Таабырын
Таабырын — болкулуор дьоҕус айымньыта, ханнык эмит көстүүнү дуу, тугу эмэни дуу, атыннык этэн таайтарыы.
Аан дойду араас фольклордарыгар барыларыгар кэриэтэ баар. Таабырыны таайтарарга этиллэр ыйытыыга туох эмит да маарыннаһар буолуохтаах, саха фольклоругар ханалытан этии, тыл-өс туттуутун араас өйдөбүлүнэн таабырын балыйтарыылаах буолуон сөп. Таабырын тугу эмэ туоххэ эрэ холуу, тэҥнии көрүүттэн тахсар.
Таабырын киһи (оҕо) өйө сайдарыгар эрчийэр, тулалыыр эйгэҕэ, бэйэ-бэйэтиттэн тэйиччи өйдөбүллэргэ майгынныыр өрүттэри таба көрөргө үөрэтэр.
Вацлав Серошевскай саха таабырынын "саха омугун айымньытыгар балачча көстөр оруну ылар" (нууч. играет довольно видное место в якутском народном творчестве) диэн сыаналаабыттаах.