Курултай

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Курултаай (башкирдар, казахтар, киргизтэр, Крым татаардара, татар, тувинецтар, алтайдар) бэрэстэбиитэлистибэтэ, Дьобуруоба дойдуларын парламеннарын курдук, бас-көс дьон судаарыстыба улахан суолталаах боппуруостарын быһаарарга анаммыт мунньаҕа, түмсүүтэ (холобур, Башкортостан Өрөспүүбүлүкэтин Курултаайа).

Монгуол курултаайа

Курултаай диэн өйдөбүл норуот бүттүүн түмсүүтүн быһыытынан Чингисхан монгуол биис-уустарын биир омук гына түмпүтүн кэннэ, ХII-ХIII үйэлэртэн, туттуллар буолбута. Ити тыл аан бастаан "Сокровенное сказание монголов" суруйуу 282-с парагравар "Yeke Qurilta" диэн ахтыллар (аныгы монгуол тыл. их хуралдай; өйдөбүлэ: Улуу курултаай).[1] Ясаҕа, ол эбэтэр Чингисхан ыйаахтарын кинигэтигэр, курултаайга олус улахан суолта ууруллар.

  • 1206 — Онон өрүс төрдүнээҕи курултаай, онно Темучин Чингисхан буолбута, эмиэ онно Их Монгол Улс (Монгуол Улуу Судаарыстыбата) тэриллибитэ.
  • 1229 — курултаай, манна Угэдэй ханынан талыллыбыта. Цзинь ипмпиэрийэни ситэри баһылыыр туһунан быһаарыы ылыныллыбыта.
  • 1235 — судаарыстыба тас бэлиитикэтин быһаарарга ыҥырыллыбыт курултаай. Корёлары; булгардары, половцевтары уонна Руһу утары сэриигэ турар быһаарыллыбыта; Соҕуруу Кытайы утары (Сун); Аан Илиҥҥэ эбии сэриилэри ыытар туһунан.
  • 1246 — Угэдэй өлбүтүн кэннэ, Гуюк хан буолуохтааҕа; ол эрээри кини биитэ Батый курултаайга барартан батыммыт, онон курултаай үс сыл буолбакка туран баран, кэлин Батыйа суох тэриллибит. Бу биир саамай баай-талым курултаай буолбут уонна биир саамай интэриэһинэйэ диэн, онно үгүс судаарыстыба салайааччытын ортотугар, нуучча улуу кинээһэ Ярослав Всеволодович уонна омук бэрэстэбиитэлэ Плано Карпини баара.

Курултаай диэн тыл өйдөбүлүн, ис хоһоонун Иран ильхана Ахмед Текудер (12821284) Египет султаана Сайф ад-дину Калаунуга маннык суруйбута баар: «Мы созвали у себя курултай, то есть собрание, в котором излагаются мнения всех братьев, детей, важных эмиров, военачальников и ленных офицеров» (эмир диэн манна кини судаарыстыба сололоохторун туһунан эппит).

Түүр норуоттарын улахан курултаайа

  • I — 2007 сыллаахха Казахстаҥҥа.
  • II — 2008 сыллаахха Венгрияҕа.
  • III — 2010 сыллаахха Венгрияҕа.
  • IV — 2012 сыллаахха Венгрияҕа.
  • V — 2014 сыллаахха Венгрияҕа.
  • VI — 2018 сыллаахха Венгрияҕа.

Өссө көр

  • Народный Хурал Республики Бурятия
  • Великий государственный хурал
  • Народный Хурал Республики Калмыкия
  • Курултай крымскотатарского народа
  • Курултай Республики Башкортостан
  • Всемирный курултай башкир
  • Всемирный курултай казахов
  • Йыйын
  • Эл Курултай Республики Алтай

Бэлиэтээһиннэр

  1. Сокровенное сказание монголов - Перевод С.А.Козина Написано...во время происходившего там Великого сейма - Хурил.

Сигэлэр