Тор (номох)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Тор
был.-сканд. Þōrr, Þunarr
был.-ааҥ. Þunor, Þūr
был.-сакс. Þunær
был.-нидер. уонна был.-үөһ.-ниэм. Donar
прагерм. *Thunaraz
Мортен Эскиль Винге (1872 год)
этиҥ уонна чаҕылҕан таҥарата
Номох германо-скандинавская
Толкование имени этиҥ
Эр киһитэ-дьахтара эр
Аҕата Оодьун
Ийэтэ Ёрд
Бииргэ төрөөбүттэрэ Бальдр, Хёд, Хермод, Браги, Видар, Меили, Хеймдалль, Вали
Кэргэнэ Ярнсакса[d] и Сиф[d]
Оҕолоро Труд, Моди, Магни,
Связанные персонажи Локи
Связанные события Рагнарүөк
Атрибуттара Мүөлнир
Железные рукавицы
Волшебный пояс
Колесница, запряженная козлами
Төрүтэ аастар бииһэ
 Атын култуураҕа Перун, Юпитер и Таранис
Логотип РУВИКИ.Медиа Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр

Тор (был.-сканд. Þōrr, Þunarr, был.-ааҥ. Þunor, Þūr, был.-сакс. Þunær, был.-нидер. уонна был.-үөһ.-ниэм. Donar, прагерм. *Thunaraz, тылыттан тылыгар — «этиҥ») — германо-скандинав номоххо пантеону Аасгард уонна Миидгар көмускээччитэ. Кини обраһа протоиндоевропейскай таҥаралар контекстарыгар көрүллэр, тоҕо диэтэххэ дьиҥин протоиндоевроаейскай этиҥ таҥаратыттан ылар.

Германскай тылынан саҥарар регионнарга, Тор чиэһинэн нэдиэлэ күнэ ааттаммыт (чэппиэр), ааҥыллыы (ааҥл. Thursday) уонна ниэмэстии (ниэм. Donnerstag)[1].

Тор туһунан номохтор

Рагнарүөк кэмигэр Тор Дьормунгаандыр диэн Аан Дойдутааҕы моҕойу кытта кыргыһар. Абааһы төбөтүн быһан, моҕой сүлүнүгэр тимирэн хаалар.

Этимология

Былыргы ислаан тыл Þorr прагерман *thunaraz — «этиҥ» диэн тылтан тахсыбыт. Онтон был.-ааҥ. Þunor тахсыбыттар, эпентеза ньыманан швед. tordön, норв. torden -dön/-den «тыас» диэн суолталаах суффикстаахтар.

Тыллар иккиэн кельтскай taranis (ирл. tarann) диэн тылы кытта ситимнээхтэр — «этиҥ» уонна «Таранис»[2].

Рим төрүттэрэ Донары Геркулээһы кытта үкчүнэн ааҕаллара, сэдэхтик Юпитеры кытта (холобура, Тацит бэйэтин Германиятыгар)[3]. Арааһа Тор балтата Геркулээс сүлүгэһин кытта маарынныырын иһин буолуо[4].

Быһаарыылар

  1. Simek (2007:333)
  2. Калыгин В. П. Этимологический словарь кельтских теонимов.. — М.: Наука, 2006.
  3. Birley (1999:42 and 106—107).
  4. Birley (1999:107).