Афшардар
Ааттара
Афшар диэн аат аан маҥнай XII үйэтээҕи Маһмуд ал-Кашгари диэн тыл үөрэхтээҕэ суруйбут "Диван лугат ат-турк" кинигэҕэ ахтыллар. XIV үйэтээҕи перс энциклопедиһа Рашид ад-Дин "Дьами ат-Таварих" диэн үлэтигэр оҕустар номохторун суруйбут. Ол номохторго этиллэринэн афшар бииһин төрүччүтэ Афшар-хаан, Оҕус-хаан сиэнэ буолар. "Афшар" диэн "бэрэниилээх", "истигэн" диэн суолталаах[8]. Рашид ад-Дин суруйбут "Оҕус-намэ" диэн кинигэҕэ этиллибитинэн "афшар" аат "сымса булчут" диэн суолталаах[9]. Абу-л-Гази этэринэн "афшар" диэн "үлэҕэ сыыдам" киһини ааттыыллар.
Афшардар XIII—XIV үйэлэргэ Орто Азияттан Арҕааҥҥы Азияҕа көһөн барбыттар[10].
Афшардар
Тыллара
Афшар тыла ханнык бөлөххө киирэрин туһунан биир кэлим санаа суох. Сорох чинчийээччилэр афшар тылын түүр тыллар оҕус бөлөҕөр туспа тыл быһыытынан кииллэрэллэр[11][12]. Атын тыл үөрэхтээхтэрэ афшар тыл буолбакка азербайдьан тылын диалега дииллэр[13][14][15][16][17][18][19][20]. Афшардар бэйэлэрэ тылларынан азери диэн ааттыыллар[21][22]. Бу тыл (диалект) Ирааҥҥа уонна Афганистааҥҥа тарҕаммыт.
Олорор сирдэрэ
Афшардар Туркменистааҥҥа, Ираан Азербайдьаныгар, Ираан хоту өттүгэр, Турцияҕа Азербайдьаҥҥа (Агдьэбэд оройуонугар), Афганистааҥҥа (Кабул куорат таһыгар) олороллор. 1960-с сылларга афшардар ахсааннара 350 тыһ. тахса киһи этэ[1].
Итэҕэллэрэ
Афшардар ислам итэҕэллээхтэр, сүрүннээн шииттэр. Туркмен афшардара ислам итэҕэлин суннит салаатын ылыммыттар.
Олохторо-дьаһахтара
Ирааҥҥа баар Кэрман куорат таһыгар олоро афшардар көс олохтоохтор. Сүрүннээн хой иитэллэр
Аҕа уустар
Афшар улахан аҕа уустара: алплу, арашлу, бекешлу, гүндүзлү, имирлү, көсэ ахмедлу, папалу, касемлу, кэрэклү уонна кирклу[8].
Афшардартан төрүттээх ыраахтааҕылар аҕа уустара
Афшардартан шах, хаан уонна бэк буолбут аҕа уустар бааллар. Ол курдук холобут маннык:
- Афшаридтар — Ирааҥҥа 1736—1750 сылларга ыраахтааҕы аҕа ууһа.
- Караманидтар — Арҕааҥҥа Азия соҕуруу өттүгэр дойдуланан олорбут аҕа ууһа.
- Дьаванширдар — Карабах хааннарын аҕа ууһа.
- Ашурбековтар — Баку таһыгар олорбут улахан уонна баай бэк аҕа ууһа.
- Гермийаногуллары
- Ирааҥҥа баар Урмия диэн сир хааннара
- Зенгидтэр — Мосул уонна Левант атабэктэрэ.