Аһыкай нэһилиэгэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Аһыкай нэһилиэгэ (1824—1951) — Марха уонна кэлин Үөһээ Бүлүү улуустарыгар киирэ сылдьыбыт суох буолбут нэһилиэк.

Уруккута

I, II Дьаарханнар, I, I Бордоҥнор, I, II Үөдүгэйдэр, Чочу, Нам, Өргүөт, Боотулуу, Мэйик, Үөдэй уонна Хаҥалас. Тыалыкы.
1859 сыллаахха Аһыкайга 168 балаҕаҥҥа 164 эр киһи, 187 дьахтар, барыта 351 киһи тарҕанан олорбут. кинилэр 1114 сылгыны, 229 көлүүр оҕуһу, 1009 ыанар ынах сүөһүнү, барыта 3101 сүөһүнү иитэн олорбуттар. Ол аата биир улахан киһиэхэ тиксэринэн 12,3 сүөһүнү иитэр эбиттэр. Ону сэргэ 147 буут ньэчимиэн бурдугу үүннэрбиттэр, 80 сүөһүнү атыылаабыттар, 90 сүөһүнү айахтарыгар сиэбиттэр.[1] Маны таһынан олохтоохтор тимири уһаарыынан кыайа хото дьарыктаналларын туһунан Р. Маак суруйар. Ол курдук 1860 сыллаахха Аһыкайдар 100 буут тимири уһаарбыттара ыйыллыбыт.

Сэбиэскэй кэмҥэ

Сэбиэскэй былаас кэмигэр 1926 с. биэрэпис түмүгүнэн 347 киһи, о.и. 172 эр киһи, 175 дьахтар баар эбит. Холбоһуктааһын кэмигэр бастаан Аллараа Аһыкайга Сээҥээбигэ «Трактор», оттон Үөһээ Аһыкайга Үҥкүр Күөлгэ «Кыһыл үүнүү» колхозтар утуу-субуу 1931, 1937 сылларга тэриллибиттэр. Аҕа дойду сэриитин иннинэ «Тракторга» Никодимов С. И., «Кыһыл үүнүүгэ» Павлов А. П. председателлээбиттэр. «Трактор» колхоз Үөһээ Бүлүү улууһугар бастакынан тэриллибит колхоз буолар. Бу колхозка барыта 30-тан тахса хаһаайыстыба холбоспута.

Кривогорницын С. С. — Марха улууһун кулубата

Семен Семенович Кривогорницын Марха улууһугар кулубалаабыта биллэр. Бэрт толуу киһи эбит: 130-ча киилэ ыйааһыннаах, үрдүгэ 2 миэтэрэни эрэ кыайбат бөдөҥ киһи эбит. Аһыкайга олохсуйан олорбут. Дьоно уол кыра эрдэҕинэ Уус-Алдантан 80-ча сүөһүлээх от сии диэн сут дьыл көһөн кэлбиттэр. Кулубалыыр кэмигэр Мархаҕа оскуола туттарбыт. Бу дойдуга аан бастаан хоруу диэни хастарбыт. Кулуһуннаахтан Куонааҥҥа диэри 1,5 км хорууну хастарбыт. Кулуһуннаах күөлү уолбалатан баран күүлэй тэрийбит. Барыта 25 бастыҥ охсооччу, 15 олоччох охсооччу (олоччох диэн кытыы, быстах сирдэри охсор, мөлтөх охсооччу ааттанар) кыттыбыт. 1905 сыллаахха Кривогорницыҥҥа Өксөкүлээх Өлөксөй кэлэ сылдьыбыт. Өксөкүлээх Өлөксөй үс сэргэни туруоран, кэлэ сылдьыбыт сылын, кириэһин бэйэтэ оҥорон биэрбит. 1905 сыллаахха кулубалыырыттан уурайан Оҥхойго көспүт.

Быһаарыылар

  1. Р. Маак «Вилюйский округ»