Оодьун

Оодьун эбэтэр Буотан (прагерм. *Wōđanaz или *Wōđinaz; был.-сканд. Óðinn) — ниэмэстэр убаастыбыллаах таҥаралара, герман-скандинав номохторугар үрдүкү таҥаралара, аастар аҕалара уонна баһылыктара, Буор уонна Биэстла уола, Бури сиэнэ. Валхаалла баһылыга.

Герман-скандинав номохторунан, Рагнарүөк күнүгэр Оодьуну Фиэнрир диэн бөрө өлөрүөхтээх.

Оодьун ууһа

Оодьун уонна кини ини-биилэрэ Вили уонна Вэ Буор уонна Биэстла оҕолоро. Буор Бури уола. Бурины Аудумла диэн Муспэлхэйм уотуттан уонна Нифлэхэйм тымныытыттан тахсыбыт ынах муустан салыыр. Биэстла Бөлтүөрн кыыһа. Бөлтүөрн арааһа Имиир уола. Имиир Аудумла курдук төрөөбүт[3].

Аат

Этимология

Былыргы скандинав теоним Óðinn (руунанан ᚢᚦᛁᚾ Риибэттан бас уҥуохха)[4] атын орто үйэлээҕи ниэмэс ааттарыгар аймахтыы, онно киирэр былыргы ааҥыллыы Wōden, былыргы саксоннуу Wōdan, былыргы голлаандыы Wuodan уонна былыргы үөһээ ниэмэстии Wuotan[5][6]. Бары *Wōđanaz (эбэтэр *Wōdunaz) диэн протогерманнар теонимтан тахсаллар. *Wōđanaz «иирии баһылыга» эбэтэр «иирэкилэр баһылыктар» диэн тылбаастанар. *wōđaz (иирээки, илбиһир) диэн протогерманскай даҕааһын аат уонна *-naz («иирии баһаһылыга») диэн суффикс холбоммутуттан тахсар.

Атрибуттар

Оодьун аргыстара — Хугин уонна Мунин («толкуйдуур» уонна «өйдүүр») диэн суордар уонна Гери уонна Фреки диэн бөрөлөр («иҥсэлээх» уонна «айаҕымсах»), Слэпнир (Sleipnir, «сылдьырыйар») диэн аҕыс атахтаах ат. Оодьун сэрии сэбэ — Гунгнир диэн үҥүү.

Быһаарыылар

  1. различные авторы Энциклопедический словарь (рус.) / под ред. И. Е. Андреевский, К. К. Арсеньев, Ф. Ф. ПетрушевскийСПб.: Брокгауз — Ефрон, 1907.
  2. Буре или Бури (рус.) // Энциклопедический словарь / под ред. И. Е. Андреевский, К. К. Арсеньев, Ф. Ф. ПетрушевскийСПб.: Брокгауз — Ефрон, 1891. — Т. V. — С. 21.
  3. John Lindow Norse Mythology: A Guide to the Gods, Heroes, Rituals, and Beliefs. — Oxford University Press, 2001. — С. 324 — ISBN 0-19-515382-0.
  4. Schulte, Michael (2006), The transformation of the older fuþark: Number magic, runographic or linguistic principles?, 121, с. 41–74 
  5. de Vries, 1962, p. 416; Orel, 2003, p. 469; Kroonen, 2013, p. 592
  6. W.J.J. Pijnenburg (1980), Bijdrage tot de etymologie van het oudste Nederlands, Eindhoven, hoofdstuk 7 'Dinsdag — Woensdag'