Емельянов Степан Иннокентьевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Емельянов Степан Иннокентьевич — артыыс, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа.

Олоҕун олуктара

  • 1935 сыллаахха сэтинньи 29 күнүгэр Саха АССР Орджоникидзевскай оройуонун (билиҥҥи Хаҥалас улууһа) Төрдүс Малдьаҕар нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
  • Тиит-Арыы, Сиинэ оскуолаларыгар үөрэммитэ.
  • 1954—1956 сс. —Тихоокеанскай ВМФ сулууспалаабыт.
  • 1961 с. — Покровскайга үлэһит эдэр ыччат киэһээҥҥи орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ.
  • 1961—1966 сс. — М. С. Щепкин аатынан Москватааҕы театр училищетыгар үөрэммитэ.
  • 1966—1973 сс. — Ньурбаҕа драма театрын артыыһа.
  • 1974—1976 сс. — П. А. Ойуунускай аатынан Саха государственнай драма театрын артыыһа.
  • 1976—1980 сс. — Дьокуускайдааҕы музыкальнай театр директора.
  • 1980—1983 сс. — П. А. Ойуунускай аатынан Саха государственнай драма театрын артыыһа.
  • 1983 сылтан — П. А. Ойуунускай аатынан Саха государственнай драма театрын директора.

Айар үлэтэ

Киинэ

  • «Срочно… Секретно… Губчека» (Аксенов оруолугар)
  • «Семен Дежнев» (Дежнев сирдьитин оруолугар) (1984)

Театрга оонньообут оруоллара

  • Виктор («Күкүр Уус»)
  • Лутули («Перед восходом солнца» Суорун Омоллоон)
  • Яковлев («Темная ночь» Николай Якутскай)
  • Яков Лукич («Поднятая целина» М. Шолохов)
  • Байтемир («Нэркэс» И. Юмагулов)
  • Президент («Коварство и любовь» Шиллер)
  • Александр («Последние» М. Горькай)
  • Банко («Макбет» Шекспир)
  • Бардасов («На водоразделе» В. Яковлев, В. Фомин)
  • от автора (сценическай композиция «Хаарыан хампа күөх кытылым», Ч. Айтматов «Пегий пес, бегущий краем моря» сэһэнинэн)

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа

Сигэлэр