Омуктар ааттара
ааттара икки өрүттээх, иккилии ааттаахтар. Бастакытынан, бэйэлэрэ билиммит ааттара. Иккиһинэн, ыаллыы омуктар иҥэрбит ааттара.
Тус-туспа омуктар уһуннук бииргэ олорон дириҥник билсистэхтэринэ саҥарар тылларынан сөп түбэһэр өйдөбүллээн бэйэ-бэйэлэригэр ааттарын иҥэрэллэр. Былыргы кэмнэргэ үчүгэй ааттара кэлин кэмҥэ уларыйан үөхсүү тылыгар кубулуйан барыан эмиэ сөп. Ол барыта бу омуктар бииргэ олорбут кэмнэригэр бэйэ-бэйэлэригэр хайдах сыһыаннаспыттарыттан, эйэлээхтэриттэн эбэтэр этиспиттэриттэн, охсуспуттарыттан, сэриилэспиттэриттэн тутулуктанан ааттарын өйдөбүллэрэ үөскүүрүттэн тутулуктаах.
Сахалар олус уһун үйэлээхтэрин, төһө эмэ ыраах соҕуруу сирдэргэ тиийэ баһылаан олохсуйа сылдьыбыттарын билигин дакаастыыллар. Бу дакаастыырга уһун үйэлэр тухары уларыппакка, харыстаан илдьэ кэлбит саха тылын көмөтө олус улахан.
Урукку кэмнэргэ саҥа омук икки кырдьаҕас омуктар икки ардыларыгар үөскээн ахсааннара эбиллэн, тэнийэн тахсыытыгар икки кырдьаҕас омуктары икки аҥы үтүрүйэн, олохтоох сирдэриттэн сыҕарытан барарын, ол түмүгэр сир былдьаһыыта, үтүрүйсүү, сэриилэһии, кыаттарбыт үүрүллүүтүн кэмэ үөскээн тахсар.
Бииргэ олорон баран тапсыбакка өр кэмҥэ сэриилэһэн, үүрүллэн-түрүллэн арахсыбыт омуктар бэйэлэрин ааттарын үөхсүү тыллара оҥостон илдьэ сылдьалларын олус уһун үйэлээх саха тылларыттан элбэҕи булуллар. Ол тыллары биир-биир ааҕыталаан көрдөххө манныктар бааллар:
Куһаҕан диэн сөбүлээбэти, сирэри, сөпсөспөтү биллэрэр тыл. Олус былыргы кэмнэргэ сахалар Кушанскай царствоны кытта тапсыбакка арахсыбыттарын, элбэхтик иирсибиттэрин, үөхсүбүттэрин бэлиэтинэн бу тыл куһаҕан дьону, куһаҕан, сөбүлээбэт быһыыны, туох баар куһаҕаны бэлиэтиир тылга кубулуйан туттуллар буолбут. Сахалыы куһаҕан диэн тылтан үөскээбит ааттаах Орто Азия былыргы Кушанскай царствота өр кэмҥэ илиҥҥи хууннар баһылааһыннарыгар олорбут. (1,41).
Адьарай бииһэ диэн сахалар абааһы көрөр, олоҥхолоругар элбэхтик ахтар биистэрэ. Бу сахалар олус тапсыбатах, уһуннук сэриилэһэн эрэйгэ тэбиллэннэр аллараа дойду абааһыларыгар, адьарайдарга кубулуппут биистэрин ааттара буолар. (2,205).
Хара Хааннар диэн сахалар тапсыбатах, сөбүлэспэтэх биистэрэ. Хара диэн тыл сахаларга хаһан баҕарар куһаҕаны, ыараханы, хараҥаны биллэрэр. Бу тыллар Афганистан сиригэр былыргы Караханидтар династиялара үөскээһинигэр олук буолбуттар. (3,129).
Абар - кыыһырыы. Абар, абардар – авары. Бу омуктар 6-с үйэҕэ Каспий истиэптэриттэн Дунаай өрүскэ көһөн тиийбиттэр. Германия уонна Италия кыраныыссаларын олохтоохторун сэриилиир эбиттэр. Хойут Паннонияҕа олорбуттар, 796 сыллаахха Карл Великэй сэриилээн кыайбытын кэнниттэн биллибэт буолбуттар. Славяннары уонна венгрдэри кытта булкуспуттар. (4,9). Кыыһырыы, абарыы үчүгэй майгы буолбатах. Маннык куһаҕан аатынан ааттаммыт омук атыттары кытта тапсан, биир тылы булунан иллээхтик олорбокко сэрии, өлөрсүү өттүн тутуспуттарыттан Европаҕа суох буола симэлийбиттэр.
Сараһын диэн үөхсэр, куһаҕан тыл. Бу олус былыргыттан биллэр куһаҕан, үөхсэр тыл үөскээһинигэр сарациннар государстволарын кытта сахалар тапсыбакка арахсыбыттара олук буолбутугар сөп. Сарациннар диэн орто үйэлэргэ мусульманнары барыларын холбуу ааттыы сылдьыбыттар. (4,525).
Илээттэр – элеты. Былыргы калмыктар төрүттэрин кытта сахалар Енисей өрүс тардыыларыгар бииргэ олоро сылдьан баран улаханнык үөхсэн, тапсыбакка арахсыбыттар. (5,162).
Буруттар диэн былыр буряттары ааттыы сылдьыбыттар. Бурут диэн тылы уларытан, арыыйда тупсаран буряттар бэйэлэрин ааттаммыттар. Бурут диэн сахалыы икки омук тылынан буккуйа саҥарар диэн биллэр өйдөбүллээх тыл. Сахалар Байкал күөл илин эҥээринэн өр үйэлэргэ хоролордуун бииргэ олорон үөскэппит буккуур тыллаах бурут омуктара сайдан, элбээн тахсаннар сахалары хоту диэки үтүрүйбүттэрэ дакаастанан эрэр.
Дьоппуоннар диэн омуктар билигин Японияҕа олороллор. Сахалар хаһан, ханнык кэмнэргэ дьоппуоннары кытта бииргэ олоро сылдьыбыттара билигин даҕаны остуоруйа үөрэҕэр дакаастанан биллэ илик. Арай дьоппуон диэҥҥэ дьөппөн диэн сахалар биир төрүт уустарын ааттара олус маарынныыр. Билигин дьоппуоннар төрүттэрэ билиҥҥи Корея тумул арыытыттан муоранан устан тиийбиттэрэ биллэр буолла. Сахалар бу омуктары былыргыттан таайдарбыт диэн ааттыыллар. Былыр бииргэ олоро сылдьыбыттара сөбүн биһиэхэ Дьөппөн нэһилиэктэрин тимир уустара бааллара сүрүн дакаастабылынан буолуон сөп. Дьөппөн да Дьоппуон да олус маарыннаһар тылларын тэҥэ биир идэлээхтэринэн, тимир уустара буоланнар, баһылыыр оруолу ыла сылдьыбыттара эмиэ биллэр. Дьоппуон диэн тыл сахаларга билигин даҕаны үчүгэй өйдөбүлэ суох, туох эмэ табыллыбатаҕына, сатамматаҕына кыһыйыыттан, абаттан ааттанар. «Дьоппуон баара» диэн этиллэр. Дьоппуоннары таайдарбыт диэн ааттааһын эмиэ олохсуйбут.
Кыргыстар диэн билигин баар омуктар. Сахаларга былыргыттан биллэр «кыргыс үйэтэ» диэн этии маннык үйэ баар буола сылдьыбытын бигэргэтэр. Кыргыстар күүһүрэн Орхон түүрдэрин үрэйэр, ыһар кэмнэригэр Өлүөнэ өрүс бастарыгар тиийэ сэриилээн кэлэ сылдьыбыттара биллэр. Кыргыстар диэн урукку киргизтэр ааттара. Туспа государство буолан арахсан баралларыгар бэйэлэрин төрүт ааттарын ылыныылара сахалар остуоруйаларын биир биллибэт өттүн быһаарыыга туһалаата. Байкал күөл аттыгар сахалар кыргыстары кытта тапсан бииргэ олорботохторун, элбэхтэ сэриилэспиттэрин «кыргыс үйэтэ» буолан ааспыта биллэрэр.
Сырҕан диэн кыыллыйбыт эһэни ааттыыбыт. Бу адьырҕаны бэлиэтиир куһаҕан тыл кыргыстар баһылыктара Бойла Кутлук Ярҕан-хан ааттыттан Байкал күөл кытыыларынан сэриилии сырыттаҕына үөскээбитэ сабаҕаланар. (1,78).
Шишкинскэй хайа сирэйигэр ойууламмыт аттаах киһи былыргы кыргыстар аттаах буойуннарын ойуута буолуон сөп. Сүһүөхтээн кыргыллыбыт сиэллээх ат ойуута кыргыстарга эмиэ баара биллэр буолла.
Амырыын диэн ынырыгы, суостааҕы биллэрэр тыл. 16-с үйэҕэ манчжурдар сайдан тахсыыларыгар Амур өрүскэ олохтоох сахалары кытта элбэхтик сэриилэһэн хоту диэки үүрбүттэрин билигин остуоруйа үөрэҕэ син көнөн иһэринэн билэр буоллубут. Бу олус куһаҕан, ынырык диэн суолтаҕа туттуллар тыл кылгаан Амыр диэн буолан сахалар үүрүллүбүт өрүстэригэр иҥэн хаалбыта олус сөптөөх. Сахалар 17-с үйэҕэ диэри Амур биэрэктэригэр олоро сылдьыбыттарын А.И.Эверстов көрдөөн булан, дакаастаан суруйар. (6,115).
Бэйэ-бэйэлэрин кытта эйэлээхтик, көмөлөһөн, көмүскэһэн уһун үйэлэргэ бииргэ олорбут омуктар ааттара үөхсэр, куһаҕан тылга хаһан да кубулуйбаттар. Бу тыллар бэйэлэрин үтүө өйдөбүллэрин билигин да илдьэ сылдьаллар.
Төлөй диэн сахалар нэһилиэктэрин аата. Л.Н.Гумилев суруйууларыгар ахтыллар үрдүк тэлиэгэлээх теле биистэрин ордубуттара буолуохтарын сөп.
Үөдэй диэн сахалар аҕа уустара. Былыр Алтайга олорбуттара саҥа дакаастанан эрэр, кытайдар суруктарыгар киирбит юэчжилэр сахалыы Үчүгэй Үөдүйээн төрүттэрэ буолуохтарын сөп. Сахалар бу омуктары кытта бииргэ олоро сылдьыбыттара кыра кыралаан дакаастанан иһэллэр. (3,52). Үөдэй диэн саха тыла буоларын ким да саарбахтаабат, өссө былыргыттан туспа нэһилиэк баара олус былыргы кэмнэртэн ыла эйэлээхтэрин туоһута буолар.
Күннэр эбэтэр сүүнэлэр диэн хууннар сахалыы ааттара. Саха тимир уустара аан маҥнай тимири уһаарары, уһанары баһылааннар, ол сэрии сэптэринэн Аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймыылларыгар хууннары кытта бииргэ сылдьыбыттар. (1,23). Күнү таҥара оҥостубут омуктар - күннэр. Үчүгэйи, үрүҥү уонна куһаҕаны, хараны тус-туспа арааран өй-санаа сайдыыта Христос, үчүгэй киһи–таҥара үөскээһинигэр бу кэмҥэ тириэрдибитэ.
Урааҥхайдары кытта сахалар уһун кэмҥэ бииргэ олорон холбуу ааттаах урааҥхай-саха омугу үөскэппиттэр. Бу саҥа омук киэҥ сирдэри баһылыы сылдьыбыта олоҥхолортон биллэр. Г.В.Ксенофонтов сүрүн үлэтин урааҥхай-сахалары үөрэтиигэ анаабыта. (5,204). Ураа диэн ур диэнтэн үөскээбит саха тыла. «Ураа муостаах» диэн туруору муостаах уу оҕуһун этэбит. «Ураа» хаһыылаах урааҥхай омуктар бэйэлэрин үйэлэригэр Урянхайскай краай диэн киэҥ сири-уоту баһылыы сылдьыбыттар. (9,93).
Хоролор сахаларга холбоспуттар. Сүүрүк оҕустаах Улуу Хоро оҕонньор сахалар биир төрүттэринэн ааҕыллар. (7,35). Сахалар хоролордуун Кытайдар сирдэригэр, Монголияҕа, Байкал күөл таһыгар уонна Саха сиригэр уһун үйэлэргэ, хоролор симэлийиэхтэригэр диэри бииргэ олорбуттар. «Хороҕор муостаах» диэн ынах сүөһү хоролор ааттарынан ааттаммыта, бу ааты сахалар иҥэрбиттэр диэн өйдөбүлү биэрэр. Хоро хаан диэн тылларбытын кытайдар табан саҥарбакка тыллара булдьуйан "гулигань" диэн суруйбуттарын буланнар, төттөрү эргитэн аҕалан, онтон тылбаастаан билигин кэлэн курыкан диэн ааттыы, ону үтүктэ сылдьарбыт хомолтолоох.
Кэриэйдэр диэн омуктар сахалартан соҕуруу диэки олорбуттар. Бу дьүһүн хоһуйан ааттааһын. Кэриэ диэн тыл хараарбыт, күн уота сиэбит диэн өйдөбүллээх билигин да туттулла сылдьар. Былыр сахалартан бэйэлэриттэн соҕуруу, ордук итии, күн уоттаах сирин диэки олохсуйа сылдьыбыт омуктары итинник табатык ааттаабыттара иҥэн бэйэлэрин ааттарыгар кубулуйан хаалбыт.
Моҕоллор диэн сахалар монголлары ааттыыллар. Нууччаларынан эргитэн кэнники сурукка киирбитинэн ылынан туһанарбытынан тылбыт «ҕ» дорҕооно уларыйан монгол диэн буолбут. Моҕол диэн хайгыыр, киһиргэтэр тыл. Моҕол диэн улахан ураһаны ааттыыбыт. Бу ураһаны моҕоллору кытта бииргэ олоро сылдьар кэммитигэр оҥорон туһанар буола үөрэммиппитин бу тыллар дакаастыыллар. Орто Азияҕа монголлары урут моголлор диэн ааттыыллара сурукка киирбитинэн эмиэ биллэр. (3,222).
Тоҥустар диэн тоҥ уустар. Сахалыы саҥарбаттар, ол иһин итинник ааттаммыттар. Кэлин нууччалар сурукка киллэриилэригэр «ҥ» дорҕоону кыайан саҥарбаккалар, «нг» диэҥҥэ уларытан тонгус, тунгус диэн тупсаран биэрбиттэр.
Кытайдар диэн ааттаах омуктары нууччалар сахалартан истэн сурукка киллэрбиттэр. Олоҥхолорго кэпсэнэр Кытай-Бахсы диэн ааттаах былыргы уус төрүппүт холбуу аата бахсы уустара кытайдары кытта бииргэ кыттыһан тимири аан бастаан уһаарбыттарын, уһаммыттарын, тимиртэн сэрии сэбин-сэбиргэлин оҥорон тарҕаппыттарын биллэрэр. Кытайдары кытта бииргэ олоруу элбэх туһалаах буолбутун тимир ууһа төрүппүт Кытай-Бахсы диэн ааттааҕа бигэргэтэр. (8,20).
Уйгуурдар – уйгуур дьон. Баай талым олохтоох уйгуурдары кытта сахалар былыргы Монголия сиригэр өй кэмҥэ бииргэ олоро сылдьыбыттар уонна бэйэлэрин тылларынан аат биэрэн иҥэрбиттэр. (9,93).
Хос ааттаһыы диэн сахаларга былыр-былыргыттан баар. Омуктар уһуннук бииргэ олорон бэйэ-бэйэлэрин билсистэхтэринэ өйдөрүгэр-санааларыгар, туох эрэ уратыларыгар сөп түбэһэр хос ааттары иҥэрсэллэр уонна ол ааттара үчүгэй дуу эбэтэр куһаҕан дуу сыһыаннаахтарыттан өйдөбүллэрэ үөскээн олохсуйар, иҥэн хаалар. Сир-дойду былдьаһыытыттан дуу, атын туохтан эмэ дуу сылтанан тапсыбатахтарына, сөпсөспөтөхтөрүнэ, үтүрүстэхтэринэ, биир тылы булумматахтарына ол ааттара куһаҕан, үөхсэр тылларга кубулуйаллар. 2014 сыллаахтан украинецтар нууччалартан арахсаары араастаан ааттаһан үөхсэ сылдьаллар.
Олус былыргы кэмнэргэ сахалар ааттаабыт хос ааттара үгүс улахан, олус күүһүрэ, киэҥ сирдэри баһылыы сылдьыбыт государстволарга, онно олохсуйбут омуктарга уһун үйэлэргэ иҥэн, олохсуйан, остуоруйаҕа киирэн хаалыыта саха тыла оччотооҕу кэмҥэ олус тарҕаммытын, элбэх государстволар тыллара буолан туһана сылдьыбыттарын дакаастыыр.
Саҥа үөскээбит омуктар сахалыы тылынан бэйэлэрин аан бастаан ааттаммыттара бу омуктар дьиҥнээх бэйэлэрин ааттарыгар иҥэн хаалан сылдьарыттан биһиги сахалар олус улаханнык киэн туттуохпутун сөп. Олус уһун үйэлээх, элбэх омуктары кытта бииргэ олорбут буоламмыт олохпут үөрэҕэ олус дириҥ уонна киэҥ, тылбыт саппааһа аһара элбэх. Ити барыта сахабыт тылын ордук кичэйэн харыстыырбытыгар уонна эбэ, уларыта сатыырбыт куһаҕанын, сатамматын өйдөтөр.
Саҥа үөскээбит омуктар ким диэн бэйэлэрин ааттаналлара хайа омук тылынан буолара бу омук саҥа омугу үөскэппитин быһаарар. Нууччалыы тылынан бэйэлэрин ааттаммыт омуктар украинецтар уонна белорустар нууччалар атын омуктары кытта кыттыһан үөскэппит омуктара буолаллар. Икки эрэ омугу үөскэтэн бэйэлэрин тылларынан аат биэрбит нууччалар бэйэлэрэ эмиэ эдэр омукка киирсэллэр. (10,81).
Туһаныллыбыт литература
1. Антонов Н.К. Наследие предков.- Якутск: Нац. кн. изд-во «Бичик», 1993.- 200 с.
2. Кривошапкин А.И. Евразийский союз. – Якутск: Бичик, 1998. – 240 с.
3. Рыжов К.В. Величайшие монархи мира. – М.: Вече, 2007.- 400 с.
4. Иллюстрированный энциклопедический словарь Ф.Брокгауза и Ефрона.
5. Г.В.Ксенофонтов. «Ураангхай сахалар» Том 1, книга 2. Нац. кн.изд. Республики Саха (Якутия), 1992.- 318 стр.
6. А.И.Эверстов. Байкал уу сахаларын таабырыннаах дьылҕалара. – Дьокуускай: Сайдам, 2005. – 144 с.
7. Боло С.И. Прошлое якутов до прихода русских на Лену.- Якутск: Нац. кн. изд-во «Бичик», 1994.- 352 с.
8. Ойуунускай П.А. Дьулуруйар Ньургун Боотур.- Дьокуускай: 2003,- 544 с.
9. Г.В.Ксенофонтов. «Ураангхай сахалар» Том 1, книга 1. Нац. кн.изд. Республики Саха (Якутия), 1992.- 416 стр.
10. Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор", 2013. - 108 с.