Николаев Иосиф Алексеевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Николаев Иосиф Алексеевич (муус устар 2 күнэ 1953, Өлөөн, Өлөөн улууһа — бэс ыйын 24 күнэ 2017) — Дьокуускай контрольно-счетнай палататын бэрэссэдээтэлэ.

Биография

1953 сыллаахха муус устар 2 күнүгэр Өлөөн улууһун Өлөөн бөһүөлэгэр төрөөбүтэ. 1997 сыллаахха Саха судаарыстыбыннай университетыгар историк идэтигэр бүтэрбитэ. Кэлин иккис юрист үөрэҕин ылбыта.

1970 сыллаахха Өлөөн оройуонун култуура дьиэтигэр худуоһунньук-киэргэтээччи быһыытынан үлэтин саҕалаабыта. Онтон 1992 сыллаахха диэри Өлөөн райкомугар үлэлээбитэ. 1995 сыллаахха СӨ Ил Түмэн саҥардыы оҥоһуллубут Хонтуруолунай комитетыгар инспектор быһыытынан үлэлии ыҥырбыттара. Сыл ааһан былаас, салайыы уонна хонтуруол судаарыстыбыннай органнарын дьайсыыларыгар сыһыаннаах салааты, онтон тэрийэр-правовой парламент хонтуруолунай комитет салаатын салайарга анаабыттара.

Аатын үйэтитии

2019 сыллаахха муус устар 17 күнүгэр Дьокуускай куорат думатын РЯГД-6-10 ыйааҕынан Тускул микроройуонун уулуссата Николаев Иосиф Алексеевич аатынан ааттаммыта.

Литэрэтиирэ

  • Имена на улицах Якутска : (биобиблиографический справочник) / Окружная администрация города Якутска, Управление культуры и духовного развития городского округа «город Якутск» Муниципальное бюджетное учреждение "Централизованная библиотечная система городского округа «город Якутск», Информационно-библиографический отдел; [составители: Зедгенидзева А. Н., Иванова М. Н., Купоросова Т. И. и др. ; редакторы: Попова С. В., Иванова М. Н. ; руководитель проекта Тихонова Н. Н. ; вступительное слово главы ГО «город Якутск» Евгения Григорьева]. — Якутск : ЦГБ, 2002- . — 21 см. Вып. 4. — 4-е изд., перераб. — 2022. — 693 c. : портр. — 69 экз.