Геллер

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
10 Словакия геллера, 1942 сыл, аверс
10 Словакия геллера, 1942 сыл, реверс

Геллер (Heller, атыннык өссө Haller диэн) info) — Орто үйэлэргэ уонна Саҥа бириэмэҕэ Германия дойдуларын бытарытар манньыаттара; XX үйэҕэ — чх haléř) уонна Словакия (словакhalier) бытарытар харчылара.

Аан бастаан геллер диэн 1200 сыллаахха Швабия Швебиш-Халле куоратыгар тахсыбыт пфеннигы (Schwäbisch Hall) ааттыыр этилэр.

Бастакы манньыаттар ыйааһыннара барыллаан 0,55 г этэ, 0,371 г үрүҥ көмүстээхтэрэ.

Кэлин геллер сыаната уонна хаачыстыбата хаста да уларыйбыта. XVI үйэҕэ геллер = 1/2 пфенниг тэҥнэспитэ.

Геллеры Германияҕа крейцерга тэҥнэһэллэрэ. Бүтэһик геллер Германияҕа 1866 сыллаахха Гессен-Кассель княжествоҕа анаан тахсыбыта.

1892 сыллаахха Австро-Венгрияҕа саҥа харчы киллэриллибитэ — 1 Австро-Венгрия кроната, 100 геллерга тэҥнэһэрэ, (филлер диэн ааттаммыта). Никельтан быһан 10 уонна 20 сыаналаах геллердары таһаараллара, 1 уонна 2 геллердары чаҥтан (боруонсаттан) оҥороллоро. Саҥа геллер 1/2 эргииртэн таһаарыллыбыт крейцерга тэҥнэһэрэ.

1904—1916 сыллардаахха Германскай Илин Африкаҕа (билиҥҥи Танзания, Руанда уонна Бурунди) 1/2, 1, 5, 10 уонна 20 сыаналаах геллер манньыаттара чаҥтан, алтантан, дьэс алтантан уонна алтан-никель холбоһугуттан быһыллыбыттара.

100 геллер = 1 рупияҕа тэҥнэһэрэ.

1918 сыллаахха, Австро-Венгрия империята үрэллибитин кэннэ, 100 геллерга тэҥнэһэр 1 кронаны Чехословакия (1921—1939 уонна 1945—1992 сс.) туттубуттара.

Чехословакия ыһыллыбытын кэннэ геллер 1/100 кронаҕа тэҥнэһэр Чехия уонна Словакия бытарытар манньыаттарынан буолбута.

2009 сыл тохсунньу 1 күнүттэн, Словакия евроҕа көспүтүнэн, геллер бу дойдуга бытарытар манньыат буолара тохтотуллубута. Чехияҕа бүтэһик геллер манньыаттара (50 геллердар) эргииртэн 2008 сыл атырдьах ыйын 31 күнүгэр уһуллубуттара.

Өссө маны көр

Сигэлэр