Тимири уһаарыы

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Тимири уһаарар тэрилтэҕэ

Тимири уһаарыы (нууч. металлургия) — металы промышленноска ылыы ньымаларын туһунан наука. Аан дойду үрдүнэн билиҥҥи кэмҥэ металлары хара уонна өҥнөөх металлар диэн араараллар.

Хара металлар

Тимир уонна кини уһаарбаларын киллэрэллэр. Тимир сүрүн уһаарбалара чугуун уонна ыстаал.

Чугуун — 1,7% углеродтаах, кремнийи, марганеһы таһынан дуона суох сиэрэлээх уонна фосфордаах тимир уһаарбата.

Ыстаал — 0,1-2% углеродтаах, дуона суох кремний, марганец, фосфор уонна сиэрэ булкаастаах тимир уһаарбата.

Өҥнөөх металлар

Тимир уонна кини уһаарбаларыттан ураты металлар уонна ол металлар уһаарбалара киирэллэр. Өҥнөөх металлартан оҥоһуллуутунан, туттуллуутунан бастакы миэстэҕэ алюминий уонна кини уһаарбалара, иккискэ алтан турар. Алтан электричествоны аһарымтыата үрдүгүнэн, коррозияҕа бэриммэтинэн, үчүгэйдик уулларан кутуу ньымата туттулларынан электропровод, электротехника уонна химия араас аппаратуратын оҥорорго туһаныллар. Өҥнөөх металлар: алтан, свинец, цинк, хорҕолдьун, никель, алюминий, титан, магний.

Металлолом

Металлолом (тимир лом) - араас тимир бөҕү түмэр уопсай аата (тимир оҥоһук туһатыгар кэлбит) иккис металлургическай циклгэ утилизацияламмакка турар. Үксүн металл көмүһэ аналлаах сиригэр оҥоһуллубут тимир бөҕү утилизациялыыр эбэтэр утилизациялыыр анал концентрацияланар.

Металлому переработкалааһын олус экономическай уонна экологическай суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, аан дойду индустриальнай сайдыыта уонна металл промышленность эйгэтигэр тардыллыбыт металл кээмэйин учуоттаатахха, металл кээмэйэ сыыһа- халты элбээбитэ ырылыччы көстөр. Бу балаһыанньаттан сиэттэрэн үгүс дойдуларга металы переработкалыыр кыамталар бааллар.

Металлолому барытын туһаҕа таһаарыы сүрүн стимула уонна барыһа:

  • металларга нагрузкалары аҕыйатыы (билиҥҥи кэмҥэ күүскэ бараммыт);
  • экологическай быһыы- майгы тупсуута;
  • уматык кээмэйин аҕыйатыы;
  • глобальнай кээмэйгэ металл аралдьыйыыта уонна тарҕаныыта аҕыйааһына.

Быһаарыылар