Баай уонна дьадаҥы

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

дьадаҥы диэн үлэ дьонун икки өрүттэрэ ааттаналлар.

Kиһи хайдах олохтооҕуттан өйө-санаата тутулуктааҕа ханнык да саарбахтааһына суох буолла. Урукку кэмҥэ дьадаҥы дьон оҕолоро муҥкуктар, иннилэрин-кэннилэрин ситэ быһаарыммат килбиктэр, хоргустар диэн былыргыны, ыраахтааҕы саҕанааҕы кэми суруйааччылар бэлиэтээн суруйаллара. Онтон баай дьон оҕолорун «Тот оҕото дохсун, баай оҕото бардам» диэн этиинэн майгыларын толору быһаараллар этэ. Бу этиилэр киһи олоҕуттан өйө-санаата тутулуктаах диэн быһаарыыга эмиэ сөп түбэһэллэр.

Сэбиэскэй былаас уһун кэмҥэ Россия дьонун өйүн-санаатын буккуйан, киһи барыта тэҥ буолар диэн үөрэтэ сатаабыта. Бу үөрэх төрдүттэн сыыһата, ол аата киһи барыта кыайан тэҥнэспэттэрэ, перестройка хамсааһына үөскээһинигэр тириэрдэн сэбиэскэй былаас түргэнник, улахан утарсыыта суох сууллубута. Бу уһун кэмнээх үөрэх сабыдыалынан Россия дьоно баай уонна дьадаҥы дьон өйдөрө-санаалара төрдүттэн уратыланалларын, өссө сорох өттүлэринэн утарыта туралларын арааран, быһааран билэ иликтэр. Билигин дьон бары тэҥэ суохтарын син билинэннэр аны капиталистардыы сайдыы суолугар сыыйа киирэн эрэбит.

Дьон олоҕо биир тэҥ буолара кыайан ситиһиллибэт ыраах эбититтэн коммунизм идиэйэтэ улаханнык мөлтөөтө. Коммунизм идиэйэтэ дьон өйө-санаата олус өр кэмҥэ сайыннаҕына, көннөҕүнэ, тубустаҕына эрэ ситиһиэн сөптөөх ыра санаата буолара чахчы билиннэ. Бу ыра санааны үс көлүөнэ дьон олохторун устата күүһүлээн туран ситиһэ сатааһын кырдьык кыаллыбатын Сэбиэскэй Сойуус үрэллиитэ дакаастаата. Оҕо өйө-санаата төрөппүттэрин үгэстэриттэн, үөрэхтэриттэн, олохторуттан чиҥ билиини ылынан, үгэстэргэ үөрэнэн салгыы сайдан истэҕинэ эрэ туруктаах өйгө-санааҕа кубулуйарын сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарарын умнуу эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруга суох буолуутугар, араас быстах быһыыга түбэһэллэрэ элбээһинигэр тириэртэ.

Сир үрдүгэр олорор дьону барыларын хайдах олохтоохторуттан көрөн биэс сүрүн араҥаҕа араарыахха сөп. Бу дьон олохторун таһымыттан тутулуктанан өйдөрө-санаалара эмиэ биллэрдик уратылаһалларын тэҥнээн көрүү быһаарар:

1. Мөлтөх өйдөөх-санаалаах быстар дьадаҥы дьон. Бу дьон үгүстэрэ араас ыарыыларынан ыалдьаллар, доруобуйалара мөлтөх, үлэлиир-хамсыыр кыахтара олус аҕыйах. Олохторун тупсарар туһугар тугу да оҥорор санаалара да, кыахтара да суох, атын дьон көмөлөрүгэр, көрүүлэригэр наадыйаллар, тото аһаатахтарына уонна ханна эмэ сытар сирдэннэхтэринэ бары баҕа санаалара туолар. Бу дьон кэмиттэн көрөн баар дьонтон 5 эбэтэр 10 бырыһыаннарыгар тиийэ ылаллар.

2. Тиийиммэт, аҥалатыҥы өйдөөх-санаалаах дьон. Үгүстэрэ дьадаҥылар. Бу дьон баҕа санаалара намыһах, эттэрэ-сииннэрэ, доруобуйалара мөлтөх, үлэлиэхтэрин, хамсыахтарын соччо баҕарбаттар, быстар дьадаҥы дьону ордугургуу, барыта бэлэмҥэ сылдьыахтарын баҕара саныыллар, кыра эрдэхтэриттэн үлэлии үөрүйэхтэрэ суоҕуттан үлэни-хамнаһы кыайбаттар, ыгааһын, күһэйии күүһүнэн тугу эмэ кыраны, ким эмэ эппитин эбэтэр үтүктэн оҥоро сатыахтарын сөп. Бэлэмҥэ, улахан эрэйэ суох көстөргө тииһинэ сатыыллар, олус көрдөстөр. Бары дьонтон 10 эбэтэр 15 бырыһыаннарын ылыахтарыгар сөп.

3. Дьон саамай элбэх ахсааннарын ортоку баайыылаахтар ылаллар. Бу дьон бэйэлэрин үлэлэринэн-хамнастарынан айахтарын ииттинэллэр, үгүс туһалаах дьыалалары оҥороллор, бары баҕа санааларын, көрдөбүллэрин бэйэлэрин кыахтарыгар тэҥнээн биэрэри ситиһэллэр. Кыра эрдэхтэриттэн итиигэ-тымныыга үлэлии-хамсыы үөрэнэннэр тулуурдаахтар, дьулуурдаахтар, доруобуйалара бөҕө. Олохторун тупсаран иһии, үөрэҕи-билиини баһылааһын диэки тардыһар баҕа санаалара күүстээх. Yлэни-хамнаһы кыайа-хото үлэлииллэр, оҕолорун бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьан үлэҕэ-хамнаска үөрэтэллэр. Үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэрэ олохторун сиэриттэн үөскээн тахсар. Оҕолорун барыны-бары сыаналыырга, харыстыырга, хаһан да киһи быһыытын аһара барбат буолууга үөрэтэллэр. Элбэхтик Айылҕаҕа сылдьан үлэлииллэриттэн-хамсыылларыттан үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэрэ айылҕаттан тутулуктаахтар. Сырдыгы, үрүҥү үчүгэй, онтон хараҥаны, хараны куһаҕан диэн ылыналлар. Дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын барыларын билэллэр, оҕолорун олору оҥорбот буолууга үөрэтэллэр, ол иһин куһаҕан быһыылары оҥороллоро аҕыйах. Былыргы үгэстэри, сиэрдэри туомнары тутуһаллар, төрөппүттэрин, өбүгэлэрин ытыктыыллар, айылҕаны харыстыыллар.

Үлэһит киһи кэлэр көлүөнэлэрин туһугар олоҕун олорор. Оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үчүгэй, киһилии майгыга, үлэни-хамнаһы сатыырга, кыайарга үөрэтэр. Олох, дьон-аймах сайдыыны ситиһиилэрин сокуона алларааттан өрө, ол аата дьадаҥыттан байыы диэки хайысхаланан сайдан иһэр. Үлэлии-хамсыы үөрэнииттэн, тулуурдаах, дьулуурдаах буолууттан үлэһит дьон кэлэр көлүөнэлэрэ байан-тайан тахсыахтарын сөп.

Үлэһит дьон оҕолоро тулуурдаах, барыны-бары кыайыыга дьулуурдаах, санаабыт санааларын ситиһиигэ дьүккүөрдээх, үлэни-хамнаһы кыайар буола улааталлар. Саха үлэһит дьоно «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһоонун тутуһан оҕолорун иитэллэриттэн, үөрэтэллэриттэн үчүгэйгэ тардыһар баҕа санаалара өссө күүһүрэн, хаһан баҕарар ситиһэр кыахтара элбээн иһэр.

Үлэһит дьон өйдөрө-санаалара аһара баайдар өйдөрүн-санааларын кытта хайа да өттүнэн сөп түбэспэттэр. Хата үгүс өрүттэринэн утарыта турар хайысхалаахтар. Дьадаҥы уонна аһара баай дьон өйдөрө-санаалара былыр-былыргыттан сөп түбэспэттэрин туоһутунан бэйэ-бэйэлэрин кытта аймахтыы буолан холбоспотторун былыргыны суруйааччылар уонна аҕа иккиэн атыны, тиэрэни, тус-туспаны этэн үөрэттэхтэринэ, оҕолоро хайаларын да үөрэҕин ылыммат буолар уратылааҕын, быстах майгыланан хааларын оччолортон учуоттууллар, аахсаллар эбит.

Былыр-былыргыттан саха омук баайа баайыгар, дьадаҥыта дьадаҥытыгар наардаан эр ойох буолаллара. Дьадаҥы киһи уола баай киһи кыыһын ойох ылбат, баай киһи кыыһа дьадаҥы киһи уолугар эргэ тахсыбат. Өскө баай киһи кыыһа дьадаҥы киһи уолугар эргэ таҕыстаҕына, эбэтэр баай киһи уола дьадаҥы киһи кыыһын ойох ыллаҕына, улахан үөҕүүгэ, сиилээһиҥҥэ, хоһулааһыҥҥа сылдьар. Саамай былыр улуу баайдар түһүмэхтээх уруу диэн тэрийэллэрэ үһү. Онно ат сүүрдүүлээх, күөн көрсөр бөҕөстөрдөөх, быһый дьоннордоох уонна мүһэ былдьаһыыта диэн икки өттүттэн тардыһар күүстээх киһилээх буолаллар. Дьадаҥы ыал уруутугар баайдар, орто баайдар букатын сылдьыбаттар. (1,54-55).

4. Ортоку баай дьон. Үлэлээн-хамсаан, бары кыахтарын туһанан ортоку баайыылаах үлэһит дьонтон үүнэн, сайдан, баайы-малы мунньунан өрө тахсан иһэллэр. Сайдыы-үүнүү диэки тардыһар баҕа санаалара ордук күүстээх. Үчүгэйи, саҥаны булан олоххо киллэрэннэр өссө байан, тупсан иһиэхтэрин баҕараллар, ол туһугар үлэлииллэр. Үгүстэрэ урукку олохторун үөрэхтэрин, үгэстэрин умнубакка тутуһа сылдьааччылар. Бэйэлэригэр туһалааҕын биллэхтэринэ араас сиэри-туому тутуһа сатыыллар. Дьон-аймах доруобай, эрчимнээх соҕус өттүлэрэ, сайдыыны-үүнүүнү ситиһиигэ, үлэни сайыннарыыга сирдээччилэрэ барыларыттан 10 эбэтэр 15 бырыһыаннарын ылаллар.

5. Аһара баайдар. Ханнык да сиэри-туому, итэҕэли билиммэт дьон, сокуоннары бэйэлэрин тустарыгар суруттарыахтарын баҕара саныыллар. Бу дьоҥҥо, биһиги эрэ баарбыт диэн өйдөбүл олус дириҥник иҥэр. Атын дьону барыларын аанньа ахтыбаттар, бэйэлэригэр туһаны оҥорооччуларынан эрэ ааттыыллар. Дьон ахсааннарыттан 5 эбэтэр 10 бырыһыаннарын ылыахтарын сөп. Аһара баай дьоҥҥо үҥэр таҥаралара диэн суох. Кинилэр таҥаралара харчы, баай буолар. Дьадаҥы дьоҥҥо кыра, быстах баҕаларын толордохторуна, сиэртибэлэри, көмөлөрү оҥордохторуна бэйэлэрэ дьадаҥы дьоҥҥо тэҥнээтэххэ таҥара курдук буолан хаалаллар. Туһанар дьон аһара арбаатахтарына бэйэлэрэ даҕаны таҥара курдук сананарга түргэнник үөрэнэллэр. Сорох дьадаҥы дьоҥҥо ону-маны бэристэхтэринэ, кырдьык кинилэри абырыыр, көрөр-истэр, харыстыыр таҥараларын курдук сананаллар, бары баҕаларын толорор кыахтаах курдук көстөллөр.

Бэйэлэрэ ханнык да таҥараны итэҕэйбэт эрээрилэр кыра, дьадаҥы дьоҥҥо үчүгэй курдук көстөөрүлэр, ханнык эрэ, бэйэлэригэр туһалаах таҥараны итэҕэйэр курдук тутталлар.

Ааспыт «социализм» кэмигэр коммунистар дьону барыларын тэҥнэр диэн сымыйа үөрэҕи быһаччы тутуһаннар бары дьону үгүс ахсааннаах ортоку баайыылаах үлэһиттэргэ тэҥнии сатаабыттара. Ол түмүгэр сайдыы-үүнүү диэки күүскэ тардыһыылаах, саҥаны, ситиһиини оҥоро сатыыр дьон бэртэрин туоратан, хаайталаан, суох оҥортоон кэбиһэннэр сайдыыны ситиспэт, хаалан хаалыы, «застой», най барыы кэмэ тиийэн кэлбитэ.

Оҕону үөрэтиигэ баай киһи аһара баран иһэр. Оҕотун аһара маанылыыр, атаахтатар. Тугу да оҥорорун барытын Халлаан хабарҕатынан, муора тобугунан» иитиилээх киһи буола улаатар, баайынан киэптээһин, «Мин дуо?» дэнии өйө-санаата кыра эрдэҕиттэн иҥэриллэр.

Атаах оҕо өйүгэр-санаатыгар «Мин тугу баҕарар оҥорорум көҥүл» диэн өйдөбүл киирэн олохсуйар. Ийэтэ, аҕата оҕолоро тугу оҥорорун көрбөтөхтөрүнэ, куһаҕаны оҥорорун бопсубатахтарына- хаайбатахтарына, көннөрбөтөхтөрүнэ тугу талбытын оҥороро эбиллэн иһэр, онно эбии тугу көрдөөбүтүн барытын булан биэрэн истэхтэринэ туох өйүгэр түспүтүн барытын көрдөөн, булларан иһэргэ үөрэнэр.

Маннык иитиилээх оҕо улаатан истэҕинэ бу өйө-санаата дириҥээн, кэҥээн иһэр. Тугу барытын оҥоро үөрэммитэ үчүгэйи да куһаҕаны да арааран билбэтигэр тириэрдэр, ол иһин хайатын баҕарар элбэхтик оҥорор киһиэхэ кубулуйар. Kуһаҕан быһыыны оҥоруу ордук чэпчэки, алдьатар оҥорор буолбатах, быһаара, сыаналыы сатаабакка, эрэйэ суох оҥоруллар буолан оҕо үгүстүк куһаҕаны оҥоруу диэки салаллан хаалыан сөп. Ким да буойан тохтоппотуттан куһаҕаны оҥороро эбиллэн иһэр.

Куһаҕаны оҥорбутун кэнниттэн төрөппүтэ өйдөтөн мөҥөрүн, аны маннык быһыыны оҥорума диэн этэрин оннугар көмүскэстэҕинэ, харыстастаҕына, өссө оннук быһыыны оҥороро эбиллэр. Тугу да оҥордохпуна төрөппүтүм көмүскүө диэн өйдөбүл дириҥник иҥэн, олохсуйан хаалыыта куһаҕан быһыыта элбииригэр тириэрдэр.

Сахалар былыргы баайдара оҕолорун иитэллэригэр уустуктар баалларын билинэн бастакы оҕолорун дьадаҥыларга биэрэн ииттэрэн ылаллар эбит. Ыал улахан оҕотун дьадаҥы ыалга ииттэрии атын оҕолорун өйдөрүгэр-санааларыгар дьайыытын В.Ксенофонтов дакаастаабыт. Кини улахан оҕотун Г.В.Ксенофонтовы дьадаҥы ыалга ииттэрэн, киһилии майгылаах буоларын ситиспитин таһынан атын оҕолоро убайдарын үтүктэннэр бары киһи быһыылаах, олоҕу табатык сыаналыыр, дьон бары тэҥник, үчүгэйдик олороллорун туһугар олохторун да харыстаабакка охсуһар буола улааппыттар. (2,16).

Биллэр баай, улуус быыбарынай кулубатын уола Сэһэн Боло улаатыар диэри эмиэ дьадаҥы таайдарыгар иитиллибитэ. (3,4). Кини үлэһит дьоҥҥо иитиллибитэ, кинилэр курдук санааламмыта үгүс үлэлэриттэн биллэр.

2000 сыл алта ыйыгар сакаастанан оҥоруллубут 249 өлөрүүлэртэн 9 эрэ арыллыбыт, 1999 сыл аҥарыгар 289 өлөрүү буолбутуттан 11 эрэ арыллыбыт. Милиция үлэһиттэрэ бу сакаастаан өлөрүүлэр туох тэриллэринэн оҥоруллубуттарын сиһилии үөрэтэллэр. Арай хайа дьону, тоҕо сакаастаан өлөрөллөрүн үөрэтэ сатаабаттар. Бу өлөрүллүбүт дьон бары кэриэтэ улахан баайдар, араас бас билии көрүҥнэрин бас билээччилэр эбиттэр. Ити өлөрүүлэр дойдуга бас билиини, баайы үллэстии билигин да бара турарын биир биллэр бэлиэтинэн буолаллар. (4,10). Байыыттан дьон олохторо кылгыырын, быстах быһыыларга түбэһиилэрэ элбиирин ити быһаарыы эмиэ дакаастыыр.

Россия олохтоохторун өйдөрө-санаалара икки аҥы хайдыһыылара салҕанан баран иһэр. Аһара баай дьон элбээн иһиилэрэ үгүс үлэһиттэр быста дьадайан барыыларын үөскэтэр. Мунньуллубут баайы сатаан туһаныы государство олоҕун туруктаах оҥорор. Олус элбэх баай биир быстах өйдөөх-санаалаах киһи илиитигэр киирэн хаалар куттала, туохха, үчүгэйгэ дуу, куһаҕаҥҥа дуу туһаныллара биллибэтэ үлэһит дьон, баайы-малы оҥорооччулар олохторун туруга суох оҥорор. (5, 57).

Туһаныллыбыт литература

1. Г.Е.Федоров, Н.Ф.Егоров. Сэргэ төрдүгэр сэһэн. Үһүйээннэр. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1991.- 160 с.

2. А.Н.Дьячкова. Г.В.Ксенофонтов: ученый и обшественно-политический деятель. Якутск: Изд-во Якутского университета, 2000.- 203 с.

3. Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо. Дьо-куускай: Нац. кн. изд-во «Бичик», 1994.- 352 с.

4. «Кыым» хаһыат. «Мнение. RU», 15 ноября 2001 г. N 10.

5. Каженкин И.И. Үлэ - олох үөрэҕэ. - Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. - 100 с.

Өссө маны көр