Тимофеев-Теплоухов Иннокентий Гурьевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Тимофеев-Теплоухов Иннокентий Гурьевич (25.05.1869—1962), аатырбыт олоҥхоһут.

Олоҕун олуктара

1869 сыл ыам ыйын 25 күнүгэр Боотур Уус улууһун Хайахсыт нэһилиэгэр (билигин Чурапчы улууһа) удьуор олоҥхоһуттар ыалларыгар төрөөбүтэ.

14 саастаах сылдьан маҥнай олоҥхону толорор. Онтон ыла биллиилээх олоҥхоһутунан ааҕыллыбыта.

1906 сыллаахха Аммаҕа этнограф Васильев В. Н. «Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур» олоҥхотун суруйбута.

1930 сыллаахха олоҥхолуурун салҕаабыта.

1941 сыллаахха Лазарев Д. П. «Эрэбил Бэргэн» олоҥхотун суруйбута. Текст архивка сытар.

1962 сыллаахха өлбүтэ.

Айымньылара

  • Образцы народной литературы якутов, записанные В. Н. Васильевым. Выпуск I. — Петроград, 1916.
  • Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур. — Дьокуускай, 1958.
  • Строптивый Кулун Куллустуур. — М., 1985.

Өссө маны көр

Ылыллыбыт сирэ

  • Энциклопедия Якутии. — Якутск, 2000.