Төрүн
Төрүн диэн парламент, конгресс. Бу дьаһахтыыр органнарга талыллыбыт политиктар куомуннаах олохтоохтор бүтүн талыыларга талаллар. Аныгы дойдуларга төрүн хайдах үлэлиэхтээҕэ Төрүн баһылыктааһына баар буолуохтаах. Бу өйдөбүлү былыргы грек философа киһи көҥүллэрэ харыстаналлар, диктатура буолара буойуллар.
Төрүн хайдах дьайыахтааҕа дьаһахтарга суруллар. Дьаһах хомуура Төрүннэтээһини) толорор органнар - полиция, хааччахтыыр тутумта. Кинилэр төрүн сиэрдэрин тутуспат дьону араастык салык, хаайыы) кыахтаахтар. Төрүнү юриспруденция билимэ үөрэтэр. Төрүн идэлээх киһи юрист дэнэр. Юрист идэлэрэ - дьүүлдьүт, прокурор, адвокат, нотариус. Төрүн омук култуура, итэҕэл, дьиэ кэргэн, түмэт үгэстэриттэн төрүттэнэр. Ведалар, Биибилийэ, Коран курдук итэҕэл битиктэрэ төрүн биир сүрүн төрүттэрэ буолаллар.
Төрүн өc
Былыргы түүрүк тыла: törün, törüg, töre (төрүүр, төрөтөр, төрүт), салгыы суолтата "дьаһах, үгэс". Моҕол тылын дүрэм (dürem, “сиэр”) өһө манна чугас.
Төрүн үөскээһинэ
Бары омуктарга төрүн сайдыытын историята икки кэрдиистээх: Үгэс төрүн уонна Суруллубут төрүн.
Үгэс төрүн төрүттэрэ: саҥарар тыл, номохтор, өc хоhоонноро, уҥуох суруктар, мэҥэ таастар, битик таастар.
Суруллубут төрүн төрүттэрэ: дьаhахтар, дьаhах хомуурдара (уус-уран литература, юриспруденция үлэлэрэ, төрүн докумуоннара.
Түүрүк омуктар былыргы ордук биллиилээх төрүн төрүттээх мэҥэликтэрэ:
- Талас суруктара
- Судьа битигэ
- Алтун йарук
- Codex Cumanicus
- Хуастванифт
- Ырх Битиг
- Ыhык суруга
- Енисей суруктара
- Бугут суруга
- Эртис суруга
- Күл Тыгын битик тааhа
- Билгэ Хаан битик тааhа
- Күли Чора суруга
- Харсахпай суруга
- Орхон суруга
- Тоньукук суруктара
- Онги суруга
Төрүн чинчилэрэ
Төрүн үөрэхтээхтэрэ бу ордук биллэр төрүн чинчилэрин бэлиэтииллэр:
- Нормалааһыннаах (Төрүн бүтүн быһыы-майгы сиэрдэрин бигэргэтэр);
- Бүтүн булгулаах (Төрүн бука барыларга булгуччу дьайыылаах);
- Ил мэктэбиллээх (Төрүн ил күһэйиитин дьаһалларыгар тирэхтэнэр);
- Өй-дьулуур майгылаах (Төрүн дьон дьулуурун уонна төйүн көрдөрөр);
- Халыыптаммыт быһаарыылаах (Төрүн нормалара сорумдьу халыыптаахтар);
- Тутумталааһыннаах (Төрүн иһиттэн дьүөрэлээх сурумнаах механизм).
Төрүн тутумталара
- Континентал төрүн
- Бүтүн төрүн
- Социалист төрүн
- Итэҕэл төрүнэ
Төрүн тосхоллоро
- Төрүн баһылыктааһына
- Төрүн төрүттэрэ
- Төрүн нормата
- Төрүннээх ил
- Киһи көҥүллэрэ
- Дьүүллэбил
- Биилик арахсыыта
- Дьүүллүүр биилик
- Дьаһахтыыр биилик
- Дьайар биилик
Төрүн институттара
- Дьүүл
- Сэбилэниилээх күүстэр
- Полиция
- Хаайыы
- Бюрократия
- Куомун түмэт
Төрүн салаалара
- Иллэрдээҕи төрүн
- Конституция төрүнэ
- Салалта төрүнэ
- Куомун төрүнэ
- Буруй төрүнэ
- Кэтэх төрүн
- Түмэт төрүнэ
- Сөбүлэҥ
- Деликт
- Баай төрүнэ
- Прецедент төрүнэ
- Эрэмньи төрүнэ
- Статут төрүнэ
- Үлэ төрүнэ