Дьүөтүннэр
Дьүөтүн (был.-сканд. Jötunn — аһастаах) — ниэмэс номоҕугар баар харамай көрүҥэ. Имир хос сиэннэрэ. Дьүөтүн Дьүөтүнхэйымҥа уонна Нифльхэйымҥа олорбуттара, күүстээхтэрэ уонна уһуннар этилэр. Аастары уонна киһилэри кытта утарсааччылара этилэр. Бу сир хотугу уонна илин кытыытыгар баар тымныы, хайалаах дойду олохтоохторо (Дьүөтүнхэйм, Уутгар), абааһы айылҕа күүстэрин бэрэстэбиитэллэрэ, аастар өстөөхтөрө. Аастар ойохторун хайдах да буоллун былдьаһа сатаабыттара — Фрейя уонна Идунн таҥаралары, кинилэр аптаах малларын — Тор балтатын, Идунн эдэртэр дьаабылакаларын, Драупнир биһилэҕин уонна да атыны. Түмүккэ, тоҥ гиганнар Оодьун салайааччылаах аастартан хотторбуттара.
Былыргы Скандинавия номохторугар (холобур, Аҕа уонна Балыс Эддалар, Локи мөккүһэ, Вафтруднир этиилэрэ, Хоһоон бала уо.д.а.) этиллэринэн, дьүөтүннэр олус хара санааларынан бэлиэтэнэллэр. Кинилэр албын уонна мындыр аастартан судургу өйдөөх-санаалаах этилэр эрээри, сорохтор (Вафтруднир, Мимир, Эгир) былыргы билиини харыстыыллар. Ол гынан баран, үксүлэрэ абааһы майгылаах этилэр (абааһылары кытта уруулаһыы, Трудгельмир элбэх төбөлөөҕө), бу дьүөтүннэр кыыл айылҕаларын бэлиэтиир. Луоки, бэйэтэ төрүтүнэн дьүөтүн , харамай буолан дьүөтүннэри уонна харамайдары кытта маарыннаһар, абааһылары уонна химералары (Фенрир, Дьормунгаандыр, Хел, Слейпнир) төрөппүтэ, элбэхтэ эр киһитэ-дьахтара иккиэннэрэ көстөрө.
Буурҕаны, хайа түһүүтүн уонна да атын айылҕа алдьархайын үөскэтэр дьүөтүннэри кытта ситимнииллэрэ.
Кэлин (скандинавтар христианствоны ылыммыттарын кэннэ) остуоруйаларга дьүөтүннэри тролдары кытта тэҥниир буолбуттара.
Хириимтурсар
Хириимтурсарбыл.-сканд. hrímþursar) — аастар иннинэ даҕаны олорбут дьүөтүннэр. Кинилэри Имир төрүппүтэ. Аастар Имиры өлөрбүттэрин кэмигэр, хириимтурсар бары өлбүттэрэ. Бэргэлмир уонна кини ойоҕо эрэ тыыннаах хаалбыттара, дьүөтүннэри төрөппүттэрэ.
Испииһэк:
- Бэргэлмир
- Бэсла — Бүөр кэргэнэ, аастар ийэлэрэ.
- Бүөлтөрүн — Бэсла аҕата.
- Имир — бастакы тыыннаах харамай.
- Скади — Тьяцци кыыһа, булчут таҥара, хайыһардьыттар көмүскээччилэрэ, Нүөрд ойоҕо.
- Тиаци — кыһыҥҥы буурҕалар тойонноро, Луоки көмөтүнэн Идуну уонна кини кыһыл көмүс дьаабылакаларын уорар, кинини Оодьун өлөрбүтэ.
- Трудгельмир — алта төбөлөөх хириимтурс, Имира уола, Бэргэлмир аҕата.
Литэрэтиирэ
- Мелетинский Е. М. Ётуны // Мифы народов мира / Гл. ред. С. А. Токарев. — М.: Советская энциклопедия, 1987. — Т. 1: А-К. — С. 437. — 671 с.
- Петрухин В. Я. Мифы древней Скандинавии. — М.: АСТ, 2010. — 464 с. — (Мифы народов мира).
Быһаарыылар
- Мифы народов мира: Энциклопедия. Электронное издание. — С. 238. M., 2008 (Советская Энциклопедия, 1980).