Аастар
Аастар (был.-сканд. эр киһи б. с. áss (ǫ́ss, ás), эл. с. æsir; дьахтар б. с. ásynja, эл. с. ásynjur) — германо-скандинавской номоххо сүрүн таҥаралар. Баһылыктара Оодьун.
Аастар дьүөтүннэргэ, бааннарга, дэбиэрдэргэ, дыыстарга, нуорнарга уонна Балкыырыйаларга утары туруоруллаллар.
Аастар уонна бааннар сэриилэрин туһунан номох эйэнэн бүтэр. Ньүөр уонна Фрейр диэн бааннар аастар аманааттара буолбуттар, онтон Хүөнүр аастартан бааннарга көспүт.
Балыс Эдда 12 эр ааһы (Оодьун, Тор, Түр, Браги, Ньүөр, Хеймдалль, Хёд, Видар, Али (эбэтэр Вали), Улль, Форсети, Локи) уонна 14 дьахтар ааһы (Фригг, Сага, Эйр, Гевьон, Фулла, Фрейя, Съёвн, Ловн, Вёр, Вер, Сүн, Хлин, Снотра, Гна) аатталыыр.
Аастар
Сигэлэр
- Общество Тротборг Архивная копия от 24 От ыйын 2019 на Wayback Machine
- Храм Одина Архивная копия от 8 Балаҕан ыйын 2009 на Wayback Machine
- Раздел, посвящённый Одину, на ulfdalir.ru Архивная копия от 29 Тохсунньу 2009 на Wayback Machine
- Asatru Art (на немецком) Архивная копия от 18 Ахсынньы 2021 на Wayback Machine