Холбоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэрин судаарыстыбаннай сулууспатын күнэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Холбоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэрин судаарыстыбаннай сулууспатын күнэ (тылларынан: араб. يوم الأمم المتحدة للخدمة العامة, исп. Día de la Administración Pública de las Naciones Unidas, нууч. День государственной службы Организации Объединённых Наций, фр. Journée des Nations Unies pour la fonction publique) — сыл ахсын бэс ыйын 23 күнүгэр 2003 сыллаахтан саҕалаан бэлиэтэнэр.

Устуоруйата

Холбоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэрин судаарыстыбаннай сулууспатын күнүн бэлиэтиир туһунан быһаарыныы ХНТ Генеральнай Ассамблеятын 57-с сиэссийэтигэр ылыныллыбыта (Резолюция № A/RES/57/277, кулун тутар 7, 2003 сыл). Бу резоляюцияҕа этиллэринэн аан дойду уонна судаарыстыбалар таһымнарыгар дьайыылаах аһаҕас салайыы соруктары ситиһэргэ сүрүн оруолу ылар.

Генеральная Ассамблея бэйэтин 60-с ссиэссийэтигэр ХНТ 60/34 резолюциятыгар бу күнү көдьүүстээхтик туһанар туһунан эппитэ. Генеральная Ассамблея ХНТ чилиэннэрэ судаарыстыбаларга ыҥырыы таһаарбыта — бу күн анаан тэрээһиннэри ыытыҥ, ХНТ салалтатын сайдыыга туһуламмыт үлэтин дьоҥҥо көрдөрүҥ диэн.

Эбии көр

  • Холбоһуктаах Наассыйалар тэрилтэлэрин күнэ
  • Холбоһуктаах Наассыйалар эйэни хааччыйар күүстэрин күнэ

Сигэлэр