1634 сыл

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сыллар
1630 1631 1632 1633 — 1634 — 1635 1636 1637 1638
Уоннуу сыллар
1600-с 1610-с 1620-с — 1630-с — 1640-с 1650-с 1660-с
Үйэлэр
XVI үйэ — XVII үйэXVIII үйэ

1634 сыл.

Түбэлтэлэр

Бүлүү куората төрүттэммит.


  • Тохсунньу 5 — Нам улууһугар 600-1000 саха боотура Өлүөнэ остуруогун төгүрүйээри тоҕуоруспуттарыгар атаман Иван Галкин 47 аттаах хаһааҕы кытары саба түспүт. Сахалар бастаан оҕунан ытыалыыллар, онтон үҥүүлээх уонна батыйалаах аттаах дьонунан сырыһыннаран кимэн киирэллэр. Манна 40-ча киһилэрин сүтэрэллэр. Бу сэриигэ Откурай диэн сахалар биир тойонноро ыараханнык бааһырар. Хаһаахтар аттарын барытын сүтэрэллэр, элбэх хаһаах ол иһигэр Иван Галкин бэйэтэ бааһыраллар. Кыргыһыы түмүгэр хаһаахтар остуруокка куоталлар. Сахалар остуруогу төгүрүйэллэр, уонна икки ый кэриҥэ кими да киллэрбэккэ да, таһаарбакка да сыталлар. Остуруокка сытар дьоҥҥо аччыктааһын буолар, бэринэллэрэ эбэтэр хоргуйан өлөллөрө аҕыйах хонук хаалбытын кэннэ олунньу бүтүүтүгэр сахалар тоҕо эрэ баран хаалаллар.
  • Тохсунньу 9Сахалар Өлүөнэ остуруогун төгүрүйбүттэр, олунньу 28 күнүгэр дылы оннук олорон баран бороҕоннор уонна хаҥаластар тыл тылларыгар киирсибэккэ баран хаалбыттар.

Төрөөбүттэр

Өссө маны көр: Категория:1634 сыллаахха төрөөбүттэр

Өлбүттэр

Өссө маны көр: Категория:1634 сыллаахха өлбүттэр