таҥаралар баар буола сылдьыбыттара уһун үйэлээх тылбытыгар иҥэн хаалбыттарын булуталыахха сөп. Умнуллубут таҥаралар ааттара манныктар:
1. Син. «Син» диэн сахалыы тыл кытайдыы «чин» диэн тылга сөп түбэһэр. Бу тыл таҥараҕа тэҥнэнэ сылдьыбытын маннык этиилэр бигэргэтэллэр:
синигэр түспүт – туох да буолбутун иннигэр сөбүлэһэргэ тиийбит;
синим биир – туох да буоллаҕына ылыммыт быһаарыым уларыйыа суоҕа диэн биир санааны ылыныыны биллэрэр.
2. Бах. Бах таҥара буола сылдьыбыт бэлиэтин бахтай - өл, быһын диэн тылтан булуохха сөп. Баҕа диэн баҕа санаа буолара, баҕах диэн сиэр-туом сэргэтэ баара бары бах диэн төрүттэн тахсыбыттар.
3. Сах. Сах таҥара буолара «Сах сиэтин», «Сах билэр» диэн этиилэртэн биллэр. Барыны бары билэр, сиэн кэбиһэр күүстээх-уохтаах Сах таҥара сахаларга баар буола сылдьыбыт.
Сах таҥара сабыдыалынан саха омук үөскээбит. Тимир ууһа сахалар уоту таҥара оҥостон «Сах» диэн ааттаабыттар. «Сах» диэн былыргы сахалар Күн таҥараларын аата эбит диэн Г.В.Ксенофонтов бэйэтин «Шаманизм и христианство» диэн үлэтигэр быhаарар. (2,245 ).
Бах, син, сах диэн таҥаралар кыыл, көтөр таҥаралар кэннилэриттэн үөскээбиттэр. Сах диэн уот таҥара дьон уоту баһылаан тимири уһаарар, уһанар буолууларыттан ордук күүскэ сайдыбыт.
Таҥаралар уларыйан иһиилэрэ дьон баҕа санаалара эмиэ уларыйан испиттэрин бигэргэтэр. Былыргы таҥаралар улахан кыыл эбэтэр көтөр эбит буоллахтарына кэлин киһи өйө-санаата өссө сайдыытын түмүгэр киһи таҥара баар буолбут.
Икки аҥар тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр дьон өйө-санаата өссө күүскэ сайдыытын, бэйэтин атын кыыллартан, көтөрдөртөн лаппа үрдүктүк турарын, өйө-санаата сайдар, саҥаны айар уратылааҕын билиниитин түмүгэр киһи таҥара баар буолан киһи көрүҥнээх таҥаралар үөскээн барбыттар.
Улахан киһи буолуу баҕа санаатыттан улахан киһи таҥара Будда, онтон үчүгэй киһи буолар баҕа санааттан, үчүгэй эрэ быһыылары оҥорор, үчүгэй киһи Христос таҥара үөскээбит.
Бастакы киһи таҥара Будда, оҕо улахан киһи буола сатааһынын баҕа санаатыттан үөскээн олус улахан киһиэхэ кубулуйбут. Бу таҥара улаатан иһэр оҕо баҕа санаата «Хаһан улахан киһи буолабын» диэҥҥэ олоҕуран үөскээбит. Ону тэҥэ төрөппүттэр оҕом хаһан улаата охсон улахан киһи буолар диэн баҕа санаалара холбоһон олус улахан киһигэ кубулуйбут.
Дьон өйө-санаата өссө сайдыытыттан, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билиилэриттэн уонна олохторугар туһаныыларыттан Иисус Христос таҥара уҥуоҕунан олус улахан буолбакка үчүгэйи оҥорор, үчүгэй киһиэхэ кубулуйбут.
Таҥаралар көтөр, кыыл көрүҥнэриттэн уларыйан улахан киһи, онтон үчүгэй киһи көрүҥнэригэр кубулуйуулара дьон өйө-санаата кыыл, көтөр өйүттэн-санаатыттан сыыйа сайдан үүнэн тахсыбыттарын чуолкайдык быһаарар.
Киһи ханнык өйдөөҕүн-санаалааҕын уонна хайдах майгылааҕын оҥорор быһыылара хайдахтарыттан; үчүгэйдэриттэн дуу, куһаҕаннарыттан дуу эрэ көрөн быһаарыллар кыах баара оҕону үөрэтии уустуктарын биллэрэр. Киһилии быһыылары оҥорор буоллахха эрэ киһи быһыылаах киһи буолуу кыаллар кыахтанар.
«Туох барыта икки өрүттээҕин», ол аата икки өттүттэн тутулуктааҕын сахалар таҥаралара халбаҥнаабакка тутуһар. Бу быһаарыы өй-санаа сайдыытын уратытынан быһаарыллар уонна сахалыы «айыы» диэн тылбытыгар иҥэн сылдьар. Бу тыл икки өрүттээх өйдөбүллээх: үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорору холбуу ылан быһаарар. Оҕо куһаҕан иитиилээх буола улаатан куһаҕан быһыылары оҥорботун туһугар өйүн-санаатын, ийэ кутун иитиигэ таҥара үөрэҕин тутуһуу наада.
Билигин таҥара үөрэҕэ үчүгэйи уонна куһаҕаны таба араарары тэҥэ, дьон бэйэ-бэйэлэрин, ол аата эр киһи уонна дьахтар сыһыаннарыгар тэҥнэһиини, биир бырааптаныыны сайыннарар, демократия үөрэҕин тутуһара эрэйиллэр. Аныгы, үөрэхтээх-билиилээх дьон таҥаралара “Туох барыта икки өрүттээҕин” билинэр, тутуһар таҥара буолар. (3,55).
Туһаныллыбыт литература
1. Журнал “Наука и техника в Якутии”. 2003 №1(4).
2. Г.В.Ксенофонтов. Шаманизм. Избранные труды. ( Публи-кации 1928 - 1929 гг.) Якутск: Творческо-производственная фирма «Север- Юг», 1992.- 318 с.
3. Каженкин И.И. Киһи таҥара. - Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2009. - 112 с.