Пфенниг
Пфе́нниг (info) — Германия маркаттан 1/100 сыаналаах бытархай харчыта, евро киириэн иннинэ эргииргэ баара.
Тыл үөскээһинэ
Аан маҥнай пфенниг денарий (пеннингын (penning), пенязын (фенингын (хорв. fening; сиэрб. фенинг) кытары биир төрдүлээх. Тыл үөскээһинин чахчы төрүөтэ чопчу биллибэт, мөккүөрдээх:
- кельт тылыттан pen — голова (төбө);
- фриз тылыттан panding (бу тыл бэйэтэ латыын тылыттан төрүттээх pondus) — вес (ыйааһын);
- немец тылыттан pfanne — сковорода (хобордоох);
- ааҥл pawn, немец Pfand, скандинавскай pand тыллартан, залог (заклад) эбэтэр знак (символ).
История
Пфенниг XVIII үйэттэн саҕалаан үрүҥ көмүстэн, алтантан, чаҥтан, алюминийтан уонна тимиртэн быһыллара. VIII—XIII үйэлэргэ манньыат үрдүк хаачыстыбалаах үрүҥ көмүстэн оҥоһуллара уонна ол курдук үрдүктүк сыаналанара. Ол иһин бу эпоханы нумизматтар «пфенниг эпохата» диэн ааттыыллар.
XII үйэҕэ пфенниг араас көрүҥнэрин бэчээттээбиттэрэ. Ордук «геллерскай пфенниг» (ниэм. Häller Pfennig), хойут геллер (ниэм. Heller) диэн ааттаммыт манньыат, биллибитэ. Бастакы геллердарга алтаны эбэн быспыттара, онон бу манньыат бастакы ниэмэс ыраас алтантан оҥоһуллубут харчыта буолбута. XVII үйэ бүтүүтүгэр пфенниг үксэ алтантан оҥоһуллубут манньыат этэ. Үрүҥ көмүстэн оҥоһуллубут бүтэһик ниэмэс пфеннигтэрэ XIX үйэ бастакы аҥарыгар быһыллыбыттара.
XIX уонна XX үйэлэр пфеннигтэрэ
Германия империятыгар 1873 сыллаахха киллэриллибит кыһыл көмүс марка 100 пфеннигэ сөп түбэһэрэ (евро киллэриллиэр дылы).
Вейсмарскай республикаҕа уонна Үһүс рейхаҕа харчы эргииригэр рентнай пфенниг уонна рейхспфенниг бааллара.
ФРГ 1 пфеннига дьэс алтантан ыстаал ядроны кытта оҥоһуллаллара.
ГДР пфеннигтэрэ, дьэс алтантан оҥоһуллар 20 пфеннигтан уратылар, алюминийтан быһыллаллара.
Пфенниг бэлиэтэ
денарийын үтүгүннэрэн оҥоруллубуттар. Онон бу валюталар бэлиэлэринэн хара бастааҥҥыттан латыынныы denarius диэн тыл бастакы бичигэ буолбута.
Англияҕа уонна ааҥл тылынан саҥарар дойдуларга — d; Германияҕа — ниэмэс готика курсивынан —₰.
1971 сыл кэнниттэн (Улуу Британияҕа харчыны ааҕыыга уоннаах система киирбитинэн) пенни p бичигинэн бэлиэтэнэр, ниэмэс пфеннигын бэлиэтэ XX үйэ ортолоруттан үксүн туттуллубат.
Галерея
- Regensburger Pfennig.jpg
Регенбургскай пфенниг
(X үйэ) - Deutsche Pfennige.jpg
ФРГ пфеннигтэрэ
- 1 Pfennig DDR 1979.JPG
1 пфенниг (ГДР, 1979 с.)
Өссө маны көр
Сигэлэр
- Сайт Бундесбанка (ниэм.)
- Словарь нумизмата: ыстатыйалар Пенни, Пенни, Пеннинг, Пеняз, Пфенниг