Санаа түһүүтэ
Санаа түһүүтэ киһи кыаҕа-күүһэ суох, мөлтөх оҥорор.
Санаа олус түргэнник уларыйар. Күүһүрэр, мөлтүүр кэмнэрэ хардары-таары кэлэн иһэллэр. Киһи туохха да наадыйбат, сүрэҕэлдьиир, мөлтүүр кэмэ кэлиитэ санаа түһүүтэ диэн ааттанар. Баһын иһигэр саныыр санаалара кыайан туолбат, ыра санааларга кубулуйан хаалыылара киһи санаатын түһэрэрэ элбэх. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ араас элбэх ыра санааланыы олоххо туһата суоҕун, киһи бэйэтин кыаҕынан олоҕун устата толорор кыахтаах баҕа санааларын саныыра, соннук үгэстэри иҥэринэрэ туһата улаханын дьоҥҥо тириэрдэр.
Олоххо туох барыта куруук киһи баҕатын хоту баран иһэрэ кыаллыбат, араас элбэх тута быһаарыллыбат курдук уустук боппуруостар, туох эмэ мэһэйдэр, ыарахаттар, кыаттарыа, сатаныа суох курдук үлэлэр сотору-сотору көрсөллөр. Киһиэхэ санаа түһүүтэ, мөлтөөһүн, этин-сиинин туруга уларыйыыта хаһан баҕарар тиийэн кэлэр.
Дьон бары айылҕаттан биир кыахтаах буолбатахтар, эт-сиин уратылара элбэхтэр. Сорохтор төрүөхтэриттэн санаалара күүстээх, кыахтарын билинэр буоллахтарына, үгүстэр санааҕа ыллараллара, санаалара түһэрэ элбэх. Дьон үксүлэрэ санааларын көтөҕөн, баҕа санаалары иҥэрэн биэриигэ, атын дьон көмөлөрүгэр наадыйаллар. Киһи таҥаралар аһара улаатан хаалыылара ити быһаарыыга, мөлтөхтөр көмө көрдүүллэригэр олоҕурар.
Санаалара кыра аайы түстэҕинэ табаах тардан, арыгы иһэн биэрэн көтөҕө сылдьааччылар арыгыһыкка ураты түргэнник кубулуйуохтарын сөп. Үлэҕэ, дьиэҕэ туга эмэ табыллыбатаҕына, сатамматаҕына киэһэ аайы арыгы иһиитэ санааны көтөҕүү куруук салҕанан, санааны көтөҕө сылдьыыга тириэрдэриттэн арыгыһыт буолууну түргэтэтэр.
«Не пей с горя, алкоголиком станешь» диэн этии хас санаата түстэҕин аайы, ону көтөҕөөрү арыгы иһэн иһэр киһи сотору кэминэн арыгыһыт буолуон сөп диэн быһаарар. Үгүстүк арыгы иһэр дьон баар буолуулара санааларын көтөҕө сатааччылар элбээбиттэринэн быһаарыллара билиҥҥи кэмҥэ олус таба. Эр дьону кыра эрдэхтэриттэн аһара атаахтатан, маанылаан иитэртэн тулуурдара, өһөстөрө суоҕуттан кыра аайыттан санаалара түһэрэ, мөлтүүрэ элбииригэр тириэрдэр. Санааларын көтөҕөөрү иһээччилэр элбээн иһэллэрин ырыынак ыарахаттарыгар балыйааччылар элбэхтэр.
Санаата түстэҕин аайы арыгы иһэн иһэр киһи түргэнник арыгыһыт буолар. Бэҕэһээ испит арыгы сарсыардатыгар төбө ыарыытын оҥорон, санаа букатын түһэрин үөскэтэрэ уонна эмиэ санааны көтөҕөөрү арыгы иһиитэ, абырахтаныыны аҕалан арыгылааһын салгыы барарын саҕалыыра арыгыһыт буолуу кэлэригэр түргэнник тириэрдэр.
Саха дьонун арыгыны аһара испэт буолууга үөрэхтэрэ «Абырахтаммат эрэ буолуҥ» диэн этиигэ иҥэн сылдьар уонна бу этиини тутуһуу арыгы дьайыытыгар киһи утарсар кыаҕын улаатыннарар.
Сааһыран иһэр киһи өйө-санаата уларыйар. Кыра эрдэҕинэ атаах, ордук бэлэмҥэ үөрэммит оҕо дьулуура тиийбэккэ оҥорор ситиһиитэ аҕыйыан, намтыан, онно эбии санаата түстэҕинэ арыгыһыт буолуон сөп. (1,9). Кыахтаах, баай-талым олохтоох ыал оҕото олоҕор, үлэтигэр табыллыбат буолууну, ыарахаттары көрсөөт, олору туоратыыга бары кыаҕын уурарын оннугар өйүн-санаатын арыгынан уоскутарга тиийиитин автор арыйар.
«Киһиэхэ кыра да наада» диэн сахалар үөрэхтэрэ этэр. Бу этии санаа түһүүтүн бэрт кыра, санааны көтөҕөн биэрии көннөрөр кыахтааҕын арыйар. Санааны кыратык да көтөҕөн биэрии, үчүгэй, тиийимтиэ тыллары этии хаһан баҕарар кыаллар кыахтаахтар. Санаата көтөҕүллүбүт киһи урут кыайбатын да кыайар кыахтанара “Киһиэхэ кыра да наада” диэн этиини үөскэппит.
Биир үчүгэй тыл, этии киһи санаатын уһуннук көтөҕүөн сөп. Үчүгэй санааны иҥэрэн биэриини күүстээх санаалаах, экстраценс дьон ордук тиийимтиэтик оҥороллор, сахалыы таҥара үөрэҕин тарҕатыыга ылсыһаллар.
Кыра аайыттан санааны түһэрбэт буолууга тулуурдаах буолуу, санаа күүһэ баара туһалыыр. “Өһөспүн киллэрдэхпинэ тулуйабын” диэн санааны бөҕөргөтүү киһиэхэ хаһан баҕарар туһалаах.
Элбэх кыра, олоххо көрсүллэр бытархайдар аайыттан түһэн иһэр санаа ордук куһаҕан. Кыра, быстах куһаҕаннар элбээтэхтэринэ “Санааҕар тутума” диэн этиини туһаналлар, куһаҕаннары умналлар. «Кыра аайы кыһаммат» диэн этии санаа түспэт, уларыйбат буолуутугар ордук сыһыаннааҕыттан бөҕө, күүстээх санааны биллэрэр.
«Туох да кыаттарбат, табыллыбат» диэн санаа чахчы түспүтүн биллэрэр этии баар. Бу этиигэ эппиэтинэн «Туох барыта кэмигэр табыллар» диэн этии үөскээбит уонна киһини тулуурдаах буолууга, табыллыбатах дьыаланы хатылаан, өссө тупсаран оҥорууга тириэрдэринэн туһата улахан.
Сахалар олус былыргы кэмнэртэн санаа хайдах дьайарын быһаараннар өс хоһоонун үөскэтэн оҕону иитэллэригэр туһаналлар. “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн этии киһи санаатын туругун, күүһүн быһаарар. Кыра аайыттан санааны түһэрбэт буолууга өһөс санаа тириэрдэр. Өсөһөбүн, ол аата санаабын күүһүрдэбин. Саҥа кэлэр көлүөнэлэр өйдөрүн-санааларын туругун баһаарарынан, өссө күүһүрдэн, кытаатыннаран биэрэринэн бу өс хоһооно ордук улахан туһалааҕын билэн төрөппүттэр куруук туһана сылдьаллар, оҕолорун кыра эрдэҕиттэн тулуурдаах буолууга эрчийэллэр.
Санаа түһүүтэ киһини “Сүрэҕэ суох” оҥорор кыаҕа улахан. Эт-сиин бэйэтэ төрүөҕүттэн сүрэҕэ суох, сүрэҕэлдьиир. Өй-санаа эрэ киһини күһэйэн үлэни-хамнаһы оҥорорго тириэрдэр. Олоҕор ханнык да уларыйыылары киллэриэн, оҥоруон, тутуон, үлэлиэн баҕарбат киһини сахалар “Сүрэҕэ суох”, “Сүрэҕэ тэппэт” диэн ааттыыллар. Бу этии үлэҕэ сыһыаннааҕа сүрэх хаһан да тохтообокко эрэ үлэлиириттэн тирэх ылан үөскээбит.
Эт-сиин сытар, сынньанар баҕа санаата баһыйдаҕына киһи уһуннук сытыан сөп. Киһи сүрэҕэ суоҕа, тугу да уларытыан баҕарбата сарсыарда оронтон турарыттан ордук биллэр. Саҥа үүммүт күҥҥэ тугу эмэ оҥорор санаалаах киһи уһуктаат оронуттан ойон туруон сөп. Уһун үйэтин тухары элбэхтик үлэлээбит, сааһырбыт киһи сарсыарда оронуттан турарыгар, кыратык да буоллар сыта түһэр санаата киирэн кэлэрин өйүн-санаатын күүһүнэн, ону оҥоруохтаахпын, маны тутуохтаахпын диэн санаата баһыйан, туран дьарыктаммытынан барар кыахтаах буоллаҕына, оҕо, эдэр киһи субу билигин тугу да гынарым суох диэн санаата баһыйарыттан уһуннук сыта үөрэнэн хаалыан сөп.
“Сыта түһүөххэ” диэн куһаҕан, мөлтөтөр, эт-сиин баҕа санаатын киһи дьулуурун, өйүн-санаатын күүһүнэн кыайан, хам баттаан суох оҥордоҕуна эрэ, оронуттан оронон туран тугу эмэни туһалааҕы оҥорор, уларытар, үлэлиир-хамсыыр кыахтанар. Өй-санаа киһиэхэ туһалааҕы оҥотторор, тугу эмэ уларытар, тупсарар, онно күһэйэр сүрүн күүһүнэн буолар.
Сыт диэн тылбытыттан салгыы сытыйыы диэн тыл үөскээн тахсара сытыы туһата аҕыйаҕын биллэрэр. Киһиттэн өйө-санаата өһөс, дьулуурдаах буолара, аҕыйахтык сытара, үлэни-хамнаһы өрө тутара хайаан да эрэйиллэр. Илиилэринэн үлэлээбэт дьон сааһыран истэхтэринэ доруобуйалара мөлтүүрүн тэҥэ, оҕолорун үлэҕэ-хамнаска үөрэтэр кыахтара кыччыырыттан кэлэр көлүөнэлэрэ өссө мөлтүүллэр.
Сүрэҕэ суох буолууттан кыһалҕа, туох эмэ атын булан кыһарыйара эрэ эбэтэр төрөппүт этэрэ оҕону, киһини хамсатар кыахтаах, “Кыһалҕа кыһыл талах кымньыылаах” диэн өс хоһооно баар. Киһи өйүгэр-санаатыгар туһалааҕы тугу эмэ оҥоруохха диэн санаата, атын сынньанар, сытар санаатын баһыйар, кыайа тутар буоллаҕына эрэ, этин-сиинин туһалааҕы оҥорууга анаан оронтон туруоран, хамсатар кыахтанар.
Оҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэйэ бэрдиттэн өйүн-санаатын дьарыктыыры, ийэ кутун иитэри, аһара барбатын хааччахтыыры, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэри төрөппүттэр билигин умнан сылдьаллар. Эстибит сэбиэскэй былаас оҕо төрөөтөр эрэ “киһи буолар” диэн сыыһа этиигэ тириэрдэн кэбиспитэ төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитэллэрин суох оҥорбута. Бу кэмҥэ элбэх сыыһалардаах «айыы үөрэҕин» оҕо ийэ кута халлаантан кэлэн түһэр диэн таһы-быһа сымыйа үөрэхтэрэ сэбиэскэй былаас халытыыта билигин да хаала илигин, ити быһыы салҕанан баран иһэрин биллэрэр.
Оҕону кыра эрдэҕиттэн ийэ кутун бэрээдэккэ, киһи буолууга утумнаахтык ииттэххэ, үөрэттэххэ эрэ туох эмэ үчүгэй үгэстэри иҥэринэн үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатарын бу сымыйа “айыы үөрэҕэр” балыттаран туһамматтар, хаалларан сылдьаллар.
Киһи бэйэтин аһынан, уһуннук сынньата сытыаран, онно үөрэтэн кэбистэҕинэ, онтун үгэс оҥостон кэбиһэринэн, сытара, сынньанара элбээн иһэр. «Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх» диэн этии киһи бэйэтэ сүрэҕэлдьиирин, оҥорбокко хаалларан кэбиһэрин билиммэккэ атын биричиинэлэри булан, олорунан быһаара, сабына сатыырын биллэрэр.
Санаа түһүүтүн кыайыы, олоххо ханнык эрэ хамсааһыннары, уларыйыылары, тупсарыылары киллэрии хас биирдии киһиттэн ирдэнэр олох көрдөбүлэ буоларын таба өйдөөн санааны бөҕөргөтүүнэн, күүһүрдүүнэн утумнаахтык дьарыктаналлар. Сахалыы таҥара үөрэҕэ үчүгэй санаалары үгэс оҥостон иҥэриини үөскэтэрэ санаа күүһүрэригэр көмөтө улахан. (2,90).
Туһаныллыбыт литература
1. Нельбисова Г.В. Күннэй кистэлэҥэ. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 112 с.
2. Каженкин И.И. Күн таҥара үөрэҕэ. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор", 2016. - 148 с.