Ыччат күнэ (Арассыыйа)
Ыччат күнэ (Арассыыйа) | |
---|---|
Көрүҥэ | Официальнай бырааһынньык |
Атыннык | Эдэрдэр күннэрэ |
Олохтоммут | Арассыыйа президенэ Борис Ельцин |
Бэлиэтэнэр | Арассыыйа |
Дата | бэс ыйын 27 1993 сыл |
Бэлиэтээһин | 2023 сыллаахха диэри сыл аайы этэ |
Сиэрдэр | концертар, митиннар, фестивалдар, конференциялар, акциялар |
Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр |
Ыччат күнэ (Арассыыйа) — национальнай бырааһынньыга, 1993 сылтан Арассыыйаҕа сыл аайы сайын бэс ый 27 күнүгэр бэлиэтэнэрэ[1], 2023 сылтан саҕалаат Арассыыйа Федерациятын Президенэ Владимир Путин ыам ый 2 күнүн № 132-рп «О Дне молодежи» ыйааҕынан, бэс ый тиһэх суббуотатыгар көһөрүллүбүт[2].
Бу бырааһынньык устуоруйата 1958 сыл олунньу 7 күнүгэр ССРС Үөһээ Сэбиэт Президиумын «Сэбиэскэй ыччат Күнүн тургутуутун туһунан» Ыйааҕынан «Сэбиэскэй ыччат күнэ» баар буолбут, бэс ый тиһэх баскыһыанньатыгар билиэтэнэрэ.
1993 сыл бэс ый 24 күнүгэр ССРС ыһылыммытыгар, Арассыыйа Федерациятын ыччаты кытта үлэлилиир Судаарыстыбыннай комитет уонна ыччат уонна оҕо түмсүүлэрин Национальнай Сэбиэт соруйууларынан Арассыыйа бастакы президенэ Б.Н. Ельцин N 459-рп «Ыччат күнүн бэлиэтиири туһунан» ыйааҕы биэрэр, ыйааҕынан бу бырааһынньык бэс ый 27 күнүгэр бэлиэтэниэхтээх эбит.