Захарова Раиса Яковлевна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Захарова Раиса Яковлевна (06.04.1954—05.01.2013) — саха норуодунай артыыһа, ырыаһыт.

Олоҕун олуктара

  • 1954 сыллаахха муус устар 6 күнүгэр Горнай улууска Мытаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
  • Ахсыс кылаастан ыллаабыт. Бастакы ырыата «Комсомольский билет» диэн эбит.
  • 1976 сыллаахха, оскуоланы бүтэрээт, СПТУ-13 «баянист-хормейстер» идэтигэр үөрэммитэ.
  • 1978—1982 сс. — Дьокуускайдааҕы музыка училищетыгар биллиилээх ырыаһыт Венера Николаевна Сыллырова вокал кылааһыгар үөрэммитэ.
  • Музыка училищетын кэнниттэн Дьокуускайдааҕы радио уонна телевидение хоругар айар үлэтин саҕалаабыта.
  • 2013 сыллаахха тохсунньу 5 күнүгэр күн сириттэн барбыта.

Дьиэ кэргэнэ, аймахтара

  • Аҕата — Егоров Михаил Спиридонович, булчут идэлээх.

Айар үлэтэ

2009 сыллаахха муус устар 10 күнүгэр Өксөкүлээх аатынан культура Киинигэр «Сааскы сырдык иэйиилэрим» диэн айар киэһэтэ буолбута.

Ыллаабыт ырыалара

  • «Бастакы хаар сылаас нуолура» (С. Тарасов тыллара, М. Данилова мелодията)
  • «Быраһаай, күөх сайын барахсан» (В. Ноев тыллара уонна мелодията)
  • «Күөгэһэр лабаалар» (Петр Тобуруокап тыллара, Аркадий Алексеев мелодията; Аркадий Алексеевтыын ыллаабыт)
  • «Кэрэчээнэ» (И. Ороһуунускай тыллара, Д. Санников мелодията)
  • «Ньургуһун» (Н. Артемьев тыллара, Д. Санников мелодията)
  • «Хоту кыраай туһунан ырыа» (И. Гоголев тыллара, М. Данилова мелодията)
  • «Ыһыах» (А. Варламова тыллара уонна мелодията)

Раиса Захарова туһунан суруйуулартан [1]

Кини куолаһа сааскы сүүрүк курдук ыраас, киэҥ, холку уонна киһи дууһатын таарыйар сүрдээх ис киирбэх кэрэ тембрдаах. Сахалыы ырыа колоритын табан, ураты тыыннаан, киһи барыта ис дууһатыттан дуоһуйа истэр гына толорон, дьон уйулҕатын хамсатар дьоһуннаах ырыаһыт.

— Февронья Баишева, Российскай Федерация үтүөлээх артыыһа, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа

Ырыа айааччы Данил Санников «Кэрэчээнэ» диэн (И. Ороһуунускай тылларыгар) биир бастакы ырыатын Раиса Захарова ыллаабыта. Онтон ыла Данил Санников элбэх ырыаларын көрөөччү-истээччи киэҥ эйгэтигэр таһаарбыт («Күндү ийэм барахсан», «Таптал киэһэтэ» (С. Кустуктаанап), «Эһиэкэй» (И. Гоголев), «Ньургуһун» (Н. Артемьев) о. д. а.).

Раиса Захарова ыллыырын 70 сыллар ортолорун диэки истибитим. Оччолортон Раиса күүстээх куоластаах, кыраһыабай тембрдээх этэ, музыканы, ырыаны олус үчүгэйдик истэрэ. Ыллыырыгар хайдах эрэ, ис-иһиттэн иэйэн туран ыллыыра, ол иһин истээччи Раиса сценаҕа тахсарын ытыс тыаһынан көрсөр буолбута. Ыллыыр дьоҕура Бэрдьигэстээххэ үлэлии сырыттаҕына ордук аһыллыбыта.

— Данил Санников, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ

Эдьиэй Марыына (Марина Попова) кэнниттэн саха бастыҥ ырыаһыттарыттан Раиса Захарованы ааттыахха сөп этэ. Билиҥҥи кэмҥэ сахалыы ырыалары ситэрэн-хоторон, эйээритэн, кылыһахтаан, ис хоһоонун чуолкайдык дьоҥҥо тиэрдэринэн кини тэҥнээҕэ суох. Аны, тыла чуолкайын көрүөҥ этэ! Истээччигэ хайа баҕарар ырыаны үчүгэй сэһэн курдук тиэрдэр. Ити ырыаһыт биир саамай дьоһуннаах ситиһиитинэн буолар уонна итинник талаан чахчы айдарыылаах эрэ дьоҥҥо бэриллэр. <…> Саха ырыата кини ыллаатаҕына эбии сайдар, тупсар дии саныыбын. Ол туоһутунан саха норуота кинини киэҥник, дириҥник билиниитэ буолар.

— Аркадий Алексеев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, композитор

Через пение Раисы Захаровой ощущаешь природу северного края, самобытную жизнь северян и интересный, своеобразный колорит песен якутского народа. Красивый тембр ее голоса делает еще краше любую песню. Побывав много раз в Якутии, я заметила, что не все современные певицы владеют национальным певческим мастерством. У Раисы это, видимо, от природы. Я б ее назвала воистину народной певицей. За каждое достояние якутского народа я искренне радуюсь, поэтому очень горжусь прекрасной певицей Раисой Захаровой, ее талантом! В ее репертуаре подобраны очень красивые песни, они так созвучны с ее голосом. Хочется вновь и вновь слушать.

— Турсунай Оразбаева, казах поэтессата

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа (1991)
  • Саха норуодунай артыыһа[2] (2010)
  • Горнай улууһун Ытык олохтооҕо[3]

Быһаарыылар

Сигэлэр