Андреев Николай Михайлович
Андреев Николай Михайлович — Түгүнүүрэп (1905—1928) — саха прозаига.
1905 сыллаахха Сунтаар улууһугар төрөөбүт. Дьокуускайдааҕы педагогическай техникумҥа үөрэммитэ, айымньыларын «Кыым» хаһыакка уонна «Чолбон» сурунаалга бэчээттээн саҕалаабыта. 1928 с. «Кэпсээннэр» диэн хомуурунньуга тахсыбыта. Ол сыл кэскиллээх суруйааччы олоҕо быстыбыта.
1960 сыллаахха биир томнаах талыллыбыт айымньылар хомуурунньуга тахсыбыта. Бу хомуурунньукка суруйааччы кэпсээннэрэ, ситэритэ суох сэһэнэ, хоһоонноро уонна пьесата киирбиттэрэ.
Кинигэлэр
- Талыллыбыт айымньылар. Кэпсээннэр, сэhэн, пьеса, хоhооннор. — Дьокуускай, 1960, 1985.