Дьормунгаандыр

Дьормунгаандыр (был.-сканд. Jörmungandr, [jɔ̃rmoŋgɑndr] «баараҕай күтүр»[1]), өссө Мидгарсуорум диэн ааттананар (был.-сканд. Miðgarðsormr — «Миидгар моҕойо», «Аан Дойду моҕойо»)  — скандинав номоҕуттан байҕал моҕойо, Луоки уонна Ангарабыарда үһүс уоллара[2][3]. Гириэк урабаруосын анаалага.

«Балыс Эдда» быһыытынан, Оодьун Луокиттан үс оҕону ылар — Фиэнрири, Хиэли уонна Дьормунгаандыры. Дьормунгаандыры байҕалга быраҕар. Моҕой улаатан сири курдуу ылар уонна бэйэтин кутуругар хатанар. Ол иһин «Миидгар моҕойо» эбэтэр «Аан Дойду моҕойо» диэн ааттанар буолбут. Рагнарүөк кэмигэр, Мидгарсуорум уонна Тор бэйэ-бэйэлэрин өлөртүөхтэрэ.

Быһаарыылар

  1. Simek, Rudolf; Hall, Angela (trans.) (2000). "Jǫrmungandr". Dictionary of Northern Mythology. Woodbridge, Suffolk / Rochester, New York: D.S. Brewer. p. 179. ISBN 0-85991-513-1. http://www.nordicnames.de/wiki/J%C7%ABrmungandr. 
  2. Dekirk, Ash. Dragonlore: From the Archives of the Grey School of Wizardry. — P. Jormungander, the Midgard Wurm: Career Press,, 2006. — С. 202.
  3. Wagner, W. Asgard and the Gods: The Tales and Traditions of Our Northern Ancestors. — Kessinger Publishers, 2004. — С. 54.