Гурьев Дмитрий Афанасьевич
Гурьев Дмитрий Афанасьевич (04.09.1906—1982) — хирург, РСФСР уонна Саха АССР үтүөлээх бырааһа.
Олоҕун олуктара
- 1906 сыллаахха балаҕан ыйын 4 күнүгэр Сунтаар оройуонугар дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт.
- 1931 с. — Дьокуускайдааҕы медтехникуму бүтэрбит.
- 1937 с. — Иркутскайдааҕы медицина институтун бүтэрбит. Ол кэннэ оройуон балыыһаларыгар хирург бырааһынан үлэлээбит.
- 1951 с. — Дьокуускайдааҕы сэллиги эмтиир диспансер легочно-хирургическай салаатын сэбиэдиссэйэ.
- Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин икки ыҥырыытын депутата.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- РСФСР үтүөлээх бырааһа
- Саха АССР үтүөлээх бырааһа
- Ленин уордьана
- Ленин уордьана
- Октябрьская Революция уордьана
- «Бочуот Знага» уордьан
- Дьокуускай куорат Ытык олохтооҕо (1972)
- Сунтаар улууһун Ытык олохтооҕо
Аатын үйэтитии
Д. А. Гурьев аата Сунтаар улууһун Кутана участковай балыыһатыгар иҥэриллибит[1] (2006)
Өссө маны көр
Быһаарыылар
- ↑ Указ Президента РС(Я) от 07.09.2006 № 2912 «О присвоении имени Гурьева Дмитрия Афанасьевича Кутанинской участковой больнице муниципального образования „Сунтарский улус (район)“». — Газета «Якутия» № 167, 12.09.2006; Газета «Саха Сирэ» № 170, 12.09.2006
Сигэлэр
- Гурьев Дмитрий Афанасьевич. 1906—2006 годы: [к 100-летию со дня рождения выдающегося врача-хирурга и обществ, деятеля] / [гл.ред. д.м.н. А. Ф. Кравченко; науч. ред. и сост. д.м.н. проф. М. А. Тырылгин]. — Якутск: «Бичик», 2006. — 120 с.
- SakhaNews 05.10.2006:В 50-60 годах здравоохранение Якутии держалось на сельских фельдшерах
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |