Сырдык уонна хараҥа
Сырдык уонна хараҥа өй-санаа икки аҥы арахсыытын үөскэтэллэр.
халлаан сырдаан Күн тахсыыта дьон өйүгэр-санаатыгар оҥорор уратыларын, үөрүүнү-көтүүнү аҕалара. Оччолорго ыар, хараҥа түүнү этэҥҥэ туорааһын, сырдык буолуута олох салҕанан барар кыахтаммытын биллэрэрэ.
Сырдык, ыраас буолуута киһиэхэ билигин даҕаны үчүгэйи аҕалар. Айылҕаттан айыллыбытын быһыытынан киһи куруук сырдыгы, үрүҥү үчүгэй дииргэ аналлаах, хаһан даҕаны хараҥаны, хараны үчүгэй диир кыаҕа суох. Бу быһаарыы төрүтэ киһи хараҕын оҥоһуутугар олоҕурар уонна хаһан да уларыйбат. Киһи хараҕын оҥоһуута сырдык кэмҥэ хараҥатааҕар лаппа үчүгэйдик ырааҕы көрөрүнэн уратыланар. Киһиэхэ хаһан баҕарар куһаҕаннык, болоорхойдук көстөр туох барыта мөлтөх, куһаҕан диэн сыанабылы ылар, сэрэниини үөскэтэр. Киһи үчүгэй диэн сыанабыла барыта көрүҥүттэн, хайдах көстөрүттэн, сырдыгыттан быһаччы тутулуктанар.
Киһи үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарара туох баар барыта хайдах көстөрүттэн тутулуктанар. Киһи сырдыгы, ырааһы, сөбүлүү, таптыы көрөрүн, үчүгэйдик көстөрү барытын үрүҥ, үчүгэй диэн билинэр, оннук сыанабылы биэрэр, онтон хараны, хараҥаны, куһаҕаннык көстөрү куһаҕан, хара диэн сыаналыыра хаһан да уларыйбат.
Айылҕа киһини сырдыкка үчүгэйдик көрөр гына айбытын быһыытынан олоҕун үгүс өттүн сырдык кэмҥэ атаарар аналлаах. Сырдык, үчүгэй диэки тардыһыы киһиэхэ Айылҕаттан бэриллэн сылдьар биир туһалаах өрүтэ буолар. Сырдык, үчүгэй буолуу күн тахсыытыттан, күн уотуттан быһаччы тутулуктааҕынан сахаларга Күн таҥараҕа кубулуйбут. Айылҕа киһи өйүн-санаатын төрүттээн тугу үчүгэй, тугу куһаҕан диэн быһаарарын кытта ыйан, олохсутан биэрбит.
Сырдык уонна хараҥа киһиэхэ дьайыылара ордук түүлгэ араарыллан, чуолкайданан көстөллөр. Түүлгэ сырдык, ыраас көстүү үчүгэй буолууну түстүүр. Сырдык халлааны, күнү көрүү кэнниттэн киһи баҕа санаалара чахчы туолаллар. Сырдык дьоҥҥо көстүүтэ үрүҥ дьүһүнү биэрэр. Түүлгэ үрүҥ дьүһүннээх барыта кэриэтэ үчүгэйи көрдөрөр. Арай олус кырдьаҕас уонна ыарыһах дьон үрүҥ таҥастаах көстүүлэрэ өлүүнү, куһаҕаны биллэрэр. Кыыллар үрүҥ дьүһүннэнэн көһүннэхтэринэ майгылара үчүгэйин, туһалааҕы оҥороллорун түстүүр. Түүл өйө-санаата киһиэхэ сырдык, үрүҥ дьүһүн чахчы үчүгэйин дьоҥҥо тириэрдэр, биллэрэр.
Хараҥа кэм дьайыыта түүлгэ эмиэ биллэр. Ыарахан, эрэйдээх, тиийиммэт-түгэммэт олох хараҥа кэмҥэ ааһарын курдук түүлгэ эмиэ хараҥаҕа муна-тэнэ сылдьарга тиийиллэр. Түүлгэ сырдык кэнниттэн хараҥа буолуута үчүгэй кэм куһаҕанынан солбулларын көрдөрөр. Түүлгэ хараҥаттан сырдыкка тахсыы киһи баҕата туоларыгар ордук сөп түбэһэр көстүү буолар.
Аныгы наука быһаарыытынан сарсыардааҥҥы уонна киэһээҥҥи сырыылаах дьон бааллар. Бу быһаарыы киһи этэ-сиинэ күн ханнык кэмигэр ордук таһаарыылаахтык үлэлииллэрин чуолкайдаан биэрэр курдук эрээри, аныгы дьон олохторун уратыта, электрическэй уот баара бу өйдөбүлү үөскэппит. Түүн, хараҥаҕа үчүгэйдик көрөр дьон бааллара наукаҕа өссө да биллэ иликтэр.
Дьон эньиэргийэлэрэ күн сарсыарда өттүгэр, эбиэккэ диэри элбэх буолар. Өйдөрө-санаалара уонна эрчимнэрэ сарсыарда эрдэттэн, күн тахсыытыттан элбэхтик киирэн үлэлэрэ-хамнастара бу кэмҥэ лаппа таһаарыыланар.
Сорох дьон күүстэрэ-уохтара эбиэттэн киэһэ киирэр дииллэр. Бу этии, аныгы электричество уота баарыгар дьон олохторун режимэ уларыйбытыттан, эргийбититтэн ордук тутулуктаах. Түүн хойут утуйа үөрэммит киһи сарсыарда хойутаан күүһэ-уоҕа, үлэһитэ киирэрэ атын эбии быһаарыыга наадыйбат.
Киһи этин-сиинин оҥоһуута, күүскэ үлэлиирэ-хамсыыра күнүскү кэмҥэ сөп түбэһэринэн, күнүскү, сырдык кэмҥэ ордук табыллан, санаата көнөн сылдьар. Халлаан хараҥаран барыытыттан туох барыта болоорон, аанньа көстүбэтэ киһиэхэ мөлтөөһүнү, ыыра кыарааһынын аҕалар. Хараҥа кэмҥэ тугу эмэни ситэ арааран көрбөккө киһи дэҥнэниитэ, туохха эмэ кэтиллиитэ элбээһиннэрэ ити быһаарыыга олук буолаллар.
Түүн хараҥардаҕына киһи этэ-сиинэ эмиэ мөлтөөн сынньанарга наадыйан барар. Түүҥҥү кэмҥэ киһи этигэр-сиинигэр барар уларыйыылар бары бытаараллар, сүрэҕин үлэтэ бытааран киһи утуйуон, сынньаныан баҕарара улаатар. Киһи утуйбакка, сынньаммакка сырыттаҕына аҕыйах суукканан өйө-санаата буккуллан барарыгар тириэрдэр, ол иһин олоҕун үс гыммыттан биирин утуйарыгар уонна сынньанарыгар хайаан да анаатаҕына эрэ олоҕо табыллар.
Былыргы кэмнэргэ киһи бэйэтэ тугу билбэтин, кыайан быһаарбатын барытын хараҥа кэмҥэ абааһылар оҥороллор диэн саныы үөрэммит. Киһи туох билбэтин, бары биллибэт күүстэри барыларын хараҥаҕа, бэйэтэ кыайан көрбөт кэмигэр сылдьаллар диэн балыйарыттан, ити өй-санаа үөскээбит. Үгүс куһаҕан быһыылар хараҥа кэмҥэ оҥоруллаллара итинник олохсуйан хаалбыт өйдөбүлү үөскэппиттэр.
Айылҕа «Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарыыны халбаҥнаабакка эрэ тутуһарыттан Сиргэ хараҥа кэмҥэ сылдьарга аналлаах тыынар-тыыннаахтар эмиэ элбэхтэр. Күнүс кэнниттэн түүн харааран кэллэҕинэ даҕаны Сиргэ олох син-биир тохтообот, салгыы сайдан баран иһэр, арай сырдыкка сылдьааччылары хараҥаҕа сылдьааччылар, онно үчүгэйдик көрөөччүлэр солбуйаллар.
Киһи Айылҕаттан аналын быһыытынан күнүскү кэмҥэ сылдьар, үлэлиир-хамсыыр оҥоһуулаах, сырдык кэмҥэ элбэх үчүгэйи айар-тутар аналлаах. Киһи Айылҕаттан бу курдук оҥоһуулаах буолуута сырдык кэми ордук сөбүлүүрүгэр, бу кэмҥэ үлэтэ-хамнаһа олус табылларыгар тириэрдэр. Сырдыктан киһиэхэ үчүгэй буолуутун кэмэ кэлэр. Киһи өйүгэр-санаатыгар үчүгэй буолуутун өйдөбүлүн сүрүн төрүтэ сырдык кэлиититтэн үөскээн олохсуйбут. Күнтэн кэлэр сырдык эньиэргийэтэ киһиэхэ күүс-күдэх, үчүгэй буолуу өйүн-санаатын иҥэрэр, олоҕун оҥосторугар кыах биэрэр, инники диэки сирдиир. (1,117).
Күнтэн кэлэр сырдык эньиэргийэтиттэн Сиргэ тыынар-тыыннаах күөх Айылҕа барыта үүнэр, сайдар, үүнээйилэртэн эньиэргийэ, күүс-күдэх ылынаннар тыынар-тыыннаахтар үөскүүллэр, улааталлар. Айылҕа барыта Күнтэн быһаччы тутулуктаах. Саха дьоно халлаантан, Күнтэн сырдык, үчүгэй кэлэрин бэлиэтээн үтүө санааларын күҥҥэ тэҥнээн Күнү таҥара оҥостубуттара итинник дакаастанар.
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. - Дьокуускай: Бичик, 2004. -128 с.