Атаах оҕо

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Атаах оҕо диэн кыра эрдэҕинэ киһи быһыылаах буолууга иитиллибэтэх оҕо ааттанар.

Ийэ кутун иитиитэ табыллыбатах, хайа эрэ өттүгэр халыйбыт иитиилээх оҕону сахалар атаах диэн туспа арааран ааттыыллар. Оҕону кыра эрдэҕинэ, бэйэтэ өйдөөбөт кэмигэр аһара маанылыыр, бэлэмҥэ үөрэтэр, атаахтатар куһаҕан, бэлэмҥэ үөрэммит майгылаах, тулуура суох буола улаатарыгар тириэрдэр диэн сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарар уонна оҕону атаах буолуутугар тириэрдии төрөппүттэриттэн быһаччы тутулуктанан тус-туспа арахсалларын быһаарар:

А/. Ыал биир оҕолоох буоллаҕына бэлэмҥэ үөрэтэллэрэ элбэҕинэн атаах буола улаатыан сөп.

Б/. Аҥардас дьахтар оҕотун иитиитэ аҥар, дьахтар диэки өттүгэр халыйарынан атаах буолуон сөп.

В/. Элбэх оҕолоох ыалтан кыра оҕолоро бары көрөн-истэн бэлэмҥэ үөрэтэллэриттэн атаах соҕус буола улаатыан сөп.

Билигин олохпут сайдыылаах диэн ааттанар буолбутун кэннэ ыаллар бары биир эмэ оҕолонор буолуулара уонна аҥардас дьахталлар оҕолонон хаалыылара элбээһинэ оҕолор атаах буола иитиллэллэрин үөскэтэрэ элбээтэ. Аныгы оҕолор кыра да тулуурдара суох, бэйэлэрин тохтотунар кыахтара олус аҕыйаҕыттан, араас быстах быһыыга киирэн биэриилэрэ, аһара туттунуулары оҥороллоро элбээбитэ кыра эрдэхтэринэ атаах буола иитиллибиттэринэн быһаарыллар.

Атаах оҕо сүрүн уратытынан куруук бэлэмҥэ үөрэммитэ, элбэхтик минньигэһи сиэбитэ, киһиргээбитэ, мааныламмыта үгэс буолан олохсуйан, иҥэн хаалыыта буолар. Атаах буола иитиллии киһи улаатан баран олоҕу олороругар улахан уустуктары үөскэтэрин иһин куһаҕаҥҥа үөрэниигэ, куһаҕан майгыга киирсэр. Биир оҕо атаах буола улаатан хааллаҕына олоҕун кыайан олорбокко аймахтары эһиэн сөп. (1,27).

Оҕо улаатан истэҕинэ улаатарыгар туһалаах астарынан аһатыы төрөппүттэртэн ирдэнэр көрдөбүл буолар. Араас амтана минньигэс астары оҕо кыра эрдэҕинэ сиэбэтэҕинэ даҕаны туга да итэҕэстийбэккэ эрэ улаатыан сөп. Хата минньигэһи, саахардааҕы букатын да сиэбэтэҕинэ тиистэрэ ыарыы буолбаккалар бэйэтэ ордук абыраныан, доруобуйата бөҕө буоларыгар олук буолуон сөп. Кыра оҕону минньигэһинэн, саахардааҕынан аһаппакка, сөбүлээн көрөн хааччахтааһын бэйэтигэр улахан туһалаах буолар.

Олох сайдыыта диэни сыыһа саныырбытыттан, минньигэс ас элбээбитинэн туһанан оҕону хатаҕалааһын куһаҕаҥҥа тириэрдэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ тииһэ ыалдьара олус ыараханнык эмтэнэр, өйүгэр-санаатыгар буортуну, халыйыыны үөскэтиэн сөп.

Урукку, ыраахтааҕы саҕанааҕы кэмҥэ олох кытаанаҕа, ыарахана оҕо иитиитигэр быһаччы дьайан, дьадаҥылар, үлэһиттэр оҕолоро кыра эрдэхтэриттэн үлэлии үөрэнэннэр оҕолор атаах буола иитиллэллэрэ төрдүттэн суох этэ. Арай аһара байбыт аҕыйах баайдар эрэ оҕолорун аһара атаахтатан кэбиһэллэриттэн тугу да үлэлээбэттэрэ, арыгыһыт, хаартыһыт буолаллара, олохторо кылгыыра былыргыны суруйуулартан биллэллэр.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр үлэһиттэр олохторо көнөн, тупсан иһиититтэн, дьон бары үлэлииллэриттэн, сөп буолар хамнастаммыттарыттан оҕолорун иитэллэрэ кэлин, “Барыта оҕолор тустарыгар” диэн ыҥырыынан доҕуһуолланан, барыларын кэриэтэ атаахтатыыга кубулуйбута. Өй-санаа үөрэҕин суох оҥорбуттарынан туһанан уонна туох барыта үчүгэй буолла, оҕо төрөөтөр эрэ киһи буолар диэн албыҥҥа киллэрэннэр, барыны-бары оҕо туһугар диэн ааттааннар аһара бэлэмҥэ үөрэппиттэрэ, аҥардастыы үөрэхтээх эрэ дьон оҥороору үлэҕэ-хамнаска үөрэтэллэрин бырахпыттара.

Атаах буола иитиллибит оҕо өйө-санаата туруга суоҕуттан араас быстах быһыыга, сыыһа-халты туттунууга түбэһэрэ элбэҕиттэн олоҕо кылгыырын сахалар бары билэллэр. Омоҕой Баай мааны, атаах кыыһа бэйэтигэр тиийинэрэ биллэрэр. Кыыс оҕолору атаахтатыы, аһара маанылааһын, көҥүллэринэн ыытыы аймах, омук эстиитигэр тириэрдэрэ былыргы кэпсээммитигэр быһаччы быһаарыллар.

Уол оҕо кыра соҕус атаахтык иитиллибитэ аймахтар сайдыыларыгар кыра куһаҕаны, ордук уолга бэйэтигэр оҥорор буоллаҕына, аһара атаах кыыс оҕо төрөтөр оҕотун кыайан киһи быһыылаахтык ииппэккэ аймахтарга, омукка туох да туһаны оҥорбот кыахтанар.

Билигин үөрэх-билии сайдыбытынан төрөппүттэр оҕону сахалыы кут-сүр үөрэҕин туһанан аһара атаахтаппакка көрөллөрө-истэллэрэ, иитэллэрэ-үөрэтэллэрэ эрэйиллэр кэмэ кэлэн турар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ араастаан атаахтыыра, ону-маны көрдүүрэ, иллэҥ, оҕотун көрүүнэн эрэ дьарыктанар төрөппүккэ үчүгэй курдук. Биир эмэ оҕолоох буолуу, бу санааны аһара күүһүрдэн кэбиһэриттэн оҕо бары баҕатын тук курдук толорон иһии олохсуйан хаалыан сөп. Арай оҕо улаатан истэҕинэ итинник майгына иҥэн, олохсуйан хааллаҕына, куруук бэлэмҥэ үөрэнэн, ону-маны көрдүүрэ улаатан, элбээн хааллаҕына, төрөппүт санааҕа ылларара дьэ киириэн сөп.

Оҕо улаатан ону-маны көрдүүрэ киирэн истэҕинэ тугу эмэ көрдүүрүн кытта тута ылан биэрэ охсубатахха, бэлэм барыта олус түргэнник кэлэригэр үөрэнэн хаалара суох буолан, атаах киһиэхэ кубулуйара тохтуо этэ. Аан маҥнай бу ылан биэрииттэн туох туһа тахсарын ырытан көрөн баран, кэнники биирдэ биэриэххэ эбэтэр бэйэтигэр ыларга үөрэттэххэ, аан маҥнай бэйэтэ ону-маны оҥорорго үөрэниэ этэ. Ону тэҥэ бэйэтигэр ону-маны булууга ыҥырар баҕа санааны үөскэтинэрэ кэлин бэйэтэ ситиһиини оҥороругар тириэрдиэн сөп.

Биир эмэ оҕону кыайан ииппэккэ, атаахтатан, маанылаан кэбиһэн баран улааппытын кэннэ эрэйи көрөр төрөппүттэр билигин элбэхтэр. Олох сайынна, бары барыта баар, дэлэй буолла диэн сыыһа санааҕа киирии оҕону атаахтык иитэргэ тириэрдэр.

Барыны бары үтүктэ, батыһа үөрэнии аһара баран атыттартан кыратык да хаалсымаары оҕолору атаахтатан иитэллэр. Ол ыал оҕолоругар ылбыттар, биһиги туох итэҕэстээхпитий диэн санаа баһыйарынан, аны хаалсымаары оҕо бары баҕатын ханнара, толоро сатааһын, бэлэмҥэ үөрэниитигэр тириэрдэр.

«Атаах оҕо арыгыһыт буолар» диэн этиини дириҥник сыаналаан олоххо туһаныы эрэйиллэр. Атаах оҕо бэйэтин этин-сиинин баҕатын кыаммат, туттуммат буола улаатарынан арыгы иһэр, чаллайар, киһиргиир баҕатын кыаммакка арыгыһыт буолар кыахтанар.

Киһиэхэ эт-сиин баҕата диэн эмиэ баар. Уол оҕо улаатан этэ-сиинэ ситтэҕинэ ол баҕата улаатан, атын аҥарын көрдүүрэ күүһүрэр. Уол тулуурдаах, өһөс буоллаҕына, этин-сиинин баҕатын кыана туттунан киһи быһыылаахтык, аһара туттубакка эрэ сылдьыан сөп. Билигин кыра кыргыттарга саба түһэр эр дьон элбээтилэр диэн этэллэр. Кинилэр атаах буола улаатаннар эттэрин-сииннэрин баҕатын чахчы кыамматтарын ити оҥорор ыар быһыылара биллэрэр.

Кыыс оҕо олус эрдэ дьахтарга кубулуйуута баҕа санаата аһара баран сайдарыгар, элбэх эр дьону боруобалыырыгар тириэрдиэн сөбө куһаҕаны, кэргэн тахсыбатын элбэтиэн сөп. Эр дьон кэргэн ылалларыгар биир талан ылар ньымаларынан атын эр киһилиин сылдьыспатаҕын ордук сыаналыыллар.

Билигин өй-санаа сэбиэскэй былаас токурутууларыттан арахсан, босхолонон урукку ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы, туруктаах кэмигэр, төттөрү төннө сатыыр, туому бары тутуһар этилэр, сахалар ахсааннара биллэрдик эбиллэн испитэ, ыар буруйу оҥоруу диэн букатын да суоҕа.

Ол кэмҥэ ыал буолуу сиэрэ-туома былыргылыытынан, энньэлээх уонна халыымнаах ыытыллара, ол аата тапталлаахтар холбоһон ыал буолуулара баайынан-малынан хааччыллан, кэргэнниилэр арахсыылара диэн отой аҕыйаҕа. Кыыс оҕо аан маҥнайгы баҕа санаатынан тэҥнээҕин булунан эргэ тахсыы буоларын таба сыаналыыллара, эдэр сааһыгар эргэ тахсарын ситиһэллэрэ.

Урукку кэмҥэ кыыс оҕо эр киһиэхэ баҕата эргэ тахсыбытын кэнниттэн сайдан, күүһүрэр этэ. Дьахталлар оҕоломмуттарын кэнниттэн баҕалара ордук улаатан иһэр. Дьахтар этин-сиинин баҕа санаатын оҕо баһа эрэ ыган, тэнитэн толору ханнарар кыахтаах.

Билигин, сайдыылаах олох кэлэн кыыс оҕо диэн тыл хаалар кутталлаах. Бобуу, хаайыы аҕыйаан, сиэри-туому тутуспат буолуу элбээн уонна «айыы үчүгэй» диэн сыыһа үөрэх дьайыытыттан аныгы оҕолор аан маҥнайгы боруобалаһыыны кыахтара тиийэр эрэ буоллар оҥорор кыахтаннылар. Ол иһин кыргыттары эдэр дьахталлар солбуйдулар.

Оҕону кыра эрдэҕинэ аһара атаахтатыы өйүн-санаатын туруга суох оҥорон этин-сиинин баҕатын кыайан кыана туттубат оҥорор. Бу баҕа санаа сайдыыта эдэрдэр боруобалаһыыларын олус эрдэ оҥороллоругар тириэрдэр буолла, саастарын ситэ илик эдэр ийэлэр элбээн иһэллэр.

“Айыы үчүгэй”, “айыыны оҥор” диэн үөрэх ити куһаҕан майгы урутаан сайдыытыгар тириэрдэрин билигин да үгүстэр табан өйдүү иликтэр. Оҕо саҥаны айа, айыыны оҥоро сатыыр санаатыгар аан маҥнайгы боруобалаһыыны кыахтаннар эрэ оҥоро сатыыра куһаҕан быһыыны элбэтэр.

Оҕо уонна улахан киһи өйдөрө-санаалара уратыларын таба өйдөөн туһамматтан, оҕоҕо куттара хаһан уонна хайдах үөскүүлэрин билбэттэн оҕону иитии таҥнары өттүттэн, улахан дьону үтүктүүттэн кэлэн иһэр. Ийэ кут сайдыытын үөрэтии бу таҥнары барбыт үөрэҕи көннөрүүгэ туһалыыр. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун киһи быһыытыгар, бэрээдэктээх буолууга иитии аан бастаан иһиэ этэ.

Өй-санаа сайдыыта хойутаан иһэр. Киһи оҥорбут быһыытыттан өй ылан, өйө-санаата сайдар. Сэбиэскэй былаас өйү-санааны токуруппута билигин да батыһан иһээччилэр баалларыттан уонна оччотооҕу учууталлар, учуонайдар уларыйа иликтэринэн кыайан хаалбакка, өссө да көммөккө сылдьар.

Атаах оҕо өйүн-санаатын үөрэтии аныгы сайдыылаах, үөрэх-билии тарҕаммыт, баай-мал элбээбит кэмигэр ордук улахан суолталанна. Олох сайдан, тупсан иһиитэ төрөппүттэр оҕолорун маанылыылларын, киэргэтэллэрин улаатыннаран, бары араас баҕаларын толорон иһэллэриттэн атаах буола улааталларын элбэтэр буолла.

Атаах буола улаатыыттан оҕоҕо үөскүүр өй-санаа уратылара манныктар:

1. Бэлэмҥэ үөрэнэр. Төрөппүттэрэ кыра эрдэҕиттэн бары баҕатын тук курдук толорон иһэллэриттэн аһара бэлэмҥэ үөрэнэн, онно өйөнөн хаалан, бэйэтэ оҥороро-тутара аҕыйыыр.

2. Бэйэмсэх. Барыны-бары булан талан оҕоҕо анаан аҕалан иһэллэриттэн аһара бэйэмсэх, барыта миэнэ эрэ диэн өйгө-санааҕа иитиллэр.

3. Аһара мааны. Туох үчүгэй, саҥа көстүбүтүнэн төрөппүттэрэ хааччыйан иһиилэриттэн саҥаны, үчүгэйи эккирэтэр санаата аһара улаатар, араас буолар-буолбат саҥаны айыылары оҥоро сатыыра сыыһа буолара элбиир.

4. Атаах оҕо өйө-санаата туруга суох буолар. Барыта-бары көрдөөтөҕүн аайы баар буолан иһэригэр үөрэнэн тулуура, дьулуура суох буола улаатар.

5. Атаах оҕо өйө-санаата түктэри диэн сахалар этэллэр. Баҕа санаата туолбатаҕына, туга эмэ табыллыбатаҕына атынынан ситиһэр, иэстэһэр санаата киһи быһыытын аһара барар, куһаҕаны оҥоруута сиэргэ баппат кыахтанар. Атаах кыыс оннооҕор иитэн, үөрэтэн улаатыннарбыт төрөппүт аҕатын ол-бу куһаҕан суолга барытыгар күтүрээн интернеккэ суруйара итини дакаастыыр.

Атаах диэн ийэ кута киһилии быһыыга, бэрээдэктээх, тулуурдаах буолууга иитиллибэтэх оҕо, киһи ааттанар. Өй-санаа бу уратытын сахалар олус былыргы кэмнэртэн ыла билэн олохторугар, оҕону иитэллэригэр туһаналлар. (2,95).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. - Дьокуускай: Бичик, 2004. - 128 с.

2. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. - Дьокуускай: РГ "MEDIA+", 2017. - 156 с.

Өссө маны көр