Түмэн (аат)

Түмэн (нууч. Тумэн) — сахалыы уол, эр киһи аата.

Суолтата

Багдарыын Сүлбэ быһаарыытынан, Түмэн — былыргы аат. «Түмэн» диэн тылтан үөскээбит, «түмэр, холбуур» диэн суолталаах[1].

Аат күнэ-ыйа: ахсынньы 21, 22 күннэрэ[2].

Тэрис суруйбутунан, аат «түмсүү» диэн тылтан үөскээбит[3].

Саха тылын быһаарыылаах тылдьытыгар түмэн диэн тыл икки суолтата бэриллэр:

1. аат. Элбэх киһи биир сиргэ түмсүүтэ, дьон сомоҕолоһуута (нууч. Скопление, сплочение большого количества людей где-л.; единение народа)[4] 2. Даҕ. суолт. Биир сомоҕо, түмсүүлээх (нууч. Сплочёенный, хорошо организованный)[5].

Үөскээһинэ

Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьытын XI томугар (Т) түмэн диэн тыл былыргы түүр төрүттээҕэ ыйыллар[4].

Устуоруйа-лингвистика литературатыгар ыйылларынан, түмэн диэн түүр тыла «олус элбэх» диэн суолтаҕа туттуллар эбит. Монгул тылыгар бу тыл «уон тыһыынча» диэн суолталаммыт уонна байыаннай лексикаҕа «уон тыһыынчалаах сэрии чааһа» диэн суолтаҕа, онтон кэлин сир-уот холбоһугун бэлиэтииргэ туттуллар буолбут[6][7].

Бүрээттии түмэн «уон тыһыынча» уонна «үгүс, баай-талым» диэн суолталардаах[8].

Тарҕаныыта уонна көрүҥнэрэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2021 сыл түмүгүнэн Түмэн диэн аат Саха сиригэр саҥа төрөөбүт уолаттарга сэдэхтик бэриллэр ааттар тиһиктэригэр киирбит[9].

Аат тэҥ суолталаах атын көрүҥнэрэ: Түмүн, Түмүс, Түмэр, Түмэрсин, Түмсүүн[3]. Аат дьахтарга иҥэриллэр көрүҥэ суох.

Аат нууччалыы киэбинэн Тумэн, Тумен диэн суруллуон сөп.

Атын омуктарга

Бүрээтийэ уонна Монголия антропонимикаларыгар Түмэн диэн аат баар, ону таһынан Түмэн диэн олохтоох атын ааттар үөскэтиллибиттэр: Тумэнбата, Тумэнбаяр уонна Тумэнжаргал. Бу ааттар «үгүс баайдаах», «үгүс үөрүүлээх» уонна «үгүс баайдаах» диэн суолталаахтар[8][10]. Түмэ, Түмэгэ уонна Түмүүн диэн бүрээт түөлбэ тылыттын үөскээбит ааттар эмиэ бааллар[11].

Биллэр дьон

  • Тумэнь — монгуол киинэ артыыһа[12];
  • Тумэн Санжиев — Арассыыйа үтүөлээх тириэньэрэ, самбоҕа ССРС успуордун маастара[13];
  • Түмэн засагт хаан (нууч.) — XVI үйэтээҕи монгуол хаана[14].

Атын эйгэлэргэ

  • Ил Түмэн — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын аата[15];
  • Тюмень куорат аата, чинчийээччилэр биир сабаҕалааһыннарынан, түмэн диэн монгуол тылыттан үөскээбит («уон тыһыынча киһилээх сэрии чааһа» диэн суолталаах)[16].

Быһаарыылар

  1. Багдарыын Сүлбэ, 2011, с. 93
  2. Багдарыын Сүлбэ, 2011, с. 83
  3. 1 2 Тэрис, 2012, с. 32
  4. 1 2 Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта Т (X) (Слепцов П.А.) (рус.). SakhaTyla.Ru - Якутский словарь. Сигэнии күнэ: 27 Атырдьах ыйын 2026.
  5. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта Т (XI) (Слепцов П.А.) (рус.). SakhaTyla.Ru - Якутский словарь. Сигэнии күнэ: 27 Атырдьах ыйын 2026.
  6. Тюмень (рус.). Большая российская энциклопедия. Сигэнии күнэ: 27 Атырдьах ыйын 2026.
  7. [https://mongoloved.kigiran.com/jour/article/view/223/181 Состав туменов Мухали и Хасара монгольской армии в 1-й четверти XIII века] (рус.). Сигэнии күнэ: 27 Атырдьах ыйын 2026.
  8. 1 2 ТҮМЭН (рус.). Буряад юртэмсэ. Сигэнии күнэ: 27 Атырдьах ыйын 2026.
  9. Сырдыктаана, Эйгэ, Тумэн и Толлуман. Названы самые редкие якутские имена по итогам 2021 года. Сигэнии күнэ: 27 Атырдьах ыйын 2026.
  10. Бурятские имена на букву «Т» (рус.). Burlang. Сигэнии күнэ: 27 Атырдьах ыйын 2026.
  11. Митрошкина А. Г. Между живущих людей безымённым никто не бывает вовсе: словарь бурятских личных имён (рус.) (PDF). Издательство Бурятского государственного университета (2013). Сигэнии күнэ: 27 Атырдьах ыйын 2026.
  12. Тумэнь (Tumen): фильмы, биография, семья, фильмография — Кинопоиск. Кинопоиск. Сигэнии күнэ: 27 Атырдьах ыйын 2026.
  13. bazasambo. Санжиев Тумэн | ВнутриСамбо, ВнутриСамбо | База данных самбистов (1 Балаҕан ыйын 2021). Сигэнии күнэ: 27 Атырдьах ыйын 2026.
  14. Закон Хутуктай-Сэчена и особенности развития монгольского права на рубеже XVI–XVII вв. КиберЛенинка. Сигэнии күнэ: 27 Атырдьах ыйын 2026.
  15. Главная | Государственное Собрание (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) (рус.). 100yakutia.iltumen.ru. Сигэнии күнэ: 27 Атырдьах ыйын 2026.
  16. Почему Тюмень называется Тюменью: разбираем самые популярные версии наименования города, 72.ру. Сигэнии күнэ: 27 Атырдьах ыйын 2026.

Литература

  • Багдарыын Сүлбэ Аатта тал. — Дьокуускай: Бичик, 2011. — 96 с.
  • Тэрис Тэрис. Сахалыы аат. — Дьокуускай: Якутский край, 2012. — 41 с.
© Правообладателем данного материала является АНО «Интернет-энциклопедия «РУВИКИ».
Использование данного материала на других сайтах возможно только с согласия АНО «Интернет-энциклопедия «РУВИКИ».