Шибан улууһа
Шибан улууһа – Алтан Ордуу биир улууһа, Бату хаан Дьүчи улууһун биистэринэн араартаабытыгар үөскээбитэ. Алтан Ордуу Улуу Кэхтиитин кэмигэр (нууч.: Великая Замятня) Шибан улууһа киин былаастан тутулуга суох буолбута.
Улуус сирэ
Шибан улууһун сирэ билиҥҥи Казахстаан илиҥҥи өттүгэр уонна Арҕаа Сибииргэ баар этэ. Арҕаа Сибииргэ Тайбуҕа сурда диэн ааттаах кэрэиттэр дойдулара үөскээбитэ. Шибан улууһун киин куората Сарайчик этэ. Шибан улууһа уонна ону тэҥэ Орда-Ежэн улууһа Алтан Ордуу илиҥҥи аҥара буолаллар.
Алтан Ордуу илиҥҥи аҥарын өссө Күөх Ордуу диэн ааттыллар, ол эрээри былыргы суруктарга Күөх Ордуу (Көк Орда) уонна Маҥан Ордуу (Ак Орда) диэн өйдөбүллэр буккуллар буоланнар, билиҥҥи чинчийээччилэр бу икки дойду бэйэ-бэйэлэриттэн уратыларын чопчу кыайан быһаарар кыахтара суох. Арассыыйа чинчийээччилэрэ үгэс быһыытынан былыргы нуучча сурукатыргар олоҕураллар. Ол кинигэлэргэ Күөх Ордуу (Көк Орда) диэн Алтан Ордуу илиҥҥи аҥара ааттанар. Б. Д. Греков, А. Ю. Якубовскай[1] уонна Г. А. Федоров-Давыдов[2] саныылларынан Күөх Ордуу Маҥан Ордууттан (Алтан Ордуу арҕааҥы аҥара) тутулуктаах этэ, тоҕо диэтэр Маҥан Ордуу хааннара Бату убайын Орда Ежэн сыдьааннара этилэр.
Улуус баһылыктара
Абулҕази Шибан улууһун баһылыктарын уонна баһылыктаабыт сылларын суруйан хаалларбыт[3]:
- Шибан (1243 сылтан ылата)
- Бахадур-оглан (1266—1280 сылларга)
- Дьучи-Бука (1280—1310 сылларга)
- Бадакул-оҕлан (1310 сыл кэнниттэн)
- Менгу-Тимур (до 1359 сылгар диэри)
- Пулад-Тимур (1359—1367 сылларга)
- Ибраһим уонна Арааб-шаһ тэҥҥэ
- Туглук-хадьи
- Тимур-шейх
- Ядигер
Эбии көр
Быһаарыылар
- ↑ Греков Б. Д., Якубовский А. Ю. Золотая Орда и её падение. — М., Л.: Издательство АН СССР, 1950.
- ↑ Федоров-Давыдов Г.А. Общественный строй Золотой Орды. М.: МГУ, 1973 с 40-50
- Абулгази Часть Осьмая, Содержащая историю о Шейбани-Хане, сыне Чучи-Хановом, и о его потомках, которые государствовали в земле Ма-Уреннерской, в Крыме, и в земле Туране // Родословная история о татарах. — СПб.: Императорская Академия Наук, 1768. — Т. 2. — С. 121-142. — 480 с. — 1,512 экз.
Литература
- Большая советская энциклопедия. Т. 3. — М.: Изд-во «Совет. энц.», 1970.
- Парунин А. В. Политическая эволюция улуса Шибана во второй половине XIV – первой четверти XV вв. // XV Сулеймановские чтения: материалы Всероссийской научно-практической конференции (Тюмень, 17-18 мая 2012 года) : сборник. — Тюмень: ТюмГУ, 2012. — С. 131-136.
- Татарская энциклопедия. Т. 1. — Казань: Ин-т тат. энц., 2002.
- А. Кузембайулы, Е. Адиль. История Республики Казахстан, — Астана, 2002 г.