Алексеев Аркадий Михайлович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Алексеев Аркадий Михайлович
Төрөөбүт күнэ 12 ахсынньы 1937({{padleft:1937|4|0}}-{{padleft:12|2|0}}-{{padleft:12|2|0}}) (86 саастаах)
Төрөөбүт сирэ

Алексеев Аркадий Михайлович — саха аатырбыт мелодиһа, ырыаһыт, общественнай деятель.

Олоҕун олуктара

  • 1937 сыл ахсынньы 12 күнүгэр Майа сэлиэнньэтигэр төрөөбүт.
  • 1963 сыллаахха Москватааҕы педагогика институтун спорт факультетын бүтэрбит.
  • 1964 сыллаахха «Айан» ырыа бөлөҕүн салайааччыта уонна мелодиһа.
  • 1976 сыллаахха Бүтүн Союзтааҕы «Ищем таланты» конкурс лауреата буолбут.
  • 1975 сыллаахха «Айан» квартет Монголия народнай өрөспүүбүлүкэтигэр гастроллаабыт.

Айар үлэтэ

Аркадий Алексеев 60-н тахса ырыаны суруйбут.

«Тойбохой»

Бастакы ырыата. Аркадий Алексеев ахтыытыттан:[1]

Бастакы ырыабын, И. Алексеев тылыгар «Тойбохойу», 1956 с. күһүнүгэр, 10-с кылааска сылдьан айбытым. Ол саҕана Сунтаар Тойбохойун хантан билиэмий, көрбөтөх дойдум буоллаҕа. Хайдах эрэ оннук айыллан хаалбыт. Дьиҥинэн, ол саҕана «Эдэр коммунист» хаһыакка хоһоон бөҕө тахсара, онтон көрөн бэрт элбэх ырыаны айбытым быһыылааҕа да, ити билигин «Тойбохойум» эрэ «ордон» сылдьар.

«Илиибин уунабын эйиэхэ»

Валерий Ноев өлбүтүгэр, олус аһыйан, хараастан, Леонид Попов хоһоонугар айбыт[1].

Айымньылара

  • Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ. Дьокуускай, 1978.
  • Эйигин кытары сиэттиһэн. Дьокуускай, 1991.
  • НВК «Саха» хас даҕаны Саха Сирин айылҕатын туһунан документальнай киинэни устубута.

Биллибит ырыалара

  • «Аан дойду ыччатын сүрэҕэ» (Иван Гоголев тыллара)
  • «Ардах» (Леонид Попов тыллара)
  • «Илиибин уунабын эйиэхэ» (Леонид Попов тыллара)
  • «Күөгэһэр лабаалар» (Петр Тобуруокап тыллара)
  • «Күөрэгэйдиин көрсүһүү» (Петр Тобуруокап тыллара)
  • «Кэрэ кыыска» (Прокопий Григорьев тыллара)
  • «Мутукча сыта» (Петр Тобуруокап тыллара)
  • «Ньургуһунна бэлэхтээ» (Петр Тобуруокап тыллара)
  • «Сааскы вальс» (Николай Попов тыллара)
  • «Саха үҥкүүтэ» (Семен Данилов тыллара)
  • «Суолга» (Николай Попов тыллара)
  • «Сурук» (Леонид Попов тыллара)
  • «Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ» (Петр Тобуруокап тыллара)
  • «Сэбирдэхтэр» (Николай Попов тыллара)
  • «Таммахтар» (Василий Дедюкин тыллара)
  • «Таптыырга буруй суох» (Петр Тобуруокап тыллара)
  • «Тойбохой» (Иван Алексеев тыллара)
  • «Улахан тапталы умнумуох» (Петр Тобуруокап тыллара)
  • «Устудьуон доҕорбор» (Николай Попов тыллара)
  • «Хайа, хаһан кэлэҕин?» (Семен Данилов тыллара)
  • «Хайгыыр хара харахтааҕым» (Роман Атласов тыллара)
  • «Ыйдаҥа түүн» (Николай Попов тыллара)

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа
  • Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ (1977)
  • Саха Сирин искусствотын үтүөлээх деятелэ (2004)
  • Дьокуускай куорат ытык киһитэ[2] (1998, тохсунньу 14)
  • Мэҥэ-Хаҥалас улууһун ытык киһитэ
  • Тойбохой нэһилиэгин ытык киһитэ[3] (2012)

Быһаарыылар

Өссө маны көр

Сигэлэр