FIFA
Девиhа | For the Good of The Game | |
---|---|---|
Тэриллиитэ | Ыам ыйын 21, 1904 | |
Көрүҥэ | Спорт федерацията | |
Салалтата | Цүрих, Швейцария | |
Кыттааччылара | 208 | |
Ил тыллара | Президент | Зепп Блаттер |
Fédération internationale de football association (Зепп Блаттер. FIFA футбол сүрүн омуктар икки ардыларынааҕы турнирдарын тэрийэр уонна салайар, олортон ордук бэлиэ буолар Футбол аан дойдутааҕы кууба.
FIFA'ҕа 208 кыттааччы ассоциация киирэр.
Историята
Футбол аан дойдутааҕы салайар тэрилтэтэ баар буоларын наадата XX үйэ саҥатыгар, оонньуу аан дойду үрдүнэн киэҥник тарҕаныыта саҕаламмытын кэннэ үөскээбит. FIFA Робер Герен буолбута.
FIFA бастакы омуктар икки ардыларынааҕы күрэхтэhиитин 1906 с. ыыппыта. Аныгыскы ордук ситиhиилээх турнирынан Лондоннааҕы сайыҥҥы Олимпия оонньуулара буолбуттара.
FIFAҕа Соҕуруу Африка, Аргентина уонна Чили, Канада уонна АХШ футбол салайар тэрилтэлэрэ кыттыыларын кэнниттэн FIFA Эуропа кэриҥиттэн тахсыбыта. Иккис аан дойду сэриитин кэнниттэн FIFA сайдыытын саҥа таhыма саҕаланар. Бары континеннарга FIFA салайар футбол конфедерациялара тэриллибиттэрэ. Билигин FIFA глобал футбол түмсүүтэ буолар.
Структурата
FIFA Швейцария сиэрдэрин тутуhар.
FIFA үрдүкү органынан буолар FIFA конгреhа. Бу орган хас биирдии кыттааччы ассоциация көрдөрөөччүлэриттэн тэриллэр мунньах. Конгресс сылга биирдэ мунньахтыыр. Конгресс эрэ FIFA статуттарын уларытар кыахтаах.
Конгресс FIFA президенын, сүрүн сэкэрэтээрин уо.д.а. FIFA ситэриилээх комитетын кыттааччыларын талар. Президент уонна сүрүн сэкэрэтээр FIFA тутаах сололоохторо буолаллар уонна тэрилтэ күннээҕи салалтатын толороллор. FIFA сүрүн секретариатыгар 280 кыттааччы баар.
FIFA ситэриилээх комитета Конгресс интервалларыгар тэрилтэ тутаах уураах таhаарар органа буолар. FIFA аан дойдутааҕы тэрийэр структуратыгар өссө хас да атын органнар киирэллэр, кинилэр Ситэриилээх комитет салалтатыгар бааллар эбэтэр Конгреhынан тэриллэллэр. Олор ахсааннарыгар Үп комитета, Дисциплинар комитет, Дьүүллээччи комитет уо.д.а.
Хас биирдии континеҥҥа эбэтэр аан дойду регионугар FIFA статуттарынан үлэлиир конфедерациялар бааллар, кинилэр хас биирдиилэрэ бэйэлэрин континеннарыгар эбэтэр регионнарыгар футболунан салайаллар. Ил ассоциациялар хамаандалара FIFA күрэхтэhиилэригэр кытталларын иhин, FIFA уонна бэйэлэрин континеннааҕы эбэтэр регионнааҕы конфедерацияларын кыттааччылара буолуохтаахтар:
- AFC — Азия уонна Аустралия
- CAF — Африка
- CONCACAF — Хоту уонна Орто Америка
- CONMEBOL — Соҕуруу Америка
- OFC — Океания
- UEFA — Эуропа.
Сорох дойдулар Эуропа уонна Азия чэрчилэригэр сытар буоланнар, хайа конфедерацияҕа кытталларын быhаарарга тиийбиттэрэ. Ол курдук, Арассыыйа, Түркийэ, Кипр, Эрмээн Сирэ, Азербайдьан уонна Грузия сорох өттүлэрэ Азияҕа сытар буолбутун да иhин, UEFA кыттыылаахтара буолбуттара. Исраил сирэ бүтүннүүтэ Азияҕа баар эрээри, Азия футбол конфедерациятын (AFC) элбэх араб уонна мусулмаан дойдулара кини футбол хамаандатын уонунан сыллар устата бойкоттаабыттарыттан сылтаан, 1994 c. UEFA'ҕа кыттыспыта. Казахстан AFC'ттан UEFA'ҕа 2002 с. көспүтэ. Аустралия OFC'ттан AFC'ҕа тохсунньу 2006 с. көспүтэ.
Гайана уонна Суринам Соҕуруу Америка дойдулара эрээрилэр, бастакыттан CONCACAF кыттааччылара.
FIFA ыытар турнирдара
Эр дьон турнирдара
- FIFA Аан дойдутааҕы Кууба
- FIFA U-20 Аан дойдутааҕы Кууба
- FIFA U-17 Аан дойдутааҕы Кууба
- FIFA Конфедерациялар Кууптара
- FIFA Кулууптар Аан дойдутааҕы Кууптара
- FIFA Футзал Аан дойдутааҕы Кууба
- FIFA Пляж футболун Аан дойдутааҕы Кууба
- Blue Stars / FIFA Youth Cup
Дьахтар турнирдара
- FIFA Дьахталлар Аан дойдутааҕы Кууптара
- FIFA U-20 Дьахталлар Аан дойдутааҕы Кууптара
- FIFA U-17 Дьахталлар Аан дойдутааҕы Кууптара
Спонсордара
Бу компаниялар FIFA спонсордара:
Литература
- Paul Darby, Africa, Football and Fifa: Politics, Colonialism and Resistance (Sport in the Global Society), Frank Cass Publishers 2002, ISBN 0-7146-8029-X
- John Sugden, FIFA and the Contest For World Football, Polity Press 1998, ISBN 0-7456-1661-5
- Jim Trecker, Charles Miers, J. Brett Whitesell, ed., Women's Soccer: The Game and the Fifa World Cup, Universe 2000, Revised Edition, ISBN 0-7893-0527-5
Тас сигэлэр
Бу хампаанньа уонна тэрилтэ туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |
Бу күөн-күрэскэ сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |